Тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи (коррекционнай) оскуола-интэринээттэригэр «Арассыыйа норуоттара: үгэстэр уонна былыргыттан олохсуйбут абыычайдар» диэн билиини-көрүүнү хаҥатарга туһаайыллыбыт бэртээхэй уруок ыытыллыбыт. Бу бырайыагы 2013 сыллаахха А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин национальнай култуураҕа Киинэ олоххо киллэриэҕиттэн, тиһиктээхтик тэрийэн кэлбит. Тэрээһин туһунан сиһилии пресс-сулууспаттан иһитиннэрдилэр.
—Тэрээһиҥҥэ «Колымчанка» (сал.Татьяна Бандерова), «Ямские бубенцы» күн судаар дьаамсыктарын удьуордарын (сал. Ирина Стрекаловская) ансаамбыллара, дьүкээгир мелодиһа Макар Курилов, Дагестан норуотун бэрэстэбиитэлэ Арина Суюндукова, уо.д.а. кытыннылар. Маны сэргэ, национальнай култууралар Кииннэрин исписэлиистэрэ Ольга Солдатова уонна Марина Павлова нуучча норуота былыр сиэргэ-туомҥа туттар куукулаларын, араас тыастаах-уустаах музыка инструменнарын туһунан кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр.
Хас биирдии ыалдьыт национальнай таҥастаах-саптаах киирэн кэпсиирэ-ипсиирэ уонна ыллаан, үҥкүүлээн биэрэрэ, музыка инструменыгар оонньоон иһитиннэрэрэ оҕолору улаханнык сэҥээртэ. Итинэн уруок ураты сэргэх буолла, биир тыынынан барда. Оҕолор дьүкээгир тылыгар майгылыыр уруулуу тыл ханна да суоҕун, бу тыл икки көрүҥнээҕин, олор уратыларын туһунан иһиттилэр. Нуучча норуота былыр сиэргэ-туомҥа туттуллар куукулаларыгар ким да дууһата олохсуйбатын диэн сирэйэ суох оҥороллорун, оонньуурдары дьиэҕэ өрүллүбүт таҥастан суулаан баран сабынан эрийэллэрин, оҥороллоругар дьолу быһа кырыйымаары, иэдээни, ыарыыны хос тигимээри, кыптыыйы да, иннэни да туттубаттарын кэпсээбиттэрин истэн соһуйдулар, дьиктиргээтилэр. Болҕомтону тардар ураты кэпсээннэри истэн баран, оҕолор музыка инструменнарыгар оонньоон көрдүлэр.
Бу күн кинилэр Сахабыт сиригэр олорор бырааттыы, доҕордуу норуоттар тустарынан биллилэр. Төрөөбүт тыл киһи билиитин-көрүүтүн, култууратын көрдөрөрүн өйдөөтүлэр. Уруок бүтүүтүгэр СӨ норуоттарын Ассамблеятын аатыттан бэлэхтэри тутан үөрдүлэр.
Бу оскуолаҕа 2-тэн 11 кылааска диэри барыта 57 оҕо үөрэнэр. Дьиэ кэргэннии тииптээх тэриллибит интэринээт оҕолоро сайын Уус Алдан улууһугар Суоттуга лааҕырга сынньаналлар, муораҕа бараллар. Оскуолаларыгар «Саһарҕа» мода устуудьуйатыгар кыргыттар технология учууталын кытары таҥас-сап тигэллэр. Спортивнай секцияларга дьарыктанааччылар Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиилэргэ сыл ахсын бириистээх миэстэни ылаллар. Манна хомусчуттар, барабааҥҥа оонньооччулар ансаамбыллара, «Айгылаана» үҥкүү ансаамбыла бааллар, ону сэргэ, оҕолор өссө атын куруһуоктарга баран дьарыктаналлар.
Хаартыскалар: А.Е.Кулаковскай аатынан норуотар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата