Бу дьоҕус суруйуум хоту дойду олохтоохторугар туһалаах буолуо дии саныыбын. Хотуттан көтөр аал эрэ көмөтүнэн айанныыр кыахтаахпыт. Итиччэ ыраахтан Дьокуускайга дьон үксэ уоппускаҕа эбэтэр көрдөрүнэ кэлэ сатыыр.
edersaas.ru
Суол хаайтарыытын, үөрэх дьыла аһылларын саҕана көтөөччү элбэх буолар. Кыһалҕаттан, сороҕор чэпчэки билиэти да эккирэтэн, айанньыт билиэтин эрдэ атыылаһарга күһэллэр. Ол эрээри кини хантан билиэй, айана доруобуйатын туругуттан сылтаан тардыллар буолбутун. Биллэн турар, атыыласпыт билиэтэ хаалар буолбутуттан уонна төнүннэрэригэр төһө эмит харчыта көҕүрүүрүттэн ыксыыра чахчы.
Ол эрээри авиахаассаттан ылбыт билиэтиҥ сууматын толору кээмэйинэн төннөрөр кыахтааххын. Дьэ, ол сүрдээх сүүрүүлээх дьыала буоларын биир бэйэм итэҕэйэн турабын. Бастаан атыыласпыт хаассаҕар кэлэн билиэккин төннөрөрүҥ туһунан этэҕин. Хаасса үлэһитэ эйигиттэн эмтэнэ, көрдөрүнэ сылдьар балыыһаҕыттан ыспыраапка аҕаларгын ирдиир. Ол ыспыраапкаҥ толоруута анал ирдэбиллээх. Хайаан даҕаны балыыһаҥ реквизитэ (аата-суола, аадырыһа, төлөпүөнэ) толору суруллубут ыстаампалаах буолуохтаах. Ыспыраапкаҥ хаһан бэриллибитэ чопчу ыйыллыахтаах. Ыарыыҥ толору диагноһа, туох үлэһитиҥ эбэтэр ханнык оскуола үөрэнээччитэ буоларыҥ, бу балыыһаҕа хас чыыһылаттан көрдөрүнэ сылдьарыҥ туһунан суруллар. Уонна хайаан даҕаны бу эмтэнэр күннэригэр (чыыһылата ыйыллар) көтөрө көҥүллэммэтин туһунан суруллубут буолуохтаах. Маны таһынан, эмп тэрилтэтин тустаах салаатын салайааччытын, быраастарын итэҕэһэ суох 3-4 бэчээттэринэн бигэргэммит илии баттааһыннара ирдэнэр.
Хаасса ирдиир ыспыраапкатын аҕалбыт эрэ буоллаххына, билиэтиҥ сыанатын толору кээмэйинэн төнүннэрэр кыахтааххын. Онон ыспыраапкаҕын балыыһаҕа толотторон ыларгар ити ирдэбиллэринэн толорулларын этиэхтээххин уонна ыспыраапкаҕын эккирэтэн төттөрү-таары сүүрбэт курдук, бэрэбиэркэлээн ыларыҥ ордук.
Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru