БИЛИҤҤИНИ ТҮҺЭЭБИТ (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
13.08.2018
Бөлөххө киир:

Дайыыл Дайыылабыс үлэтиттэн дьиэтигэр ала түүн кэлбитэ. Дьиэлээхтэр утуйбуттара ырааппыт этэ. Билиитэҕэ турар сылаас чаанньыктан (кэргэнэ, арааһа, соторутааҕыта сыппыт) уу куттан испитэ уонна хоһугар киирэн утуйардыы оҥостубута. Ол эрээри уута кэлэн быстыбатаҕа. Туой, бүгүҥҥү күнтэн санаата арахпатаҕа. 

Кини — дойду биир кэскиллээх бөһүөлэгин баһылыга. Бүгүҥҥү күн киниэхэ уратытык ааста. Санаатыгар өр иитиэхтээбит былаана олоххо киирэрэ дьэ кэллэ. Бүгүн ол былааныгар бастакы хардыыны оҥордо. Дойду баһылыга бэйэтинэн кэлэн кини былаанын олус сөбүлээтэ уонна олоххо киллэрэргэ көмөлөһүөх буолла. Дьэ, бэрт буолбат дуо? Санаа дуоһуйуута, санаа ситиитэ диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, аны аҕыйах сылынан кураанах турар кырдалга саҥа олох салгына ил гыныаҕа, модун күүстээх техникалар тигинии-таҕыныы үлэлиэхтэрэ, дьон-сэргэ санаата да уларыйыаҕа. Сирбит баайа туһаҕа тахсара, биһигини аһатара-таҥыннарара, дьэ кэллэҕэ. Сотору кэминэн бөһүөлэкпит киһи билбэт гына тупсуоҕа. Таас суол диэтэххэ таас суол, оскуола диэтэххэ оскуола — барыта баар буолуоҕа. Бэрт да күн ааста. Чэ, бээ утуйуохха… 

Ити курдук ону-маны эргитэ саныы сытан утуйан хаалла. 

* * * 

Дайыыл арай түһээтэҕинэ уончалаах уол эбит. Хантан да кэлбитэ биллибэт бүдүгүрэ кырдьыбыт, уҥуох-тирии буолбут, сиһин уҥуоҕа тоҥхойон куччаан хаалбыт оҕонньору сиэтэ сылдьар. Иккиэн ханна эрэ баран иһэллэр. 

Аргыһа: 

— Мин ол халдьаайыга олорбут Ньыыкан оҕонньор буолабын. Кулгаахпынан да, харахпынан да бэрт бүтэҥи киһибин. Хараҕым сабыллыбыта, онон көрөр туһа суох. Арай кулгааҕым кыратык истэр. Ол иһиттэхпинэ, иннинэн сирэйдээх, иэгэйэр икки атахтаах «сайдыы да сайдыы» диир. Ол туохпут баҕайытай? Кэпсээн кулу, — диэн киниттэн көрдөһүүлээх буолла. 

Уол аан бастаан кэтэмэҕэйдээн баран, олох сүнньүн кэпсээн барда. Кини кэпсээниттэн оҕонньор тугу да өйдөөбөтө. «Бизнес», «предприниматель», «общество» диэн тыллар киниэхэ олуонатык иһилиннилэр. Эбиитин кулгааҕынан мөлтөх буолан, сороҕун сыыһа да истэр быһыылаах. 

— Бэйи эрэ, эн ити тылларгын бырах. «Пиисинэс», «уопсастыпа» наадата суох. Миэхэ уу сахалыы быһаар. Урут баай дьон диэн сыһыы муҥунан сыспай сиэллээх, алаас-алаас аайы хороҕор муостаах ыалы ааттыыллара. Бу билигин киирэн эрэр алааспытыгар Кууһума баай олорбута ээ. Ыл, көр эрэ, сүөһүтэ төһө буолбутуй? Бука, алааһы уҥуордаатаҕа, — диэт, оҕонньор харахтаах курдук алааһы эргийэ көрүтэлээтэ. 

— Суох, бу алааска туох да суох. Кураанах, — диэн уол хап-сабар хардарда. 

— Ээ, оччоҕо, били, Сынтай кырдьаҕас түүл түһээн түлээгирэн эппитинии, аан дойду сүөһүтүн барытын биир сиргэ муспут буоллахтара. Кыһыннары-сайыннары улахан балаҕан иһигэр туруохтара диэбитэ, кырдьык, туоллаҕа. Ыл, көр эрэ, сыыр быарыгар туох эмит тутуу көстөр дуо? — диэт, тайах маһын иннигэр аҕалан икки илиитинэн тайанан туран эрэ ыйытта. 

— Хотон турар, — уол чарапчылана-чарапчылана уһук хоту көрдө. 

— Ол иһин да, — оҕонньор үөрэн сэгэс гынна. 

— Хотон баар эрээри, быраҕыллыбыт. Түннүгэ-үөлэһэ аһаҕас. Дьон да, сүөһү да атаҕа үктэммэтэҕэ ырааппыт, — диэн уол эбэн эттэ. 

— Ким да сылдьыбат сирэ буолбут диигин дуу? Оо, Кууһума букатын да иэдэйбит буолбаат. Сүөһүтэ-аһа суох хайдах олорор? Үйэ уларыйан, кулут-чаҕар буолан хааллахтара дуу эбэтэр ыарыы бүтүннүү сутуйан барда дуу? Оо, иэдээникпин, доҕоор, — оҕонньор тайаҕынан сирдэтинэн иннин диэки сыҕарыйда. Ол баран иһэн тэмтэрийэн охто сыста. 

— Бай, бу туохха иҥинним? Бу сир остуол ньуурун курдук дэхси этэ дии, — оҕонньор, сүһүөҕүн булунан, тайах маһыгар өйөнөн турда. 

— Суол оҥоро сылдьаллар. Онно анаан буор хаһан ылбыт сирдэригэр турабыт, — Дайыыл оҕонньору өйүүрүн быыһыгар быһааран биэрдэ. 

— Туох даа? Аппытыгар, оҕуспутугар тугун эмиэ анал суолай? Өссө ийэ сири, саамай чэлгийэн турар үтүө сирбитин кымаахтаан ыла-ыла? 

— Суох, ат көлөҕө да, оҕуска да буолбатах. Массыына сылдьарыгар. Массыына диэн хас да аты көлүйэн ылан бииргэ айаннаппыт саҕа күүстээх, тыалы кытта тэҥҥэ сырсар түргэн тимир көлө. Атынан уончата-сүүстэ кырыммыккын биирдэ тиэйэн ылар улахан да улахан сыарҕалаах буолар өссө, — уол омунугар илиитинэн салгыны төгүрүтэн бырысыаптаах улахан массыынаны ойуулаан көрдөрдө. 

— Тугу-тугу кэпсээтиҥ буолла? Ол бэйэлээҕи маннык сири-буору алдьата сылдьаҥҥыт хайдах аһатаҕыт? Маннык хайыта тыытыллыбыт сиргэ от аны үүммэтэ чахчы. Хас да аты биирдэ көлүйбүт саҕа диигин дуу? Оччоҕо аһылыга хара баһаам буоллаҕа, — оҕонньор толкуйдуу сатаата да, ол сүдү күүстээх тимир көлөнү хараҕар кыайан ойуулаан көрбөтө. 

— Суох-суох, отунан аһаабат. Сиртэн хостоммут анал уматыгынан барар. Ол ону хостуур улахан да улахан тутуулар бааллар. Оо, харахтааҕыҥ буоллар, баараҕай тутуулары көрдөрүөм да этэ, — уол иһигэр саныы сылдьыбытын таһыгар таһаарда. 

— Көрөн да диэн, айылҕа алдьаммытын этинэн-хаанынан билэр туох үчүгэйдээх буолуой? Ыл, хата, тугу эмэ ыстыахха эрэ. Куртаҕым дэлби курулаата. Эдэр киһи, ити хара тыаҕа тугу эмэ бултаабаккын ээ. Баай Байанай Тойон Эһэбит хаһааһыттан быстан-ойдон сылдьар дьоҥҥо дук гыныаҕа. 

— Бу тыаҕа кыыл-сүөл үөскээбэтэҕэ ыраатта. Ким да бултаабат ээ, — уол соһуйбуттуу аргыһын диэки көрдө. 

— Туох даа? Ол ханна барбыттарый? Били, Сөксөкө уол тойонун этиитинэн, бу дойдуга кими да сырытыннарбат буолара. Тойоно биһигинньиктэртэн, атах-бытах дьонтон, булдун харыстыыр биир ньымата ити этэ. Онуоха дылы хара тыа дьиэлээхтэрин ханна күрэттилэр? 

— Биир дьыл баһаар баран, тыабытын имири сиэбитэ. Булт да кэлин соччо дэлэйбитэ биллибэт, — Дайыыл сири кымыстаата. 

— Оо, иэдээникпин, доҕоор. Чэ, оччоҕо эбэҕэ киирэн көмүс хатырыктаахтан бэриһиннэр уонна утахпын ханнарыахпын уута аҕалаар, — оҕонньор икки илиитинэн тайаҕар өйөнөн уолу кэтэһэрдии бэлэмнэннэ. 

Уол эппиэтэ манна да бэлэм буолла. 

— Көмүс хатырыктааҕы тутарбытыгар бэчээттээх кумааҕы наада. Эбэ уутун ыллыҥ да испэккин. Манна сүүнэ улахан тимир көлөлөр үлэлииллэр. Ол иһин уубутун ыраастаан баран биирдэ иһэбит. Чугаһынан сиртэн хостонор уу баар. Онно барыах. 

— Оо, иэдээникпин, доҕоор. Эҥини-дьүһүнү истэн эрдэхпин. Бары-барыта баранан… Сотору бэйэбит тимир күтүрбүтүгэр айахпыт иһин үлэлиирбит буолуо. Чэ, барыах. Аны кэлэн туруохпут дуо? — диэт, кырдьаҕас киһи уҥуох-тирии буолбут ытыһынан уол окумалыттан харбаата… 

* * * 

Дайыыл Дайыылабыс «һук» гынан соһуйан оронугар олоро түстэ. Омунугар илиитин тутан көрдө, сирэйин-хараҕын ньухханна. Өр дуу, өтөр дуу туох буолбутун өйдөөбөккө талбааран олордо. Тугуй бу? Түүл дуу, илэ дуу? Кырдьаҕаспыт илэ бэйэтинэн кэлэн барда дуу, кимий дуу? 

Ити санаатыттан бэйэтэ да куттанна. Эмискэ эт-этэ тымныйталаан барда, көхсүгэр эриэн үөн сыыллан эрэрин курдук буолла. Иэнэ кэдэҥнээтэ. Онтон туран куукунаҕа ааһан, чаанньыктан номнуо сойбут ууну ыймахтаата. Тымныы уу өлбөт мэҥэ уутун курдук сүрэҕин-быарын ортотунан киирэн этин-сиинин уһугуннарда. Санаата дьайҕаран син бэттэх кэллэ эрээри дьаархаммыта ааспата. Хоһугар киирэн оронугар төттөрү олордо, ойоҕун суорҕанын кичэйэн сапта уонна кэтэх тардыстан түүлүн тойоннуу сытта. 

Бэйи эрэ, ити туох түүлүн түһээн көрдүм? Кырдьаҕаспыт илэ бэйэтинэн көһүннэ буолбат дуо? Чахчы кини, атын буолуон сатаммат. Ала чуо бу түүн көстөн кэлбитэ тоҕо сүрэй? Тугу эрэ сэрэтэргэ дылы… «Сири-уоту алдьаттарыма» диир дьүһүнэ буоллаҕа дуу эбэтэр атыны этэрэ дуу? Соһуйбутум да тоҕо бэрдэй? Аата, дьахтарга дылы иэним кэдэҥнээн бэйэм да куттаммытым сүрдээх. Баҕар, кырдьаҕас үчүгэйгэ көстүбүтэ буолаарай, түүл төттөрү тойоннонооччу дии. Чэ, утуйуохха. Сарсын барыта быһаарыллыаҕа. Оо, бэрт да бэрт. Сотору саҥа сайдыылаах бөһүөлэк, онтон куорат баһылыга буолуом. Бөһүөлэкпит куорат да буолан турдаҕына, туох куһаҕана кэлиэй? Оҕолорбут, сиэннэрбит олороллоругар бары усулуобуйа барыта баар буолуоҕа. Бэрт да бэрт. Чэ, ити кэлин. Билигин утуйуохха. Утуйуохха. 

* * * 

Хараҕын симэн нухарыйан эрдэҕинэ «оо, иэдээникпин доҕоор» диэн Ньыыкан оҕонньор кыланар саҥата иһилиннэ. Дайыыл Дайыылабыс оронугар олоро түстэ. Бу түүн кини утуйбата.

Аграфена КУЗЬМИНА

Аграфена Кузьмина 2015 с. «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Оо, эдэр саас!» сиэрийэнэн тахсыбыт «Киһи сүрэҕэ бэрт чараас» диэн кэпсээннэрин хомуурунньугуттан
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0