Билиҥҥи кэмҥэ оҕону иитии уратылара

Бөлөххө киир:

Нам улууһугар И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатыгар төрөппүккэ оҕону иитии уратытын өйдөтөр уонна оҕону сахалыы сиэринэн иитиигэ, оҕо тылын сайыннарыыга, дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун үрдэтиигэ туһуламмыт “Билиҥҥи кэмҥэ оҕону иитии уратылара” диэн улуустааҕы сэминээр буолла.

edersaas.ru

Сэминээргэ 92 төрөппүт уонна учуутал  кыттыыны ылла. С.Н. Донской аатынан үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт иитиигэ кафедратын ыстаарсай преподавателэ, «Кынат» төрөппүттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин салайааччыта Г.И.Адамов, дьиэ кэргэни, ыччаты социальнай-психологическай өйүүр киин дириэктэрэ, уйулҕа үөрэҕин кандидата Н.Д.Елисеева, Дьокуускай куорат уһуйаанын логопеда, практик-психолог, Саха сиригэр маҥнайгы сертифицированнай коуч Ф.Е.Романова-Тоокой Мичийэ Эгэнтэй кыыһа, суруйааччы, суруналыыс, «Далбар Хотун» сурунаал эрэдээктэрин солбуйааччы Г.В.Нельбисова кытыннылар. Төрөппүттэри интэриэһиргэтэр дириҥ ис хоһоонноох лиэксийэлэргэ, санаа атастаһыылаах “төгүрүк остуолларга” төрөппүттэр элбэх боппуруостарыгар сөптөөх эппиэти ылан астыннылар. Сэминээри интэриэһиргээн улуус оскуолаларын социальнай педагогтара, психологтара, кылаас салайааччылара кытыннылар. Сэминээр кыттыылаахтарын оскуола дириэктэрэ Д.И.Ноговицын, улуустааҕы үөрэх дьаһалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Дь.И.Баишев, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы И.Д.Ноговицын эҕэрдэлээтилэр.
Оскуола 8-11 кылаастарын уолаттара аҕаларыгар сыһыаннарын туһунан анкетаны толордулар.

Сэминээр үс бөлөҕүнэн ыытылынна. Бастакы бөлөххө аҕалар, эр дьоннор «Эр дьон оскуолата» бырайыак уонна дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун тула кэпсэтиигэ кытыннылар. “Төгүрүк остуолу” элбэх оҕолоох аҕа, нэһилиэк дьокутааттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Е.Г.Жирков салайан ыытта. «Кынат» төрөппүттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин салайааччыта Г.И.Адамов, Нам 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын аҕаларын сүбэтин салайаааччыта Д.А.Зырянов, улуус аҕаларын сүбэтин салайааччыта М.Б.Герасимов, улуус дьокутаата В.Ю.Соловьев, оскуола урукку сылларга аҕатын сүбэтин салайааччыта Т.Т.Григорьев, Сынньалаҥ киинин салайааччыта, элбэх оҕо аҕата, эһэтэ П.В.Охлопков, нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы, икки оҕо аҕата И.Д.Ноговицын кытыннылар.


Иккис бөлөҕү биир оҕо тапталлаах ийэтэ, “Сандаара» уһуйаан педагог-психолога С.А.Ноева салайан ыытта. Манна «Чөмчүүк саас» — төрөппүт оскуолатын туһунан бэйэтин үлэтин уопутун элбэх оҕолоох ийэ А.Д.Рожина, 1 Хомустаах «Мичийээнэ» уһуйаан педагог-психолога, оҕо тылын сайыннарыыга үлэлэһиигэ «Сандаара» оҕо уһуйаанын логопеда А.В. Эверстова, элбэх оҕолоох ийэ, төрөппүт М.К.Оконешникова, Дьокуускайтан логопед Ф.Е.Романова, уйулҕа үөрэҕин хандьыдаата Н.Д.Елисеева, төрөппүттэр бэйэлэрин санааларын “төгүрүк остуол” тула атастастылар. Оҕо тылын сайыннарыыга кыра сааһыттан дьиэ кэргэнтэн үлэлэһии барыахтааҕын,  кэпсэтии, улахан киһилии  кэпсэтии баар эрэ буоллаҕына, төрөппүт оҕотун кытта дьарыгырдаҕына эрэ ситиһиллэрин тула сүрүн кэпсэтии буолла.

Үһүс бөлөх “Дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ сыһыан. Дьиэ кэргэн сыһыанын ситимин сааһыланыы”, «Саха ыалын дьолун түһэ… Олох, таптал, куһаҕан дьаллыктар…» тула кэпсэтии барда. Бөлөҕү элбэх оҕо ийэтэ, педагог Л.В.Петрова салайда. Түмүккэ, бөлөхтөр үлэлэрин билиһиннэрдилэр.
Гаврил Адамов салайар «Кынат» төрөппүттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин өттүттэн оскуола тирэх пуун буолан тэҥҥэ үлэлэһэригэр этии киирбитин биир санаанан ылыннылар.
Оҕону иитиигэ норуот педагогикатын туһанан, өбүгэбит иитэр үгэстэринэн сахалыы тыыҥҥа иитии, оҕо икки тылынан холкутук саҥарарын, оҕо тылын сайыннарар туһуттан тыыннаах кэпсэтии, истиҥ сыһыан, гаджетынан, төлөпүөнүнэн үлүһүйүүнү дьиэ кэргэнтэн саҕалаан бэрээдэктиир сөптөөҕүн, төрөппүттэргэ тоһоҕолоон өйдөтүү үлэни ыытар тоҕоостооҕун, оҕоҕо атас, доҕор, табаарыс буолуу, иитиигэ эбээ, эһээ кыттыһара оруннааҕын, туһалааҕын, ийэ, аҕа оскуолатын ситимнээхтик үлэлэтэн төрөппүттэри үөрэтии наадатын эттилэр. “Эркээйи” бырагыраама саҥалыы чочуллан тахсыбытынан, билиҥҥи кэмҥэ өй-санаа, сиэр-майгы туһунан кыыһы, уолу иитии уратытын өйдөөн, оскуолаҕа чаас быһыытынан уруоктары киллэрии наадатын туруорустулар.
«Аҕа үөрэҕэ” диэн ааттаан түөлбэ эр дьонун, уол оҕолору түмэн былааннаахтык үлэлэһэргэ сүбэлэстилэр. Аҕа күнүн өрө көтөҕүллэн бэлиэтээһини тэрийэргэ, психолог сүбэтин күннэтэ олоххо туһанар наадалааҕын, төрөппүт эппиэтинэһин үрдэтии хас биирдии дьиэ кэргэнтэн, төрөппүттэн тутулуктааҕын биир санаанан бигэргэттилэр.
Аҕа сүбэтин саҥа тыыннаан, ситимнээх үлэни оскуола эр дьонун салайыытынан ыытар наадалааҕын туруорустулар.
Бу тэрээһини ыытыыга күүс-көмө буолбут лиэктэрдэрбитигэр махтанан туран, оскуола дьаһалтатын, улуус үөрэҕириигэ салаатын аатыттан Махтал суруктар туттарылыннылар. Кэскиллээх үлэ түмүктэрдээх буолуутугар “Кынат» төрөппүттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрэ, дьиэ кэргэн – уһуйаан — оскуола бииргэ үлэлэһиитигэр күүс-көмө буолуохтарыгар эрэнэ хаалабыт.

Татьяна НИКИФОРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0