Билбэт киһигин кытта барсыма

Ааптар: 
11.01.2018
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат олохтооҕо дьахтар уоруу сиэртибэтинэн буолла. Онтугар бэйэтэ буруйдаах — саҥа билсээт, билбэт киһитигэр дьиэтигэр барсыбыт.  

edersaas.ru

Дьыала маннык буолбут: дьахтар маҕаһыыҥҥа биир киһилиин билсибит, ол киһитэ дьиэтигэр ыалдьыттата ыҥырбытыгар, тута сөбүлэспит.

Киин куорат Хабаров уулуссатыгар турар биир дьиэтин кыбартыыратыгар кэлэн, аһаабыттар-сиэбиттэр.

Арай ол кэмҥэ дьахтар кумааһынньыга, онно баар 5 тыһ. солк. харчыта сүппүттэрин өйдөөн көрбүт. Уонна киһититтэн олору төннөрөрүгэр модьуйбут. Онуоха киһитэ кыккыраччы мэлдьэһэн баран, дьахтары дьиэтиттэн холдьоҕон таһаарбыт.

Дьахтар тута полицияҕа эрийбит. Оперативниктар дьиэҕэ кэлбиттэригэр, номнуо хас да киһи мустан, аһаан чалбарыйа олороллор эбит. Уорбаланааччыны туппуттар — Өлүөхүмэттэн төрүттээх, урут хаста да сууттана сылдьыбыт 27 саастаах киһи эбит.

Бу чахчынан РФ Холуобунай кодесатын 158-с ыст. 2-с чааһынан холуобунай дьыала тэриллибит. Уорбаланааччы дьону быстах тутар сиргэ (ИВС) хаайыллыбыт.

Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0