Ол-бу кафеҕа, эрэстэрээҥҥэ, түүҥҥү саататар-аралдьытар кулууптарга саҥа билсибит киһигин дьиэҕэр ыҥырар-ыалдьыттатар сэрэхтээх. Буолаары буолан, аһыы утаҕы хото иһэн баран.
Ол курдук, Ленскэй полициятын дьуһуурунай чааһыгар 50 саастаах дьахтар эрийэн, кыбартыыратыттан кыһыл көмүс сыапачкатын уорбуттарын туһунан иһитиннэрбит. Кини быһаарбытынан, ити күн иннинээҕи киэһэ кафеҕа биир киһилиин билсибит, ол саҥа билсиилээҕин дьиэтигэр ыалдьыттата ыҥырбыт.
Дьиэҕэ кэлэн, билсиһиилэрин буоларын курдук, итирдэр утаҕынан бэлиэтээбиттэр. Онтон дьахтар киһитин дьиэтигэр атааран баран көрбүтэ — 40 тыһыынча солкуобай сыаналаах көмүс киэргэлэ мэлигир.
Суһал-ирдиир тэрээһиннэр кэмигэр оперативниктар уорууга уорбаланааччыны туппуттар — Бурятияттан төрүттээх 33 саастаах киһи эбит. Уорбут сыапачкатын 11 тыһыынчаҕа батарбыт.
Уорбаланааччы билиммитинэн, сыапачка тахсар аан таһыгар тумбочкаҕа «миигин ыл даа» диэбиттии бу сытар эбит, ону өр саарыы барбакка, уктан тахсыбыт.
«Уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибит. Уоруйах 5 сылга диэри болдьоххо көҥүлэ быһыллыан сөп.
Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн