Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр Павел Семенов диэн 11 кылаас үөрэнээччитэ ас астаан дьиэҕэ тиэрдэн биэрэр өҥөтүн оҥорбута номнуо иккис сылыгар барбыт. Павеллаах бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр. Соҕотох ийэ оҕолоро. Икки улахан оҕолор номнуо үлэһит буолбуттар, онон Павел ийэтигэр төһүү күүс буолан, дохуот киллэрсэр сүрүн киһи.
-Павел, бэйэҥ тускунан билиһиннэр.
— Мин Горнай улууһун Афанасий Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 11 кылааһыгар үөрэнэбин. Сөбүлүүр биридимиэттэрбинэн математика, информатика уонна физика буолаллар. Ийэм аата Саргылаана Николаевна диэн, ОДьКХ сүрүн экэнэмииһинэн үлэлиир. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр түөрпүт. Убайым уонна эдьиийим улахаттар, үлэһиттэр. Быраатым Ваня 8 кылааска үөрэнэр. Ийэм наһаа асчыт. Мин киниэхэ ас астаһан куруук көмөлөһөбүн.
— Бэйэ дьарыктаах буолуу туһунан хантан билэн бу биисинэскэ ылсарга быһаарыммыккыный?
— Биирдэ тэлэбиисэргэ «Саҥа күн» биэриигэ бэйэ дьарыктаах буолуу (самозанятай ) туһунан көрбүтүм, тоҕо эрэ наһаа ымсыырбытым уонна интэриниэккэ көрдөөн, наадалаах дии санаабыппын аахпытым. Онтон Бэрдьигэстээххэ, бэйэбитигэр баар биисинэс киинигэр Марианна Семеновна Поповаҕа тиийбитим. Кини барытын наһаа үчүгэйдик быһааран, кэпсээн биэрбитэ. Биһиги ас атыылаан дьарыктанарга быһаарыммыт буоламмыт, хас биирдии аспытыгар сэртипикээт наада буолбута. Аны оннук докумуоннар чааһынай тэрилтэ эрэ тэриммит киһиэхэ бэриллэллэрин иһин бастаан нолуогабай нөҥүө бэйэ дьарыктаах буолууга учуокка турарбытыгар Марианна Семеновна сүбэлээбитэ. Нолуогабайга учуокка интэриниэт ситимин нөҥүө турбутум. Онтон туох баар астаабыт астарбытын илдьэн Дьокуускайга лабораторияҕа анаалыс туттаран, декларация, сэртипикээт ылан дьэ, үлэбитин саҕалаабыппыт. Бу дьиэ кэргэн биисинэһэ буолан, үлэбитин бары дьиэ иһинэн үллэстэбит. Ийэм, быраатым бары көмөлөһөллөр.
— Павел, туох аһы астаан атыылыыгыт, биисинэскэр туох уустуктары көрсөҕүн?
— Биһиги салаат уонна бурдук ас арааһын астыыбыт. Ол курдук, салаат алта-сэттэ көрүҥэ, бэрэски, блины, ушки, хобуорас о.д.а. бурдук астары астыыбыт. Салааппыт арааһа элбэх буолан, кутар иһиттэри атыылаһарга уустуктары көрсүбүтүм. Ардыгар атыыга оннук иһиттэр суох буолан хаалаллар, эбэтэр сорох маҕаһыыҥҥа икки бүк ыарахан сыанаҕа эмиэ атыыланар. Ол эрээри син кыһалҕабытын быһааран, ардыгар эрдэттэн элбэҕи ылан хаһаанар буолбутум. Биһиги ас астааһыныгар бары саба түһэн үлэлиибит, онон бириэмэбин барытын суоттаан, аттарынан сылдьабын. Астаабыт аспытын маҕаһыыҥҥа дуогабардаһан туттарабыт. Ону таһынан, биирдиилээн дьон бырааһынньыктарга эҥин сакаастыыллар. Ону астаан дьиэҕэ тиэрдэн биэрэр өҥөнү оҥоробун. Реклама өҥөтүнэн эҥин туһана иликпит. Күннээҕинэн астаабыт аспыт барыта атыыланар. Мин нолуогабайга саайт нөҥүө учуокка турбут буоламмын, күн аайы онно үлэбин-хамнаспын отчуоттуубун.
— Үөрэххин кытта бу биисинэскин хайдах дьүөрэлии тутаҕын?
— Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ бириэмэни аттарыныы сүрүн миэстэни ылар. Сарсыарда оскуолаҕа барыах иннинэ уонна киэһэ утуйуох иннинэ толорор бары тус-туспа эбээһинэстэрдээхпит. Оскуолаттан кэлээт уруоктарбын оҥоробун уонна киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн үлэбитигэр ылсабыт.
— Биисинэскин саҕалыыргар хантан эмит кирэдьиит, көмө харчы ылбытыҥ дуо?
— Биһиги бу биисинэспитин саҕалыырбытыгар иэс харчы ылбатахпыт. Дьиэбит киэҥ буолан, биир хоһу астыырга анаабыппыт. Бу соторутааҕыта бэйэ дьарыктаах дьоҥҥо 4%-8% иэс харчы баарын истэн, онно сайаапка биэрдибит. Тыа сиригэр олорор буоламмыт, тымныы, итии уу боппуруоһугар ыарахаттары көрсөөччүбүт. Ол иһин куукунабытыгар толору хааччыллыыны киллэртэрээри уонна эбии астыыр оһох, иһит-хомуос атыылаһаары, ити сайаапка түһэрдибит.
— Павел, билигин пицца, суши о.д.а. аһылыктар куоракка киэҥник тарҕанан атыыланаллар. Эн бу аһылыктары астаан боруобалаан көрбүтүҥ дуо?
— Мин дьиэбэр боруобалаан көрбүтүм, ол эрээри манна анаан үөрэниэххэ наада. Былырыын улууспутугар кэлэн асчыт-кондитер куурсугар харчыга үөрэтиэхтээх этилэр. Мин аҥаарын төлөөбүтүм да, пандемиянан тохтоон турар. Быйыл кэлэн, баҕар, үөрэтиэхтэрэ.
— Оскуоланы бүтэрдэххинэ, ханнык идэни баһылыыр баҕа санаалааххын?
— Ханнык үөрэххэ барарбын толкуйдана сылдьабын. Баҕар, асчыт идэтин хайысхатынан барыам.
Ийэбэр уонна бырааппар Ваняҕа өйөбүллэрин иһин махтанабын.
— Павел, саҕалаабыт дьыалаҥ ситиһиилээх буоллун!
Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru