Биисинэскэ көмө салҕыы оҥоһуллуо

Бөлөххө киир:

Владимир Путинныын пресс-кэмпириэнсийэҕэ дойду инникитин туһунан элбэх кэпсэтии тахса турар. Ол иһигэр, ковид хааччахтааһыннарын кэнниттэн дьоҕус уонна улахан тэрилтэлэр иккистээн атахтарыгар туралларыгар туох көмө оҥоһуллара буолла.

Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, Арассыыйа кириисис туругуттан аан дойду атын экэниэмийэлэриттэн түргэнник таҕыста. Кини биисинэс эмсэҕэлээбитин туһунан этэригэр: «Биһиги бу салаалары эмиэ өйөөтүбүт. Ылыллыбыт миэрэлэр улахан салааларга уонна тэрилтэлэргэ туһалаатылар. Кинилэр тохтобула суох кэриэтэ суох үлэлээтилэр. Сорохтор оннооҕор оҥорон таһаарар кэмэйдэрин улаатыннардылар. Оттон дьоҕус тэрилтэлэр туһунан эттэххэ, уопсай аһылык тэрилтэлэрэ, тренажер саалалара, тыйаатырдар, киинэ тыйаатырдара , мусуойдар ордук улаханнык эмсэҕэлээтилэр», — диэтэ.

Дойду баһылыга эппитинэн,  бу  салаалар үлэлэрин сөргүтэргэ салҕыы элбэх үлэ оҥоһуллар: кирэдьиити биэрии, чэпчэтиинэн туһаныы, кирэдьиит төлүүр болдьоҕун уһатан биэрии, чэпчэтиилээх арыанда уо.д.а. Бу барыта биисинэс уопсастыбатын кытта сүбэлэһэн оҥоһуллар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0