«БиисинэсЭкспо-2019»: үөһээ бүлүүлэр «Бастыҥ истиэндэ» кыайыылаахтара
«БиисинэсЭкспо-2019» быыстапкаҕа кинилэри киһи ыраахтан бэлиэтии көрөр этэ.
edersaas.ru
Ол, арааһа, кинилэр атыыларын аттыгар уочараттаан турар дьон элбэҕиттэн быһыылаах.
«Үөһээ Бүлүү» ХЭТ » диэн истиэндэ аттыгар икки сахалыы тупсаҕай таҥастаах уоллаах-кыыс түбүгүрэ сылдьалларыгар чугаһыыбын.
— Үлэ-хамнас бөҕө буола сылдьаҕыт дуу. Бэйэҕитин билиһиннэриҥ дуу, — диэбиппэр, салайааччы аттыбар чугаһыыр уонна билсэн барабыт:
— Мин Күннэй Андреева диэммин. «Үөһээ Бүлүү» ХЭТ кылаабынай технологабын. Биһиги бу быыстапка туһунан икки нэдиэлэ анараа өттүгэр истибиппит. Мииринэйгэ бородууксуйабытын атыылаат, тута бу тэрээһиҥҥэ кэллибит. Сонун сүүрээн быһыытынан чесноктаах ынах арыытын оҥорон аҕалан, атыыга таһаардыбыт. Дьон интэриэһиргээтэ аҕай.
— Дьэ, кырдьык, олох бэртээхэй ас эбит. Мин эмиэ амсайан баран, арахсыбат аата. Бу туох күөх туманы эптигит? Чеснок амтана эрэ баар. Технологията тугуй?
— Чесногу эрийээт, биир суукка арыыга булкуйан баран туруорабын, онтон күөх тумалыыбын. Луук, петрушка эбиликтээх буолан, чесноктаах арыы амтанын өссө тупсарар. Бу сонун сүүрээммитин — бородууксуйабыт саҥа көрүҥүн оҥорон таһаарыыга тэхиньиичэскэй усулуобуйа ирдэбилигэр түбэһиннэрэн анал докумуоннары толоруохтаахпыт. Онтон декларация оҥорон баран, арыы саҥа көрүҥүн атыыга таһаарыахпыт, — диэн санаатын үллэстэр технолог-маастар.
Горнай Аһыматыттан төрүттээх Күннэй Андреева икки сыл Тааттаҕа үлэлии сылдьыбыт, онтон Үөһээ Бүлүүгэ көһөн кэлэн үлэлээбитэ аҕыс сыл буолбут. Онон эдэркээн эрээри, номнуо өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах уопуттаах үлэһит, биллэн турар, сонун сүүрээни олоххо киллэрэр баҕата баһаам.
Күннэйи кытта тэҥҥэ үлэлии сылдьар 23 саастаах Дьулус Петров, киниэхэ холоотоххо, атаҕар саҥа туран эрэр эдэр исписэлиис.
Быйыл Тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрэн, технолог-маастар идэтин баһылаабыт. Үөрэхтээх ыччат төрөөбүт дойдутугар төннөн, билигин «Үөһээ Бүлүү» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэҕэ технологынан үлэлиир. Эдэр киһи эти кэнсиэрбэлээһиҥҥэ бэйэтин тус буочарын көрдүү сылдьар. Ол курдук, кини сибиинньэ этиттэн тушенка оҥорон аҕалбыт.
— Мин сибииньэ этиттэн эт ас икки көрүҥүн оҥорон аҕаллым — халадьыас уонна тушенка. Эти уҥуохтан арааран, иҥиирдэрин туспа сүлэн, эрийэн баран, 7-8 чаас курдук буһарбытым, — диэн санаатын үллэстэр эдэр киһи.
— Дьулус, мин санаабар, тушенкаҕар тумата — чеснога уонна лууга тиийбэт курдук дии, — диэбиппэр, сэһэргэһээччим: «Киһи-киһи атын атыннык ылынар буоллаҕа. Холобура, мин элбэх тумалааҕы сөбүлээбэппин. Дьэ, ол иһин бу дьон санаатын истээри, анаан амсата турабын. Онтон сүбэни-аманы истэн баран, дьэ уубар-хаарбар киирэн, тупсаран биэриэм, — диэн эдэр технолог миэхэ бэриммэт.
Үөһээ Бүлүү бэрэстэбиитэллэрин кэтэ сылдьар таҥастарын ким тикпитин туоһуластым. Онуоха Күннэй Андреева:
— Бу биһиги тэрилтэбит салалтата быйылгы быыстапкаҕа кыттарбытыгар иистэнэр сыахха анаан сакаастаан тиктэрбитэ. Мантан инньэ бары быыстапкаларга бу көстүүммүтүн кэтэн кыттабыт, — диэн үөрэ-көтө кэпсээтэ.
Кэпсэтэн баран, бу ыччаттар чахчы бириистээх миэстэҕэ тиксиэхтэрэ дии санаабытым. Оннук да буолла!
«Үөһээ Бүлүү » хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ технологтара «Бастыҥ истиэндэ» диэн номинацияҕа кыайан, 1-кы степеннээх дипломунан наҕараадаланнылар.
Ситиһии көтөллөммүт ыччаттар өрүү кыайыы сырдык дьаралыгар куустардыннар диэн туран, бу курдук күөх дабааннары үөрэ-көтө дабайан истиннэр диэн алҕаатахпыт буоллун!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.