Дмитрий куоракка тиийэн урукку тапталын көрсөн, саңа иэйиигэ ылларан дьиэ кэргэнин быраҕан, куоракка көспүтэ. Кэргэнэ Ульяна ыытымаары көрдөһөн-ааттаһан көрбүтэ да, кыаллыбытаҕа.
Дмитрий саңа кэргэнинээн Лидалыын икки сыл курдук олорон баран, эр киhи иhэрин-аhыырын иhин тапсыбакка, түргэнник арахсыбыттара. Куоракка ханна да барар сирэ суох хаалбыт эр бэрдэ улахан уолугар Егоркаҕа көспүтэ. Егорка бастакы ойоҕуттан арахсан, бэйэтиттэн 7 сыл аҕа саастаах Анжелика диэн дьахтардыын саҥа бииргэ олорон эрэллэрэ. Уол аҕата көhөн кэлбитигэр, кинилэри быраҕан барбытыгар төһө да хом санаатар: «Аҕалаатар аҕабын ханна үүрэн кэбиhиэхпиний?!»,- диэн бэйэтин кытта олордубута. Хата аҕата иhэрин тохтотон, үлэлээн-хамсаан, көмө киһи буолбута.
Биир кыhын ийэлэрэ Ульяна «ыарытыйабын» диэн сылтаҕыран, таптыыр киhитин аттыгар буолаары куоракка кэлэн уолугар кыстаабыта. Ол олорон син Дмитрийдыын элэ-была буолан иhэн, тоҕо эрэ сатамматахтара. Хайа эрэ түгэңңэ кэргэнниилэр бииргэ хаалан кэпсэтээри гыннахтарына, кийииттэрэ Анжелика аттыгар баар буолан мэhэй буола охсоро. Оннооҕор, бииргэ остуолга олорон уруккуну-хойуккуну кэпсэтээри гыннахтарына, барытыгар кыттыһа охсоро. Дмитрий кийиитим арааһа, миигин интэриэhиргиир буолан күнүүлүүр дуу дии саныыра. Онон саастаах кэргэнин бэйэтиттэн тэйитэн, эдэр кыыска Анжеликаҕа бары болҕомтотун уурар буолбута. Сотору кэминэн Ульяна «барбыт төннүбэт өрүттээх» диэн санаан салайтаран, дьиэтигэр төннүбүтэ. Ийэлэрэ суох, бэйэлэрэ хаалан баран бииргэ олорон арыт-ардыгар бүөмнээн аhыы утаҕы амсайар буолбуттара. Биирдэ аһыы утахтарын иhэн баран, Дмитрий холуочуйбут санаатыгар, хорсунун киллэрэн, уола көрбөтүгэр Анжеликаны кууhан ылбытыгар хаhыы-ыhыы бөҕө түhэрэн, күлбүтэ-салбыта буолбута. Ол эрээри хоhугар киирэн куоппута. Онтон ыла Дмитрийдаах Анжелика уора-көстө оонньоhор буолбуттара. Эбиитин Егорка үлэтигэр хойутуура да элбээбитэ.
Сотору кэминэн аҕалаах кийиит уолларыттан кистээн көрсүүлэһэр буолбуттара. Өссө бииргэ иhэн-аhаан баран, Егорка утуйбутун кэннэ эмиэ хоонньоһоллоро. Оннук сылдьан биир күн тутуллан, атырдьах салаатыныы арахсарга тиийбиттэрэ. Егорка аҕатыттан, эбиитин кэргэниттэн кэлэйэн дойдутугар баран олохсуйбута. Оттон аҕата уолун кэргэнин ойох оңостон хаалбыта. Билигин кинилэр дьылҕалара ханна тиийбитин билбэппин, ол эрэн түөрт оҕо «аҕалаахпыт» диэн билиммэттэр, ийэлэригэр күүс-көмө буолан олороллор.
Онон, күндү ааҕааччым, киhи биирдэ сыыста да сыыhата хатылана турара эмиэ баар, үгүс маннык түгэннэр аhыы утахтан саҕаланан чугас дьоннорун бэйэлэриттэн тэйитэллэр, тапталлаахтара аттыгар суох буолалларыгар тиэрдэллэр. Билигин Дмитрий олоҕо тупсубута буолуо дии санаабаппын, уолуттан аҕатын ордорбут дьахтар кэргэнин табаарыhыгар да, бииргэ үлэлиир киhитигэр да уларыта тутуон сөп. Оттон дьахтарын уларыта сылдьар эр киhи хаhан эмэ уларытыан баҕарар санаата көбөн атын дьахтарга барыан эмиэ сөп диэн сабаҕалыыбын… Бииртэн бииргэ көhө сылдьан дьиңнээх аналларын булбуттара буолуо дуо бу икки сүрэх?..