Биирдэ күллэрэн турардаахпын

29.11.2021
Бөлөххө киир:

Саха биир биллиилээх бэйиэтэ Николай Михайлович Рыкунову кытары бииргэ үлэлээбиппин олоҕум бэлиэ кэрдиис кэмин курдук саныыбын. Хаһыатчыт идэтин талбыт буолан, араас омук эҥин бэйэлээх доҕотторун, хотуттарын кытары үгүстүк алтыһан ааспытым.

edersaas.ru

Оччотооҕу ССКП обкомун бэчээккэ сиэктэрин сэбиэдиссэйэ, эмиэ аатырбыт бэйиэт Алексей Михайлович дьаһайыытынан Нам оройуонун хаһыатыгар ананан кэлэрбэр, Николай Михайлович эрэдээксийэҕэ эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлиирэ да, ити кэмҥэ ыалдьан эмтэнэ сылдьара. Үлэлээбитим иккис күнүгэр поликлиникаҕа укуол ыла сылдьан, анаан-минээн мин үтүө дьүһүммүн көрөн билсээри киирэн тахсыбыта. Оччолорго эрэдээксийэ почта дьиэтигэр баара. Түннүгүнэн көрөн «Ньукулай иһэр», «Ньукулай кэллэ», «Ырыа, ынчык аргыстаах Ырыгыныап Ньукулай иһэр» диэн өрүкүнэ­һиини истээт, биһиги, кэбээйилэр, күтүөппүт Николай Рыкунов буоларын билэн утары тахсан до­­рооболоһоору илиибин ууммутум. Киһим тута чугурус гынан, уунан иһэр илиитин төттөрү охсон ылбыта уонна сымнаҕас бэйэлээх куолаһынан: «Кэбис, кэбис, бо­­руок нөҥүө сатаммат, кэлин бо­­руоктаһа сылдьыахпыт», — диэн мин боруогу атыллаан кэлэн илии тутуһан билсэрбэр күһэйбитэ. Оо, ол онно табыгаһа суох быһыыламмыппыттан күн бүгүнүгэр диэри кэмсинэбин, кыбыстабын. Кэлин кини ити туһунан хаһан да санаппатаҕа, оттон мин буоллаҕына, Ньукулайы санаан, ахтан ылар түгэннэрбэр өйдөбүлүм наар ити кыбыстыылаах көрсүһүүттэн саҕаланар буоллаҕа эбээт!
Николай Михайлович миэхэ, СГУ саха отделениетын бүтэрбит, хаһыат үлэтигэр эриллибит киһиэхэ, саха тылын сатаан туттууга университет «алтыс кууруһун» үөрэппит киһинэн буолар уонна хаһыатым ааҕааччыларыгар ол туһунан малтаччы билинэбин. Кини тылы сатаан сааһы­лыырга, анал миэстэтигэр табыгастаахтык туттарга өрүү кыһанара. Ол иһин ини, куруук тугу эрэ ботугуруу, киҥинэйэ сылдьар буолара. Билигин да биһиги тутта сылдьар рубрикаларбытын барыларын кэриэтин кини оҥортоон хаалларбыта.
Биирдэ кэбиниэппэр соҕотох олордохпуна, кырыытынан кыадьайан киирбитэ. Хаһыаппыт «Ленин суола» аатын уларытан, атын ааты булаары сылдьар кэммит этэ. Ол туһунан кэпсэтэрбитигэр киһим эттэ: «Тылы дьүө­­рэлээн туттуу бэйэтэ туспа бы­­раабылалардаах. Илин, кэлин аһаҕас дорҕооннору, дифтоннары, кинилэр ахсааннара, ханнык бүтэй дорҕоон кэнниттэн тураллара барыта учуоттаныахтаах. Ону биһиги отой тутуспаппыт». «Эс, Ньукулай, эн онно киирсибэт инигин?» — диэбитим. «Кэбис, кэбис! Киирсэн бөҕө! Киһи эрэ барыта Лев Толстой буолбатах ээ», — диэн хардарбыта. Ити тү­­бэлтэ Николай Михайлович бэ­­йэтин хаһан да үрдүктүк туттубатын көрдөрөр.
«Сурук бэлиэтин наһаа элбэхтик туттаҕын», — диэн сэмэлиирэ. Кини саныырынан кэнэҕэһин кэнэҕэс сурук бэлиэтэ отой туттуллубат, суох буолуохтаах үһү. Соппутуойу үлүбээй туттарбыт аһара элбэҕин туһунан этэрэ. Эрэдээктэрдиир кэмигэр сарсыарда үлэтин үксүгэр типографияттан саҕалыыра. Ол курдук хаһыатын таптыыра, эбээһинэһин өйдүүрэ. Ыстатыйалар соҕо­луобактарын булууга маастар этэ. Дэлэҕэ даҕаны «Соҕолуобак собуота» диэн ааттыахпыт дуо? «Хайдахтаах да үчүгэйдик чочуллан суруллубут ыстатыйа 50 бырыһыанын соҕолуобак ылар», – диирэ.
Өр сылларга хаһыакка үлэлээн элбэх эрэдээктэри кытары алтыһан аастым. Кинилэртэн Николай Михайлович курдук соҕолуобакка уонна рубрикаҕа суолта биэрэр эрэдээктэргэ түбэһэ иликпин. Арай, Кэбээйи хаһыатыгар үлэлээбит В.В. Калашников барсымахтаһыа эбитэ буолуо. Ол киһи: «Заголовок придумай заново», — дии-дии ыстатыйаҕын төттөрү быраҕар идэлээҕэ. Ньукулай инньэ гыммат этэ, ол эрээри, астымматаҕын син биир биллэрэрэ: куос-дьиэс, иэрэҥ-саараҥ туттара, «Бээ-бээ, төбөтө тупсуон наада эбит» диэн этэрэ уонна былатыагын ылан муннун-уоһун сууралыыра, таарыччы тоҕо эрэ хаҥас илиитин тарбахтарын биир-биир соппохтуура, улахан толкуйга түспүттүү кыҥначчы быраҕан кырыытынан кээдьэҥнээн ааҥҥа кыбылла-кыбылла тахсан барара. Бэрт тиэ­тэлинэн 2-3 соҕолуобагы толкуйдаан, ыраас кумааҕыга суру­йан киллэрэн кэбиниэтигэр тахсан көрдөрөбүн. Ачыкытын устан хараҕар чугаһатан ааҕан көрөр, онтон «Ээ, чэ, бээ-бээ, хааллар» диирэ. Тиһэҕэр тиийэн мин оннубар кини чочуйан соҕолуобак­таах ыстатыйам күн сирин көрөрө.
Биирдэ күллэрэн турар­даахпын. Хаһан да хайыахпытый, туох эрэ биричиинэнэн кыратык аһаатыбыт уонна дьиэбит диэки хааман иһэн эмиэ тылы табатык туттуу туһунан ботур-итир кэпсэтэбит. Ньукулай тылы имитэн-хомутан сатаан туттарын туһунан этэн-тыынан баран:
— Доор, Ньукулай, эйигин Имииһит Ньукулай диэххэ сөп эбит, — диэтим. Киһим тохтуу түһэн баран күлэн кэккэлэттэ. Онтон санныга кыратык таары­йан баран:
Киргиэлэй, дьэ булан этэҕин ээ, — дии-дии өссө күллэ. Мин өрө барабын:
— Доор, Имииһит Ньукулай диэн ааты ылын. Наһаа оригинальнай, кылаабынайа, ити аакка тылы имитэн-хомутан туттарыҥ көстө сылдьар.
— Бээ, бээ! Аны кэлэн. Үчүгэйинэн үчүгэй эрээри… — диэхтээбитэ.
Хаарыан киһибитин эмискэ баҕайы сүтэрэммит, айманныбыт да этэ. Бэйэм чааһым, наһаа ча­­раас, уйан дууһалаах буолан, оччотооҕу быһыыны-майгыны, тоҥ дьон чучураан сыһыанын олус чугастык бэйэтигэр ылынан эрдэлээтэҕэ дии саныыбын. Оо, баара буоллар, төһөнү эрэ суру­йуо, айыа эбитэ буолла.
Абаккатын эбитин!

ЫСПЫРААПКА:

Быйыл сэтинньи 23 күнүгэр бэйиэт Николай Михайлович Рыкунов төрөөбүтэ 85 сыла буолла.
Кини 1936 сыллаахха сэтинньи 23 күнүгэр Нам оройуонун 1 Хомустаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Орто оскуоланы бүтэрэн баран, Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта. 1953 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагоги­ческай училищены, 1964 с. Саха судаарыстыбаннай университетын ИФФ саха салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ.
Учуутал идэтин ылан, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Дьабыылыгар учууталлаабыта. 1965 с. Нам оройуонун хаһыатыгар үлэһитинэн ылыллыбыта, онтон эппиэттиир сэкиритээринэн, эрэдээктэри солбуйааччынан, кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.
Николай Рыкунов бас­такы хоһоонноро 1954 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммитттэрэ. Хоһооннорун бастакы хомуурунньуга «Хатыҥ ырыата» диэн ааттанан, 1962 с. күн сирин көрбүтэ. Ити кэнниттэн «Дьол сулуһа», «Кэбиһиилээх оттор» уо.д.а. кинигэлэр бэчээттэммиттэрэ. 1982 с. поэтесса С.Кузнецова тылбааһынан «Лыжный след» диэн хоһооннорун хомуурунньуга нууччалыы тахсыбыта. Бэйиэт социализм кэмигэр үлэ күөстүү оргуйуутун, дьон көхтөөх буолуутун хоһуйарга дьулуһара, поэма жанрыгар күүһүн холоноро. Кини айбыт хоһоонноро үксүгэр философскай ис хоһоонноохторо. 1985 с. ССРС Суруйааччыларын, 1987 с. ССРС Суруналыыстарын сойуустарыгар киирбитэ.
Бэйиэт 1985 с. муус устар 8 күнүгэр эмискэ ыалдьан, сүрэҕэ тохтообута. Кини олорон ааспыт олоҕо, айар үлэтэ умнуллубаттар. Николай Рыкунов аатынан Намҥа кииннэммит библиотечнай систиэмэ, Даадар микрооро­йуонугар уулусса ааттаммыттара. Биэстии сыл буола-буола кини аатынан литературнай бириэмийэ туттарыллар.

«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Григорий ЭВЕРСТОВ-ТЫЫППАЛААХ, РФ Суруналыыстарын,
СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, хаһыакка 46 сыл үлэлээбит бэчээт бэтэрээнэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0