Биир ырыа дьылҕата: Николай Андросов «Быраһаай оскуолам»

Ааптар: 
25.05.2021
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 25 күнэ — Тиһэх чуораан күнэ. Тиһэх Чуораан бырааһынньыга хас биирдии оскуоланы бүтэрээччигэ ураты суолталаах күн буолар. Бу күн оскуоланы бүтэрээччилэр төрөөбүт оскуолаларыгар, учууталларыгар махталларын биллэрэн, ырыа ыллыыр үгэстээхтэр. Оннук үгэс буолбут ырыанан Николай Андросов «Быраһаай, оскуолам» ырыата буолар.

«Быраһаай оскуолам» ырыа суруллубут устуоруйатын билээри толорооччу, ырыаһыт Николай Андросовы кытары кэпсэттибит.

— Уус Алдан улууһун Сыырдаах орто оскуолатын  1993 с.  бүтэрбитим. Үс игирэ Тарскайдары кытары биир кылааска үөрэммитим. Кинилэртэн биирдэстэрэ Григорий Тарскай диэн уол хоһоон суруйара, мин гитаараҕа саҥардыы үөрэнэ сылдьар этим. Оскуоланы бүтэрээччилэр «Умнуллубат онус кылаас»диэн ырыаны ыллыыллара. Биһиги уон биириһи бүтэрээччилэр «Умнуллубат уон биирис кылаас» диэхпитин соччо барсыбат этэ. Онон бэйэм ырыа айан көрөргө санаммытым. Оччолорго номнуо «Доҕорун сүтэрбит туруйа», «Мин таптыыр эрэнэр эрэлим»диэн ырыалардаах этим. Бииргэ үөрэнэр доҕорум Гриша Тарскай хоһоон айыытынан үлүһүйэрэ, «Доҕорун сүтэрбит туруйа» ырыабын кини хоһоонугар айбытым. Онтон «Быраһаай оскуолам» диэн хоһоонугар матыып айан, оскуоланы бүтэрэр Тиһэх Чуораан бырааһынньыгар, банкеппытыгар ыллаабыппыт. Уус Алдан оройуонун Сыырдаах орто оскуолатыгар анаан айбытым.

1995 с. гитаранан ыллаан 90 мүнүүтэлээх альбом таһаарбытым, онно «Быраһаай оскуолам» ырыаны киллэрбитим. Онно истэн 1995 с. өрөспүүбүлүкэ оҕолоро ыллаан барбыттара.  Култуура уонна искусство  колледжыгар устудьуоннуу сылдьан үөрэнэ сылдьан элбэхтэ ыллыыр этим. Дьокуускайга буолар улахан кэнсиэрдэргэ, «Эдэр саас» хаһыат эрэдээксийэтэ ыытар шоу-бырагыраамаларыгар,  «Эдэр саас» хаһыат күннэрэ» тэрээһиннэригэр  өрөспүүбүлүкэни кэрийэн бу ырыабын ыллыыр этим. Ол саҕана икки кассеталаах магнитофонунан уһултаран ырыаларбын тарҕаппыттара. Сэргэлээх уопсайын хоһугар, саас түннүктэн ырыаларым иһиллэллэрэ.

Быйылгыттан СӨ  ырыа айааччыларын сойууһа «Үйэлээх ырыалар»диэн түөскэ кэтиллэр бэлиэ оҥорбуттара.  Ол бэлиэни «Быраһаай оскуолам» диэн ырыабар биэрбиттэрэ. Онон бу ырыа миэхэ тус бэйэбэр бэлиэ биэрбит ырыа буолар диэххэ сөп.

edersaas.ru

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0