Биир ыалга — түөрт Валя

31.10.2016
Бөлөххө киир:

Үйэ аҥарыттан ордук кэмҥэ сүрэххэ бастакы таптал уотун сөҕүрүппэккэ илдьэ кэлбит, 45 сыл устата “эн-мин” дэһэн бииргэ олорон, 3 оҕону иитэн-үөрэтэн, атахтарыгар туруорбут саха мааны ыалын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Интэриэһинэйэ диэн, биир ыалга 4 Валентин(а) баара эмиэ сэдэх көстүү. Валентин уонна Валентина ыал буолбуттара лоп-курдук 45 сыл буолла. Ньурба улууһун Чуукаарыгар 1965 с. орто оскуола аһыллыбытыгар атын дэриэбинэлэртэн оҕолор үөрэнэ кэлбиттэрэ, онно билсибиттэрэ. Харах харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, туҥуй сүрэххэ бастакы таптал уота умайбыта. Ол эбэтэр үйэ аҥарыттан ордук кэм устата тапталларын харыстаан илдьэ кэлбиттэр. Оччолорго иккиэн да оскуола, нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттар, ырыанан “астара” сылдьар комсомолецтар этилэрэ. Оскуола саҕаттан доҕордоһон баран, үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан, Валентин аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитин кэннэ, холбоспуттара.

Кинилэргэ олунньу – бэлиэ ый. 1971 с. олунньу 2 күнүгэр Чаппандаҕа, олунньу 6 күнүгэр Чуукаарга сыбаайбалаабыттара. Ол күнү күлэ-күлэ ахталлар:

Дэриэбинэ ыалларын кэрийэ сылдьан иһит уларсыбыппыт, байтаһын биэни өлөрөн, туманнаах тымныы баҕайы күн сыбаайбалаабыппыт.  Урут таҥара дьиэтэ буолан турбут кулууп саалатыгар улахан баҕайы остуол тардыбыппыт, наһаа долгуйан, дьон сирэйдэрин да, чопчу тугу эппиттэрин да өйдөөбөппүт”, — диэн.

Оттон соторутааҕыта, олунньу ый саҥатыгар, оҕолоро бэлэх оҥорон, Дьокуускайдааҕы ЗАГС дьиэтигэр үөрүүлээх бэлиэтээһин буолла. Дьиҥнээх ЗАГС регистрациятын дьэ билэн, долгуйуу да итэҕэһэ суох этэ.

Куоракка балаҕаннаах ыал

Федоровтар Анаабырга, Ньурбаҕа үлэлээбиттэрэ. Билигин Дьокуускайга көһөн кэлэн, Сэргэлээх түөлбэтигэр дьиэ-уот туттан, сиэннэрин көрсөн, сахалыы үгэһи тарҕатан, ньир-бааччы олорор мааны ыаллар. Тэлгэһэлэригэр балаҕан туттан, кыһыннары көмүлүөк оһох уотун иннигэр үүттээх чэй иһэ-иһэ, аа-дьуо кэпсэтэр кыахтаахтар.

Оҕолоро улаатан туспа баран, билигин бэйэлэрэ олороллор, сиэннэрин оскуолаҕа таһарга көмөлөһөллөр. Өрөбүллэргэ, бырааһынньыктарга оҕолорун, сиэннэрин мунньан бары бииргэ сынньаналларын сөбүлүүллэр. Аҕалара эттэн, балыктан араас аһы астаан күндүлүүр.

Саха дьонун сиэринэн эр дьон куска, балыкка сылдьаллар. Аҕалара сайын илимнээн сибиэһэй балыгынан хааччыйар. Сиэннэрин илдьэ сир аһын хомуйан хаһааналлар, сибэкки, оҕуруот аһын арааһын олордоллор. Сайын, саас айылҕаҕа сынньанан, хонон-өрөөн киирэллэр. Дьиктитэ диэн, улахан кыыстарын эмиэ Валентина диэн ааттаабыттар. Ийэтин батан, учуутал идэлээх. Быйыл төрөөбүт сиэн кыыстарын эмиэ Валя диэн ааттаан үөрпүттэр. Онон Валентина диэн ааты дьэ, бары да сөбүлүүллэр эбит.

Валентина Дмитриевна идэтинэн учуутал, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара. Сааскылаах, Антоновка орто оскуолаларыгар, Ньурбатааҕы техническэй лицейгэ өр сылларга үлэлээбитэ. Валентин Алексеевич идэтинэн тутааччы, архитектор, кэнники суут приставтарын сулууспатыгар үлэлээбитэ. Уолаттара Алексей уонна Андрей аҕаларын туйаҕын хатаран, тутааччы идэлээхтэр.

Сааһырдахха, таптал өссө киэркэйэр

  • Олорон истэх аайы таптал сойон, үөрүйэххэ кубулуйар дииллэр, эбэтэр ити сымыйа дуу?
  • Олоххо араас буолар, ол гынан баран киһи айылгытынан куһаҕаны үксүн умнар, өйгөр-санааҕар үтүө эрэ өйдөбүллэр сөҥөн хаалаллар. Биһиги оскуола саҕаттан доҕордоһон ыал буолбуппут. Онон таптал баар, кини баар буолан, олох салҕанар дии саныыбыт. Олох олорон истэх аайы таптал ис киэбэ кэҥээн, эбиллэн иһэр. Бастакы уоллаах кыыс туҥуй тапталларыгар оҕоҕо таптал, дьиэҕэ-уокка сыһыан, эппиэтинэс, онтон олох араас тургутууларын бииргэ сиэттиһэн ааспыттан дуоһуйуу, бэйэ-бэйэҕэ убаастабыл, өйөһүү, өйдөһүү эбиллэн, таптал өссө киэркэйэр, дириҥиир. Оҕолор улаатан, ыал буолан туспа барбыттарын кэннэ, бэйэ-бэйэни ахтыһыы, суохтаһыы күүһүрэн иһэр.
  • Оччотугар, дьоллоохтук, уһуннук таптаһан олоруу кистэлэҥэ тугуй?Дьоллоохтук олоруу кистэлэҥэ ыал аайы тус-туһунан буолуо. Ханнык баҕарар ыалга кыыһырсыы, өйдөспөт буолуу баар буоллаҕа дии. Ону дириҥэппэккэ, дьиэ кэргэни барытын таарыйбакка, күннээҕи кыһалҕа курдук ылынан, бэйэ икки ардыгар сиэрдээхтик быһаарсан, уопсай тылы була сатыахха наада быһыылаах. Хайа уонна дьылҕаҥ анаабыт киһитин ытыктаан, таптаан, икки өттүттэн түһэн биэрбэт курдук олоруохтааххын.
  • Оҕону иитиигэ туох бириинсиптэри тутуһар этигитий?Биһиги иккиэн элбэх оҕолоох кырдьаҕас ыал оҕолоробут. Дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар, сахалыы сиэрдээх-майгылаах, үлэни өрө туппут дьон этилэр. Дьиэ кэргэҥҥэ олохсуйбут өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрэ оҕолорго иҥэн, салгыы аймахха тарҕанар. Дьоммут: “Ыал улахан оҕото хайдах иитиилээх да, кыралар ону батыһаллар,” — диэччилэр.
  • Биһиги дьоммут, эдьиийдэрбит, убаайдарбыт үөрэххэ, үлэҕэ сыһыаннарын үтүктэн, кинилэр үтүө холобурдарын утумнаан улааппыппыт. Оҕолор эмиэ ол сиэринэн улааттахтара дии. Сыл аайы эбэлэригэр, эһэлэригэр сайылыыллара. Эһэлэрэ, тыаттан куораттан сиэннэрин мунньан, барыларыгар саастарыгар сөп буолар тэрил оҥорон, батыһыннара сылдьан оттооччу, уолаттары куска-куобахха илдьэ сылдьааччы. Дьиэ кэргэн бары мустан муҥхалыыр, илимниир этибит. Сынньалаҥҥа былыргы үһүйээннэри, остуоруйалары кэпсиирэ. Оҕолор ол сырыыларын билигин олох ис дууһаларыттан үөрэ-манньыйа ахталлар. Урукку олох сиэринэн, оҕолор арыый улаатан баран совхоз оҕуруотун үлэтигэр, сайын үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар сылдьаллара. Онон оҕону кыра эрдэҕиттэн бэйэтэ кыайар үлэтигэр үөрэтии олус наадалаах. Киһини убаастыыр киһи дьону кытта түргэнник уопсай тылы булар, элбэх өйөһөр-өйдөһөр атас-доҕор дьоннордоох, дьон кыһалҕатын өйдүүр буолар. Итинник сыһыаҥҥа иитиллибит оҕо бэйэтин убаастанар, куһаҕаҥҥа тардыстыбат. Билигин сиэннэрбит сахалыы өйдөөх-санаалаах, төрөөбүт тылларын билэр буолалларыгар, төрүт үгэстэрин сүтэрбэттэригэр кыһаллабыт.
  • Эһиэхэ дьиэҕэ-уокка саамай дьаһаллаах кимий?Дьиэ-уот үлэтигэр биһиэхэ араастаһыы суох. Эдэр эрдэхпититтэн ким эрдэ кэлбит, ким сололоох — ол астыыр этэ. Оҕолор эрдэттэн бэйэлэрин, дьиэни-уоту көрүнэ үөрэммиттэрэ. Кэнники аҕабыт уолаттарын, күтүөтүн кытта саха балаҕанын туппуттара. Аймахтарбыт көмөлөрүнэн өбүгэлэрбит, дьоммут тутта сылдьыбыт малларын-салларын хомуйдубут. Аҕабыт көмүлүөк оһох туппута. Онон балаҕаммыт бары сөбүлээн сынньанар сирбитинэн буолла. Оҕолор куорат дьалхааннаах олоҕуттан, күннээҕи үлэ түбүгүттэн киирэн сынньаналлар, өйдөрүн-санааларын сааһыланаллар. Сиэннэрбит оһох тыһыргыырын истэ-истэ, эһэ-бөрө тэллэххэ сытан ону-маны кэпсэтэллэрин, оонньуулларын сөбүлүүллэр. Оттон биһиги балаҕаҥҥа киирэн уруккуну-хойуккуну, дьоммутун-сэргэбитин санаан, дойдубут ахтылҕанын таһаарабыт.

Таптал – куруук бырааһынньык буолбатах

  • Оҕолорбут санаа хоту үөрэхтэнэн, ыал буолан, дьиэ-уот тэринэн үлэлии сылдьаллар. Икки үчүгэйкээн кийиит кыргыттар, дьоһун күтүөт эбиллэн, сиэннэрбитинээн улахан ыал буоллубут. Иккиэн тыа сириттэн төрүттээх буолан, аймахтарбыт оҕолоро үөрэнэллэригэр кыахпыт баарынан күүс-көмө буола олоробут.
  • Саҥа ыал буолбут дьоҥҥо тугу баҕарыа этигитий?
  • Билигин ыал буолар эдэр дьоҥҥо дьиэ-уот, үлэ-хамнас булунар ыарахаттардаах буолла. Ону тэҥэ сорох оҕолор наһаа эрдэ, өйдөрө-санаалара ситэ илигинэ ыал буолаллар. Олоҕу, тапталы бырааһынньык курдук, куруук үөрүү-көтүү, биир дэхси буолуо дии саныыллар. Ыал буолан олох олоруу улахан эппиэтинэс буоларын умналлар. Оттон таптал, поэт этэринии, дууһа үлэтэ. Ханнык баҕарар үлэ курдук элбэх күүһү-күдэҕи, сыраны-сылбаны эрэйэр. Таптаан, долгуйан, элбэхтик эрэйдэнэн – дьоллонуоҥ. Ону умнубаттарыгар баҕарабыт. Олохпутугар сайдыыны кытта кэлбит компьютер, интернет омсолоох өрүттэрин ыччат дьон сөпкө өйдүүр, үтүө эрэ өрүтүн туһанар, чөл олоҕу тутуһар, күүстээх санаалаах, олоххо көхтөөх буолалларыгар баҕарабыт.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0