Ил Дархан биир сыллаах үлэтэ: хотугу улуустарга туох уларытыылар киирдилэр?

27.05.2019
Бөлөххө киир:

Ил Дархан биир сыллаах үлэтин түмүгүттэн хотугу ­улуустарга туох уларытыыны киллэрбитин ылан көрүөххэ.

Бастакы ыйаах уонна командировка

Ил Дархан бурҕалдьытын сүгээт, Айсен Николаев ыам ыйын 30 күнүгэр бастакы ­ыйааҕын таһаарбыта. Ол – ха­­лаан уутун содулун туоратыы туһунан этэ. Ити кэмҥэ ха­­лаан уутугар 53 нэһилиэнньэлээх пуун эмсэҕэлээн, түөрт тыһыынчаттан тахса киһи хоромньуга тэбиллэн, өрөспүүбүлүкэҕэ федеральнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн турара. Өскөтүн ыам ыйын саҥата Амма улууһугар улахан уу кэлэн барбыт буоллаҕына, ыам ыйын бүтүүтэ хотугу улуустарга Халыма өрүс хаатыттан тахсан, сорох бөһүөлэктэри бүүс-бүтүннүү ылбыта, атыттарын иилии эргийбитэ. Олорор дьиэлэри таһынан, аэропортар, дизельнэй станциялар ууга баран, дьон олоҕор улахан куттал суоһаабыта.

Айсен Николаев тута сөрөөн бэс ыйын 5 күнүгэр Халыма ­улуустарыгар көппүтэ. Манна кини Үөһээ, Орто, Аллараа Халыма улуустарын олохтоохторун кытары көрсөн кэпсэтэн, хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууну кэрийэ сылдьан көрөн кэлбитэ. Бу Айсен Сергеевич Ил Дархан эбээһинэһин толорооччу быһыытынан – биир бастакы сырыыта этэ. Онон үлэтин хотугу улуустартан саҕалаабыта биир суолталаах түгэн диэн бэлиэтиэххэ сөп.

Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, былырыыҥҥы халаан кэмигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 63 нэһилиэнньэлээх пуун эмсэҕэлээбитэ, 5 300-тэн тахса киһи хоромньуга тэбиллибитэ. Онно эбии социальнай эбийиэктэри, суолу-ииһи эбэн кэбиһиҥ. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр ити улахан сүгэһэр. Онон федеральнай көмөнү ылыы, буолаары буолан, кылгас сайыннаах дьон кыстыкка бэлэмнэнэрбитигэр, бу харчы уталыппакка кэмигэр кэлэрэ улахан суолталаах этэ. Манна Айсен Сергеевич РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведеви, ыксаллаах быһыы-майгы миниистирэ Евгений Зиничеви кытары кэпсэтэн, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа тиийэ боппуруоһу быһаарсыбыта үтүө түмүктэрдээх ­буолбута. Атырдьах ыйын 6 күнүгэр Дмитрий Медведев Саха сиригэр халаан уутун содулун туоратыыга 587,3 мөлүйүөн солкуобай көрүллэрин туһунан РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар илии баттаабыта. Бу сууманы ааҕан туран федеральнай бүддьүөттэн барыта 955 мөлүйүөн солкуобай көмө кэлбитэ.

Уларытыылар

Бу халаан уутун содулун туоратыыга үлэлэһэ сылдьан Айсен Николаев бырабыыталыстыба тутулугар уларытыылары киллэриэххэ наада диэн эппитэ. Бастакы уларытыынан Олохтоох салайыныы департаменын сөргүтүү буолбута. Онон бэс ыйыгар департамент салайааччытынан бу иннинэ үөрэх, ыччат миниистирдэринэн, Ис бэлиитикэ департаменын салайааччытынан үлэлии олорбут, хас да сыл  олохтоох салайыныыга үлэлэспит, Хаҥалас улууһун баһылыгынан үлэлээбит Афанасий Владимиров анаммыта.

Мантан салгыы бырабыыталыстыбаҕа уларытыылары киллэрии ахсынньыга диэри салҕанан барбыта. Бу туһунан хаһыаппытыгар тиһигин быспакка сырдаппыппыт, онон сиһилии суруйбаппын. Арай хотугу улуустарга бу уларытыы туох түмүктээх ­буолбутун ахтыым. Бу уларытыылар түмүктэригэр бырабыыталыстыбаҕа 174 дуоһунас кыччатыллыбыта, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр аҕыйаан биэрбиттэрэ. Ол оннугар Арктика дьыалаларын судаарыстыбаннай кэмитиэтин базатыгар Арктика сайдыытыгар туспа министиэристибэ тэриллибитэ. Бу туһунан Айсен Николаев ахсынньы 17 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ иһитиннэрбит Анал этиитигэр бэлиэтээбитэ. Миниистиринэн бу иннинэ Дьокуускай куорат дьокутааттарын сэбиэтин сала­йан олорбут Александр Саввинов анаммыта.

Онон Олохтоох салайыныы департамена сөргүтүллүбүтэ, Арктика сайдыытын уонна хотугу норуоттар дьыалаларын министиэристибэтэ тэриллибитэ өрөспүүбүлүкэ кииниттэн ыраах, чиэски сиргэ олорор улуустарга уунар илии буолбута чахчы. Ону сэргэ олунньуга Уһук Илин регионнарын сайдыытын министиэристибэтэ Уһук Илин сайдыытын уонна Арктика министиэристибэтигэр уларыйан биэрбитэ элбэҕи этэр.

Арктикаҕа аҕыс улуус холбосто

Арктиканы сайыннарыыга Россияҕа 2014 сыллаахха стратегия (бу стратегия өссө ситэриллиэхтээх) уонна госбырагыраама оҥоһуллубута. Ону сэргэ РФ экономикатын министиэристибэтэ регионнары сайыннарыыга тирэх сирдэри (опорные зоны) тэрийбитэ. Ол курдук, Хотугу ­муустаах муора кытылыгар сытар регионнарга Кольскайдааҕы, Архангельскайдааҕы, Ненец­кэйдээҕи, Воркутатааҕы, Ямал­лааҕы-Ненецкэйдээҕи, Таймыыр­дааҕы-Туруханнааҕы, Хотугу Саха сиринээҕи уонна Чукоткатааҕы тирэх сирдэр диэн үөскээбиттэрэ.

Былаан быһыытынан, бу тирэх сирдэргэ регион сайдыытыгар туһуламмыт биир ситимнээх бырайыактар олохтонуохтаахтар. Ол эбэтэр хас биирдии бырайыак региону са­­йыннаран бүтүн Арктиканы биир ситимҥэ тутан олоруохтаах. Атыннык эттэххэ, муоста тирэхтэрин курдук, бу быра­йыактар Россия уһук хоту өттүн бүтүннүүтүн тутан олоруохтаахтар.

Бу курдук “РФ Арктикатын социальнай-экномическай сайдыытын” судаарыстыбаннай бырагырааматыгар олоҕуран хас да бырайыак олоххо киириэхтээх. Онон улуустар, оройуоннар Арассыыйа Арктикатын зонатыгар киириилэрэ улахан суолталаах. Ити 2014 сыллааҕы былааҥҥа Арктика зонатыгар Саха сириттэн биэс эрэ улуус (Анаабыр, Булуҥ, Аллайыаха, Усуйаана, Аллараа Халыма) киирбитэ. Онтон атын хотугу улуустар Орто, Үөһээ Халымалар, Муома, Дьааҥы, Абый, Өлөөн, Эдьигээн, Эбээн-Бытантай киирбэтэхтэрэ. Онон бу улуустары Арассыыйа Арктическай зуонатыгар киллэрии туһунан кэпсэтии ити кэмтэн ыла күүскэ барбыта. Манна урукку бэрэси­дьиэннэрбит Михаил Николаев, Вячеслав Штыров, Егор Борисов улахан өҥөлөөхтөр. Айсен Николаев кинилэр этиилэрин, үлэлэрин салҕаан, Саха сирин олох­тоохторугар биир улахан дьыаланы тиһэҕэр тириэрдибитэ үөрдүөн үөрдэр. Ыам ыйын 14 күнүгэр бу аҕыс улууһу Арассыыйа Арктикатыгар киллэрэр туһунан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕа таҕыста.

Манна даҕатан Айсен Сергеевич: “Ханнык баҕарар салайааччы кини иннинэ олорбут салайааччыны ки­­риитикэлээһинтэн саҕалыыра кэрэгэй диэн биир бэйэм сыаналыыбын. Былаас диэн былаас, былааска утумнааһын диэн баар буолуохтаах. Ити, бастатан туран, нэһилиэк, улуус, куорат, өрөспүүбүлүкэ сала­йааччытын быһыытынан дьоҥҥо-норуокка эппит тылы толоруу. Саҥа салайааччы урукку салалта үчүгэй, үтүө уопутун сүһэн ылан үлэтигэр туһаныахтаах. Ол буолуоҕа көдьүүстээх, таһаарыылаах үлэ диэн. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бы­­лаас утумнааһына баарыттан үөрэбин. Ол ону биһиги бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев уонна Вячеслав Штыров олохтоо­буттара. Вячеслав Штыровтан муоһаны Егор Борисов ылан, аҕыс сыл устата өрөспүүбүлүкэни салайбыта”, — диэн бэлиэтээн эппитин ахтан аһарар тоҕоостоох.

Түмүк

Бу суруйуубар бырамыысыланнаһы, социальнай тутуулары, инфраструктураны сайыннарыыны кыбыппатым. Билэргит курдук, хотугу улуустарга улахан эбийиэктэртэн, аэропортары саҥардыыны таһынан, Аан дойдутааҕы Арктика оскуолата тутул­луохтаах, хотугу ­улуустарга оптоволокно тардыллыахтаах. Ону таһынан бырамыысыланнас, энергетика сайдыытыгар улахан былааннар бааллар.

Аграфена Кузьмина,

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0