Биир собону 3100 солк. атыыластылар

26.11.2016
Бөлөххө киир:
Бүлүү балыга - 38 уһуннаах

Дьокуускай куоракка Арчы дьиэтигэр бээтинсэҕэ «Байанай» сурунаал «Оо, собо барахсан» булчуттарга аналлаах дьоро киэһэни ыытта. Куонкуруска 2,145 киилэ ыйааһыннаах, 38 сантиметр уһуннаах собо балыгы аҕалан Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин олохтооҕо Николай Алексеев кыайда. Нэһилиэк Күндэ эбэтин собото эбит. Бастаабыт балыгы аукциоҥҥа таһаардылар. Ол түмүгэр балык хаһан да иһиллэ илик улахан суумаҕа — 3100 солк атыыланна (хаартыскаҕа — собо саҥа хаһаайына Михаил Черкашин).

buluu-balyk-2

balyk

byup

postn

Бу киэһэ собону сиэһиҥҥэ күрэхтэһии ыытылынна, ырыа ыллаатылар, тойук туойдулар. Александр Постников эрэдээктэрдээх «Байанай» сурунаал маннык интэриэһинэй тэрээһиннэри өрүү ыытар үгэстээх.

Манна даҕатан эттэххэ

Билэр дьон этэллэринэн, үс тыһыынча солкуобайга билигин биир куул (40 киилэ) талыы собону атыылаһыахха сөп.

Александр ТАРАСОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0