Куорат дьаһалтатын баһылыга Айсен Николаев бэҕэһээ киэһэ Сыырдаах экспериментальнай тэпилииссэтигэр бастакы помидоры быста.
Россия ирдэбилинэн, биир киилэ помидорга 300 мг нитрат куттала суоҕунан ааҕыллар. Кытайтан аҕалыллар помидорга оруобуна итиччэ, Россия атын регионнарыттан кэлэргэ 80-100 мг нитрат баара. Оттон Сыырдаах помидоругар суордуттан тутулуктанан 17-24 мг нитрат баарын анаалыс көрөдрө. Ирбэт тоҥноох Саха сиригэр кыһын оройугар үүннэриллибит оҕуруот аһа экологическай өттүнэн быдан ыраас эбит.
— Оҕурсуга уонна тума буолар үүнээйигэ тэҥнээтэххэ, уустук көрүүлээх култуураҕа киирсэрин иһин үлэбитин помидортан саҕаалабыппыт. Эрдэ ситэр үс суорду олордубуппут, куһаҕана суохтук үүннүлэр, онон бырайыак табылларыгар эрэлбит күүһүрдэ. Мантан саас өссө элбэҕи быһыахпыт, — диир хаһаайыстыба салайааччыта Дмитрий Захаров.
Саҥа помидор бу күннэргэ детсадтарга бэрилиэ итиэннэ куоракка «Илин эҥэр», «Поярков» маҕаһыыннарга атыыга тахсыаҕа.
Раиса СИБИРЯКОВА.