Эһиилги бүддьүөт дэписиитэ — биир миллиард

11.12.2018
Бөлөххө киир:

Ил Түмэҥҥэ эһиилги бүддьүөт дохуоттаах чааһын,  судаарыстыба иэһин, мэктиэ биэрээһин уонна бас билиини салайыы боппуруостарын дьүүллэстилэр.

edersaas.ru

Бүддьүөккэ анаммыт мунньахха анал хамыыһыйа: СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Стручков, үп миниистирэ Валерий Жондоров, экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова уонна норуодунай дьокутааттар санааларын үллэһиннилэр.

Барыллаан ааҕыынан, 2019 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киирэр дохуот – 188 миллиард 783 мөлүйүөн солкуобай, ороскуот 189 миллиард 918 мөлүйүөн солкуобай, көстөрүн курдук, былааннаммыт ороскуоту сабарга 1 миллиард 135 мөлүйүөн солкуобай үп тиийбэт. 2020-2021 сылларга бүддьүөт дэписиитэ биирдии миллиард солкуобай буолара күүтүллэр.

Дьокуускайга 210 миэстэлээх өрөспүүбүлүкэтээҕи искэн диспансера тутулларынан уонна тыа сиригэр биэлсэр-акушер пууннарын тэнитии, уопсай быраактыкалаах быраастар үлэлиир сирдэрин тэрийии үлэтэ барарынан сибээстээн, «2018-2022 сылларга СӨ Доруобуйа харыстабылын сайыннарыы» бырагыраама үбүлээһинэ эбиллэн биэрдэ. Ону олоххо киллэрэргэ бүддьүөт эбэһээтиэлистибэтин лимиитин уонна ассигнованиетын улаатыннарарга хамыыһыйа сөбүлэстэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0