Биир миэстэҕэ – аҕыс оҕо

Ааптар: 
24.05.2022
Бөлөххө киир:

Былырыын Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр 3800 сайабылыанньа киирбит, ортотунан биир миэстэҕэ 8 киһи куонкурустаспыт. Абитуриеннар ыйытыыларынан кэллиэс дириэктэрэ Дмитрий Алексеевы кытта кэпсэтиибитин бэчээттиибит.

edersaas.ru

 

Үөрэх сыла кылгыан сөп

– Дмитрий Афанасьевич, бүгүн чопчу үөрэххэ туттарсыы туһунан кэпсэтэбит. Үөрэх сылын кылгатаары гыналлар диэн иһиллибитэ.

– Билиҥҥитэ чопчу быһаарылла, бигэргэнэ илик. Биир сыл кылгыан сөп диэн этиллибитэ. Урут 2 сыл 10 ый үөрэтэр эбит буоллахпытына, уларыйыы киирдэҕинэ, 1 сыл 10 ый үөрэниэхпитин сөп. Ыам ыйын бүтүүтүгэр диэри кэтэһэбит, үөрэх федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаарта тахсыахтаах.

– Оҕолор түргэнник идэни баһылыылларыгар ордук буолуо эрээри, хаачыстыба өттүнэн хайдах дьайыай?

– Үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ, уларыйыы киирэр түгэнигэр бастакы куурустан тута быраактыкаҕа барыахтара уонна уопсастыбаннай биридимиэттэр сарбыллыахтара. Оскуола 11 сылы быһа нуучча тылын үөрэппитин кэннэ, биһиги сыл аҥаара-биир сыл өссө төгүл нуучча тылын үөрэтэрбит элбэҕи эппэт. Куруһуок дуу, аудиторияны таһынан үлэ быһыытынан дьарыктаныахтарын сөп. Ол оннугар үөрэх улахан аҥаарын балыыһаҕа, быраактыкаҕа, ыарыһаҕы кытта быһаччы үлэҕэ ыыталлара көдьүүстээх. Билигин биһиги улуустарынан салаабытыгар үөрэх ол курдук барар.

Аҕыс салаа

– Салаалары таарыйбычча, ханнык улуустарга баалларый? Онно туттарсыы туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.

– Күн бүгүн Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Удачнайга, Ньурбаҕа, Эдьигээҥҥэ, Уус Маайаҕа, Хаандыгаҕа устудьуоннардаахпыт. Быйыл эбии Тиксиигэ (Булуҥ улууһа), Бороҕоҥҥо (Уус Алдан улууһа) уонна Чурапчыга (Чурапчы улууһа) аһан эрэбит. Итиннэ үөрэнэр устудьуоннар бастакы күнүттэн балыыһаҕа үлэлээбитинэн, үөрэммитинэн бараллар. Улууска миэстэтигэр үөрэнии үп-харчы өттүнэн барыстаах. Ханна даҕаны ыраах тэлэһийбэккэ, дьиэлэригэр олорон үөрэнэн идэ ылаллар, балыыһаҕа үлэлии хаалаллар.

Бу салааларга барыларыгар сиэстэрэ идэтигэр үөрэтэбит. Мииринэйгэ – сиэстэрэ, биэлсэр, лабараан, Ньурбаҕа – сиэстэрэ, лабараан идэлэригэр. Былырыын биир миэстэҕэ үстүү-түөртүү киһи куонкурустаспыта. Быйыл хайдах буолара билиҥҥитэ биллибэт. Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр үөрэххэ киирии орто баала 4,8 этэ, биир миэстэҕэ ортотунан 8 киһи куонкурустаспыта, уопсайа, 3800 кэриҥэ сайабылыанньа киирбитэ.

Бүддьүөт миэстэтэ

– Быйыл төһө миэстэ көрүлүннэ?

– СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕар сөп түбэһиннэрэн, быйыл бүддьүөт суотугар үөрэххэ ыларга лечебнэй дьыалаҕа (биэлсэр) – 100, лабораторнай диагностикаҕа – 60, сиэстэрэҕэ – 385, акушерга – 40, мэдиссиинэ массааһыгар (харахтарынан мөлтөх дьоҥҥо) 15 миэстэ көрүлүннэ. Итини таһынан төлөбүрдээх эмиэ баар.

– Харахтарынан мөлтөх дьону үөрэтии эһиэхэ саҥа киирдэ дуо? Урут истибэт этим.

– Алта-сэттэ сыллааҕыта үөрэтэ сылдьыбыппыт, онтон тохтообуппут. Жатай тиэхиньикумугар үөрэтэллэрэ. Быйыл мэдиссиинэ кэллиэһигэр эмиэ көрдүлэр.

Сайабылыанньаны туттарыы

– Сайабылыанньаны хайдах туттарыахтарын сөбүй?

– Абитуриеннар икки түгэҥҥэ болҕомтону ууралларыгар сүбэлиибин. Бастакытынан, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин тутар хамыыһыйата сайабылыанньаны бэс ыйын 20 күнүттэн атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри ылар. Оттон айар дьоҕур, эт-хаан эбэтэр психологическай хаачыстыба ирдэнэр исписээлинэстэригэр атырдьах ыйын 10 күнүгэр диэри. Иккиһинэн, куонкуруска докумуоннарын (оригиналын) туттарбыттар эрэ киирэллэр. Бу докумуону атырдьах ыйын 24 күнүгэр 16 чааска диэри ылабыт. 16 чааһы ааста даҕаны туппаппыт. Тоҕо диэтэххэ, абитуриеннар туох баар дьыалалара федеральнай информационнай ситимҥэ (ФИС) киирэр, бириэ­мэтэ ааста даҕаны, биһиги кими даҕаны эбии киллэрэрбит кыаллыбат. Аны докумуонун оригиналын аҕалбатах оҕо куонкуруска кыайан кыттыбат. Оҕолор хас даҕаны сиргэ сайабылыанньа биэрэн баран, кэтии сылдьан хойутаан хаалаллар. Онон киирэр кыахтаах үөрэхтэрин ырытан көрөн, болдьоҕун хойутаппаттара ирдэнэр.

Абитуриеннар, кинилэр төрөппүттэрэ кэллиэс саайтыгар баар иһитиннэриини булгуччу көрөллөрө, кэтииллэрэ наада.

Аныгы кэмҥэ абитуриеннартан сайабылыанньаларын ылыы көрүҥэ араас: кэллиэскэ бэйэтигэр кэлэн, Арассыыйа буостатынан, электроннай көрүҥүнэн (кэллиэс электроннай буостатынан pk_yamk@mail.ru, “Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥө биир кэлим портала” федеральнай судаарыстыбаннай информационнай систиэмэнэн, кэллиэс бэйэтин саайтынан http://ybmk.ykt.ru итиэннэ СӨ үөрэххэ өҥөтүн порталынан https://edu.e-yakutia.ru/).

Эбии тургутуулар

– Сорох идэлэр эбии тургутуулаахтар. Тугу туттаралларый?

– Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр туттарсааччылар эбии тургутуулары ааһаллар. Ол курдук, психологическай тестированиены (акушер дьыалата, эмчит дьыалата, сиэстэрэ дьыалата), уруһуйу (ортопедическай стоматология, эстетическэй өҥө технологията) ааһаллар.

Тестированиены биһиги Москватааҕы мэдиссиинэ институтуттан ылабыт. Абитуриеннар чаас кэриҥэ тест ааһаллар, маны аастаҕына, туттардаҕына эрэ салгыы куонкуруска киирэр. Былырыын коронавирус дьаҥынан сибээстээн, кэтэхтэн ыыппыппыт. Быйыл олоҕурбут көрүҥүнэн барар. Кыраапыга бэс ыйын 25 күнүгэр саайтпытыгар тахсыаҕа. Онон ыйыллыбыт күннэргэ кэллиэскэ миэстэтигэр кэлэн туттарыахтара. Маны барытын көмпүүтэр бэрэбиэркэлээн түмүгүн таһаарар.

Баалы ааҕыы

– Дмитрий Афанасьевич, эһиги кэллиэскит биир уратыта диэн, аттестат орто баалын таһааран баран сыалайын эрэ суруйар. Тоҕо?

– Кэллиэс үөрэххэ тутууга быраабылатыгар олоҕуран, биһиги орто баал сыалай эрэ сыанатын көрөбүт. Ол эбэтэр “3,9” эбэтэр “4,8” эҥин диэбэккэ “3”, “4”, “5” эрэ сыана турар. Ол оннугар абитуриент тус ситиһиитин учуоттуубут.

Төрөппүттэр, оскуолалар оҕолоро, үөрэнээччилэрэ ситиһиилээх буоларын туһугар үгүс үлэни ыыталлар, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы араас олимпиадаларга, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, ырыа, үҥкүү күрэхтэргэ кытыннараллар, эбии үөрэхтэргэ үөрэттэрэллэр. Бу урут учуоттаммат этэ. Билигин тус ситиһии ааҕыллан учуоттанар буолла. Холобур, Абилимпикс, ВорлдСкиллс, о.д.а. тэрээһиннэр. Маны туоһулуур докумуоннаах буолаллара ирдэнэр. Биһиги олоххо, туох баар тэрээһиннэргэ көхтөөх оҕолору ыларга дьулуһабыт.

Итини таһынан, биһиги кэллиэспит оскуолаларга анал кылаастардаах. 10-11-с кылаас оҕолорун “младшая сестра по уходу” үөрэтэн сибидиэтэлистибэ биэрэбит. Билигин маннык уонча оскуола баар. Итини сэргэ Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин иһинэн сайынын лааҕыр аһан үлэлэтэбит. Бу кылаастарга үөрэммит уонна лааҕырга сылдьыбыт оҕолорго эмиэ эбии баал ааҕыллар. Бу оҕолор миэдик диэн кимин, туох эбээһинэстээҕин номнуо билэллэр. Мэдиссиинэ туһунан бастакы өйдөбүлү ылбыт, мэдиссиинэ — мин аналым диэн өйдөөн-төйдөөн туттарсар оҕолор.

Тус сыаллаах миэстэ

– Тус сыаллаах дуогабары хантан ылыахтарын сөбүй?

– Тус сыаллаах дуогабардаах абитуриеннарга ордук болҕомто ууруллар, эбии баал ааҕыллар. Хантан ылабыт диэн үгүс төрөппүт ыйыталаһар. СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн, мэдиссиинэ тэрилтэлэриттэн ылыахтарын сөп. Министиэристибэ ханна вакансия баарынан көрөн улуустарынан, нэһилиэктэринэн тыырар. Ол эбэтэр мэдиссиинэ тэрилтэлэрин кытта дуогабар түһэрсэн, оҕо үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, кэпсэппит сиригэр баран үлэлиир.

Аны саҥа уларыйыынан, бу киһи кэллиэс кэнниттэн үрдүккэ туттарсыан баҕарар буоллаҕына, биир сылынан Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ үрдүккэ туттарсарыгар тус сыаллаах миэстэҕэ дуогабардаһыан сөп. Онон кэллиэскэ тус миэстэҕэ киирбиттэр кырата биир сыл дуогабардаспыт тэрилтэлэригэр тиийэн үлэлииллэрэ ирдэнэр.

Дьэ, бу барыта ааҕыллан-суоттанан уопсай баал тахсар. Ким элбэх бааллаах үөрэххэ киирэр. Бааллара тэҥнэһэр түгэнигэр, ким докумуонун эрдэ биэрбитин учуот­туубут.

Түмүк

– Түмүккэ аҕыйах түгэҥҥэ тохтоон ааһыахпын баҕарабын. Бастакытынан, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр 11-с кылаас эрэ кэнниттэн үөрэххэ ылабыт. Иккиһинэн, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бирикээһинэн, туох-ханнык ыарыылаах дьон мэдиссиинэ исписээлинэстэригэр үөрэххэ киирэр кыахтара суоҕа чопчуламмыта. Бу толору испииһэгин биһиги саайтпытыгар көрүөхтэрин сөп. Холобур, хроническай тирии ыарыылаах оҕолору ылбаппыт. Мэдиссиинэҕэ дезсириэстибэни үгүстүк туттабыт, ыарыылара бэргиэн сөп. Үсүһүнэн, орто үөрэхтээх дьон иккис орто үөрэххэ киириилэрэ төлөбүрдээх. Манна син биир аттестаттарын көрөбүт. Төрдүһүнэн, докумуону тутуу болдьоҕун эрдэттэн саайтка киирэн көрөллөрө, учуоттууллара ирдэнэр. Туох баар иһитиннэрии кинилэр ыйбыт электроннай аадырыстарыгар барар. Онон билигин бириэмэ баарына электроннай аадырыстарын, Судаарыстыбаннай өҥөлөрүгэр сирэйдэрин бигэргэтэллэрэ ирдэнэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0