Биир кылаастан: 5 кыһыл көмүс мэтээл, үс 100 баал!

Ааптар: 
05.10.2019
Бөлөххө киир:

Быйылгы сылга уустугурдуллубут (профильнай) математиканы 100 баалга түөрт оҕо туттарбыт эбит буоллаҕына, итинтэн үһэ — Физика-тиэхиньиичэскэй лиссиэй учуутала, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ уопсай үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ, “Арассыыйа бастыҥ учуутала-2007, 2012” “Үөрэх” инники күөҥҥэ тутуллар национальнай бырайыак кыайыылааҕа, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Любовь Ефремова бэһис кылаастан бодьуустаспыт үөрэнээччилэрэ. Биир кылаастан математика курдук уустук биридимиэти үс оҕо 100 баалга туттарбытын, 5 үөрэнээччи кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитин истэ иликпин.

Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Дьиэ кэргэн

— Любовь Ивановна, дьиэ кэргэниҥ, дьонуҥ-сэргэҥ туһунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.

— Ньурба улууһугар биэс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ бэһис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Аҕабыт Иван Егорович Горбатов баара-суоҕа үс саастаахпар суох буолбута. Ньурбаҕа маассабай спорт хамсааһынын таһаарбыт дьонтон биирдэстэрэ, “Урожай” ДСО бэрэссэдээтэлэ. Ийэбит Зинаида Иннокентьевна олус бэһиэлэй, ырыаһыт этэ. Кини сыанаҕа таҕыстаҕына ытыс тыаһа уҕараабат үһү. Биһигини соҕотоҕун атахпытыгар туруортаабыта.

Олоҕум аргыһын Валентин Павловиһы кытта Саха судаарыстыбаннай университетыгар бииргэ үөрэммиппит. Кини педагогика билимин хандьыдаата, ХИФУ математика уонна информатика институтун математиканы үөрэтии методикатын хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ. Икки уоллаахпыт, түөрт минньигэс сиэннээхпит.

Түөрт түгэн

— Учууталлыырыҥ тухары саамай өйдөнөн хаалбыт, умнуллубат түгэннэрдээххин дуо?

— Учуутал быһыытынан олохпор түөрт бэлиэ түгэни ахтан аһарыам этэ. Ол курдук, бастатан туран, бастакы үөрэтэр сылларбар хаачыстыба уустуктук ситиһиллэрэ. Нэдиэлэҕэ түөрт күн оҕолору уруок кэнниттэн хаалларан эбии дьарыктыырым. Саастаах учуутал ону бэлиэтии көрөн: «Сыраҥ халтай хаалыа суоҕа. Түмүк көстүөҕэ, эрэнэбин», — диэбитэ. Ити тыллары күн бүгүҥҥэ диэри өйдүү сылдьабын.

Иккис түгэн. Тихонов Паша диэн үөрэнээччилээҕим. Сыллата олимпиадаларга кытыннарар этим да, миэстэлэспэтэ. Өрүү үөрэтии саҥа ньымаларын көрдүүрүм. Соһуйуом иһин, 9-с кылааска куорат олимпиадатыгар бастаабыта. Учуутал быһыытынан ити мин бастакы улахан ситиһиим этэ.

Үһүс түгэн. Хас биирдии кылаас салайааччыта үөрэнээччилэрэ оскуоланы бүтэрэллэригэр өрүү үрдүк көрдөрүүнү кэтэһэр. Ол гынан баран, ити мэлдьи кыаллар буолбатах. Быйылгы кылааһым мин туох баар эрэлбин барытын толордо, куоһарда.

Төрдүс түгэн. Үөрэнээччилэрим бука бары үлэм түмүгүн көрдөрөллөр – ол мин олоҕум, үөрүүм. Үлэбэр биир халбарыйбат тутуһар суоллаахпын: «Оҕону таптаа, оччоҕо кини эйиэхэ бэйэтэ талаһыаҕа”, — диэн.

Учууталым сабыдыаллаабыта

— Тоҕо математика учууталын идэтин талбыккыный?

— Алын кылаастарга математиканы букатын сэҥээрбэт этим. Төрдүс кылаастан Блинова Александра Митрофановна диэн кэлии учууталга үөрэммиппит. Математикаҕа “3” сыананы ыларым, ол гынан баран, ону олох улахаҥҥа уурбат, олус мэник этим. Учууталым уруок кэнниттэн ыҥыран ылан баран тоҕо кыһаллыбаккын диэн ыйыппытыгар: “Я же получила три”, — диибин. Кыһаллыаххын наада, эн математиканы кыайар кыахтааххын, мин көмөлөһүөм диэтэ. Дьэ, ити тыллартан мин санаабар, туох эрэ уларыйыы барда. Сыыйа түөрдүм-биэһим элбиирин ааһан, математика сөбүлүүр биридимиэппэр кубулуйбутун билбэккэ да хааллым. Биир сыл иһигэр саастыылаахтарбын ситтим. Александра Митрофановна миигин өрүү өйүүрэ, хас биирдии ситиһиибиттэн үөрэрэ. Математикам көнөөтүн кытта атын биридимиэттэрим эмиэ тупсубутунан бардылар. Билигин, учууталым иҥэрбит ньыматын үгүстүк туһанабын. Учууталтан чахчы улахан тутулуктаах. Кини оҕоҕо эрэли үөскэтэр. Учууталбар махталым муҥура суох.

Математика муҥура биллибэт

— Математика олоххор туох суолталааҕый?

Математиканы өйдүүргэ, ылынарга, кини интэриэһинэй өрүттэрин көрөргө, толкуйдуурга, ырытарга, мөккүһэргэ үөрэтэбин. Үөрэнээччилэрим миигин кытта сыыһаҕын диэн мөккүһүөхтэрин сөп. “Дискуссия” — күннээҕи көстүү. Кинилэр миигин кытта математика тула мөккүһэллэриттэн куттамматтар, толлубаттар. Сорохтор кытарыахтарыгар диэри мөккүһэллэр, атыттар мөккүөр ортотуттан “ээ өйдөөтүм” диэн баран баран хаалаллар. Кыайтарбыппын биллэхпинэ: “Отстаньте”, — диибин. Оччоҕо күлэн тоҕо бараллар, ол аата сыыспыт диэн өйдүүллэр.

Оҕоҕо көҥүлү биэрэбин”

— Төһө кытаанаххыный?

— Кытаанахпын. Учуутал уруогу ыытарыгар бастакы кыһыл көмүс быраабылатынан бэрээдэк буолар. Эн хайдахтаах даҕаны чаҕылхай мэтэдиис буолбутуҥ иһин, кылааска дьиссипилиинэни туппат түгэҥҥэр, уруогу толору ыытар, билиини иҥэрэр кыаҕыҥ суох. Ол эрээри, мин кылааспар хаһан даҕаны сахсырҕа көтөр чуумпута сатыылаабат. Оробуочай кэпсэтии хайаан даҕаны баар. Бэйэ-бэйэлэриттэн садаачаны ыйыталаһыахтарын, улахан кылаастарга бөлөҕүнэн олорон үлэлиэхтэрин, паарталарыттан ойон туран кимтэн эрэ баран хайдах суоттаабытын туоһулаһыахтарын сөп.

Иккиһинэн, оҕо үөрэх киниэхэ наадалааҕын өйдүөхтээх. Миигиттэн сүүстэ даҕаны ыйытыан сөп. Мин ону көҥүллүүбүн, ыйытыытыгар толору хоруйдуубун.

Үсүһүнэн, оҕону тас көрүҥүнэн көрөн күлүү-элэк оҥостоллорун хара ааныттан кыраҕытык кэтиибин. Ол иһин оҕолор: “Любовь Ивановна строгая, но справедливая”, — дииллэр эбит. Оҕо, нууччалыы эттэххэ, “справедливость” диэни бэркэ өйдүүр.

Оҕолорго — иккис ийэ

— Быйыл оскуоланы бүтэрбит оҕолорум саамай мэник кылааһынан аатыраллара. Бэһис кылааска сыл аҥаарын устата дьиэҕэ үлэни 100 бырыһыан туттаралларын ирдээбитим. Учууталлыырым тухары оннук түгэни көрсүбэтэҕим. Кытаанахпын. Онон иһэ үллүбүтэ биир ыйынан бары дьиэҕэ үлэлэрин баар оҥорооччулар. Оттон бу кылааспар биэс оҕом оҥорбото, аныгыскы сырыыга атын биэс оҕо аҕалбата. Маҥнай утаа, оҕолор, эһиги хайдах буолаҕыт диэн өйдөтөрбүн кумаардаан даҕаны көрбөттөрө. Ол эрээри, алтыс кылаастан ыла кэлэктиибинэн үлэлээтэхтэринэ эрэ ситиһиилэнэр кыахтаахтарын өйдөөн барбыттара. Сыралаах үлэ түмүгэр, алтыс кылаастан 11-кэ диэри оскуола үрдүнэн “Бастыҥ математическай кылаас” ааты ыһыктыбакка сылдьыбыппыт.

2012 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит оҕолорбун учууталлар олус хайгыыллара, оттон быйыл бүтэрбит үөрэнээччилэрбин өссө чаҕылхайдар дииллэр. Биэс оҕом кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрдэ, үс оҕом 100 баалга туттарда.

— Барыта хас үөрэнээччиҥ 100 баалга туттарда?

— Үлэлиирим тухары биэс оҕо 100 баалга туттарда, 2017 сыллаахха – икки, быйыл – үс. Эбэн эттэхпинэ, 2003 сыллаахха бүтэрбит Роман Хмелев (Санк-Петербурдааҕы университет математика-мэхээньикэ бакылтыатын бүтэрбитэ) 99 баалга, 2007 сыллаахха Аскар Тимофеев (Москватааҕы физика-тиэхиньикэ институтун бүтэрбитэ) 98 баалга, 2012 сыллаахха Коля Попов (Москватааҕы Экэниэмикэ үрдүкү оскуолатын бүтэрбитэ) 98 баалга туттарбыттара. Быйыл мин кылааһым өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ көрдөрүүнү ситистэ, хас биирдии үөрэнээччим орто баала 85,1 тэҥнэстэ, 29 оҕо бүтэрбититтэн сүүрбэ иккитэ математикаларын 80-тан үөһэ баалга туттардылар. Бары үөрэххэ киирдилэр — ХИФУ-га, Москватааҕы судаарыстыбаннай университекка, Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай университекка, Санкт-Петербурдааҕы университекка. Үс үөрэнээччим Казаннааҕы университет ханнык баҕарар бакылтыатыгар эксээмэнэ суох киириэххин сөп диэн ыҥырыы сурук туппуттара, үс оҕо тас дойдуга (Корея, Кытай, Чехия) үөрэнэ бардылар.

100 баал кистэлэҥэ

— Быйыл үс үөрэнээччиҥ биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарда. Кистэлэҥэ тугуй? Хайдах ситистиҥ?

— Оҕону аҥаардас биир кэлим эксээмэҥҥэ эрэ бэлэмниир сыыһа. Математикаҕа үөрэтиэххэ наада. Бэһис кылаастан, кыра олимпиадалартан саҕалаан, кылаас оҕотун барытын сыһыарбытынан барабын. Үрдүкү кылаастарга бириэмэ кырыымчыгынан сибээстээн, испииһэккэ киирбит улахан олимпиадаларга эрэ кытыннарабын. Маныаха учуутал оҕону көҕүлүүрэ улахан суолталаах. Олус чаҕылхай, элбэҕи эрэннэрэр оҕолор уоттара-күөстэрэ умуллан хаалар. Ол аата учуутал үөрэнээччитин, нууччалыы эттэххэ, “мотивируйдаабат”.

Аны хас биирдии үөрэнээччигэ эбии сорудах биэрэбин. Ити суоттуур кэмнэригэр тэбис-тэҥҥэ мин дуоскаҕа тугу суруйарбын кэтии олоруохтаахтар. Ол эбэтэр, кыра эрдэхтэриттэн түргэнник толкуйдуурга, үлэлииргэ, хас даҕаны сорудаҕы тэҥинэн толорорго үөрэтэбин. Оскуоланы бүтэрэллэрин саҕана ити сатабылы бэркэ баһылыыр буолан тахсаллар.

Үлэбэр хас биирдии үөрэнээччим ситиһиитин бэлиэтэнэр, кэтээн көрөр, түмүк оҥостор тэтэрээттээхпин. Остуолга сытар, оҕолор хаһан баҕарар кэлэн ханнык тиэмэҕэ доҕолоҥнуулларын, кыайа-хото суоттуулларын арыйан көрүөхтэрин сөп. Бу оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри салҕанар.

Математикаҕа саамай сыаналааҕа – бастакы чааһа. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, арыый судургу буолан баал ылбахтаһыахха сөп. Болҕомтото суох буолууттан алҕас таһаардахха, илии соттон хаалыахха сөп. Иккис чааһа уустук, баал ылар манан дьыала буолбатах. Мөлтөхтүк толорбут түгэннэригэр “позор”, “мөлтөх” диибин эрээри, хаһан даҕаны оҕону сирэй-харах анньыбакка, күлэ-үөрэ, оонньуу быһыытынан этэбин.

Быйыл тоҕо кылаас салайааччытыттан аккаастанным диэ. Тоҕо диэтэххэ, биэтэккэ тиийдим. Биэтэк диэн тугуй? Төрөппүттэр эрэллэрин, кинилэр миигиттэн ирдэбиллэрин толоруу. Мин иннибэр туруоруллубут ирдэбили хайдах толорорум – ол мин “төбөм ыарыыта”. Учуутал оҕону интэриэһиргэтиэхтээх, хаачыстыбаҕа үлэлииригэр сирдиэхтээх, оскуолаҕа халтай үөрэнэ кэлбэтэҕин итэҕэтиэхтээх.

Дьиэтээҕи үлэлэрэ элбэҕин билэбин, өйдүүбүн. Ол гынан баран, сэҥээрэр оҕолорго тиэмэттэн букатын атын эбии сорудахтары биэрэбин. Биир үчүгэйэ диэн, бу бүтэрбит оҕолорбун садаачаны кэпсииргэ үөрэппитим. Бэһис-алтыс кылаас оҕолоругар киирэн садаачаны быһааран биэрэллэр. Өрүү туттар биир этиилээхпин: «Хорош тот учитель, который учит ребенка мыслить».

Салгыы тугуй? Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү. Оҕо оҕоҕо быһаарара түргэнник тиийимтиэ. Ол иһин, биир эмит үөрэнээччибин ойутан туруоран “бүгүҥҥү уруогу эн ыыт” диэхпин сөп. Бэйэм туораттан кэтээн олоробун. Садаача сорудаҕын олус өйдөнүмтүөтүк быһаараллар, ханнык баҕарар учуутал, хамыыһыйа иннигэр толлубакка кэпсиир, саҥарар үөрүйэхтээхтэр.

Репетитор наада дуо?

— Любовь Ивановна, репетиторданар наада дуу, суох дуу?

— Билигин араас элбэх кииннэр бааллар — “Статград” Бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыак, “Учи.ру”, “Решу ЕГЭ” о.д.а. Оҕо бэйэтэ төһө баҕарар дьарыктанар кыахтаах. Репетитор көмөтүгэр ким наадыйарый? Эбэтэр олох мөлтөх, эбэтэр олох үрдүк баалга туттарыан баҕарар оҕо. Математика олус киэҥ, дириҥ. Өйгө үөрэппэккэ, өйдүөххэ наада. Баҕар, ол иһин үөрэнээччилэрим үрдүк баалга туттарбыттара эбитэ дуу… Төрөппүт кыахтаах, үптээх-харчылаах түгэнигэр тоҕо оҕотугар репетитор наймылаһыа суоҕай. Кырдьыгын эттэххэ, мин бэйэм репетитордыыбын. Муҥ саатар алын баалы ылбыт киһи диэччилэр эбэтэр 80 баалга туттарар кыахтаах эрээри, 100 баалга талаһар оҕолор кэлэллэр. Онон репетитор наада диэбэппин, төрөппүт бэйэтэ быһаарар. Ол эрээри, учуутал ханнык да түгэҥҥэ “репетиторданыҥ” диир бырааба суох.

Төрөппүт – оҕо – учуутал

— Любовь Ивановна, мөҕөр, кыыһырар түгэннэрдээххин дуо?

— Миигин кыыһырдыбатах ордук (күлэр, аапт). Төрөппүт мунньаҕар өрүү саамай элбэх төрөппүт кэлэр. Төрөппүттэр мунньахха кэлбэттэрин, оҕо уруокка хойутуурун адьас сөбүлээбэппин. Миэхэ төрөппүт – үөрэнээччи – учуутал – булгуччулаах сибээс. Убаастанар төрүөтүнэн кэлбэттэрин, ама, хайаан өйдүөм суоҕай. Онон иһэ үллүбүтэ икки-үс төрөппүт кэлимиэн сөп. Биир мунньахха алта төрөппүт суоҕа. Ол миэхэ дьиҥнээх “трагедия” этэ, санаабын аһаҕастык эппитим. Субуота күн алтыаннарын ыҥырбытым. Ол эрээри, кыыһырар, мөҕөр быһыынан буолбатах. Ити курдук араас суоллары тобулабын.

Бастакы икки-үс сыл тэрээһиннэри төрөппүттэр ыыталлар, хайаан даҕаны оҕолору сыһыараллар, кытыннараллар, онтон улахан кылаастарга оҕолор төрөппүттэрин ыҥыраллар. Оскуоланы бүтэрэллэрин саҕана биир дьиэ кэргэн кэриэтэ, ийэлэр дьүөгэлии буолаллар, оттон оҕолору этэ да барыллыбат.

Математикаттан – күпсүүргэ

— Кылаас салайааччытын быһыытынан туох үлэни ыытаҕын?

— Хас биирдии оскуола тус-туспа үгэстээх. Биһиги лиссиэйбитигэр оскуоланы бүтэрээччилэр бары вальс үҥкүүлүүллэр. Ол иһин, оҕолорбутун бэһис кылаастан саҕалаан вальска уһуйбуппут, сыллата паараларын уларытан испиппит. Инньэ гынан, Тиһэх чуораан тэрээһинигэр уустуктары көрсүбэтибит. Иккиһинэн, көмпүүтэр оонньуутугар олус “ылларбыт” уолаттар кэлбиттэрэ. Аҕалар оҕолорун көмпүүтэртэн тэйитээри араас тэрээһиннэргэ таһа сатаан баран, алтыс кылаастан бары 16 уолу күпсүүргэ үөрэттэрэргэ санаммыппыт. Лиссиэйгэ аҕыйах күпсүүр баара, уоннааҕытын төрөппүттэр бэйэлэрэ кыттыһан атыыласпыттара. Салайааччыбыт Саҥа дьыл саҕана олус элбэх тэрээһиннээх буолан үөрэтэрэ сыыйа аҕыйаан барбыта. Хайыахпыный, дьарыктарын ситимин тохтоппот инниттэн, бэйэм үөрэтэргэ быһаарыммытым. Уопуттаах салайааччыны булар олус уустук этэ. Сатаабатаҕым иһин, истэр дьоҕурум сайдыбыт буолан, син көннөрөн биэртэлиирим. Бука, ийэбиттэн бэрилиннэҕэ. Барабанщик буолуох киһи хаалбыппын быһыылаах (күлэр, аапт).

Төрдүс куурус устудьуона Айаана Антонова улаханнык көмөлөһөн турар. Ахсыс кылааска үөрэнэр сылларыгар Сочига бэстибээлгэ баран 1 истиэпэннээх лауреат аатын ылан кэлбиттэрэ. Санаан көр, көннөрү физико-тиэхиньиичэскэй кылаас үөрэнээччилэрэ. Салгыы Г.В.Степанов үлэлэспитэ. Оскуоланы бүтэрэллэригэр Айаана Владимировна кэлэ сылдьарыгар таба тайанан, баара-суоҕа түөрт эрэ күн иһигэр олус үчүгэй композицияны туруортардыбыт. Икки бүтэһик сылга бэйэм үлэлэһиим күүһүнэн күпсүүрдэрин илиилэриттэн араарбакка, оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри дьарыктаннылар. Кырдьыгын эттэххэ, миэхэ, математика учууталыгар эбии ноҕурууска этэ. Ол гынан баран, “Күпсүүр” бырайыакпытын чаҕылхайдык түмүктээтибит. Бэл диэтэр, биирдиилээн тэрилтэлэр бырааһынньыктарыгар ыҥыран кытыннараллара.

Көмпүүтэртэн тэйитэр инниттэн биир төрөппүт спорт саалатын кэпсэтэн, баскетболга эрчиллэллэрин ситиспиппит, сыыйа умсугуйан барбыттара. Билигин бэркэ оонньууллар. Маҥнай футбол куруһуогар, тренажерга да суруйтаран көрбүппүт, ылымматахтара. Баскетболу сэҥээрбиттэрэ. Бу барыта – күпсүүр, баскетбол — төрөппүт күүһүнэн ситиһиллибитэ, онон кылаас салайааччытын быһыытынан махталбын тиэрдэбин.

Үөрэх хаачыстыбата

— Ил Дархан 2024 сылга Саха сирэ уопсай үөрэхтээһин хаачыстыбатынан 15 эрэгийиэн кэккэтигэр киириэхтээх диэн сорук туруорбута. Эн санааҕар, итини хайдах ситиһиэххэ сөбүй?

— Хаачыстыба, биллэн турар, наада. Ол эрээри, хаачыстыба араастаах. Үөрэҕи ситиһии (успеваемость) хаачыстыбатын көрөргө барыларын биир халыыпка киллэрэр, уопсай үөрэхтээһин оскуолатын уонна лиссиэйдэри, гимназиялары тэҥҥэ тутар сыыһа.

Маҥнай утаа, биир кэлим эксээмэни утарар этим. Быйылгы эксээмэн ким холтууралаан, ким хаачыстыбалаахтык үөрэммитин дьэҥкэтик көрдөрдө. Биир оҕо тоҕо намыһах, иккис оҕо тоҕо үрдүк баалы ылбытын толору сыаналаан, характеристикалаан биэрэр кыахтаахпын. Онон хаачыстыба өйдөбүлэ киэҥ. Аҥаардас биир кэлим эксээмэнинэн үөрэх хаачыстыбатын сыаналыыр тутах.

Дьокуускай куорат математикаҕа аттестациялыыр хамыыһыйатыгар баарбын. Биир кэмҥэ сыллата эксээмэн түмүгүн таһаара сылдьыбыппыт. Кэлин ону тохтоппуттара. Ханнык оскуола алын, үрдүк бааллааҕын, ханнык кылаас чаҕылхайын булан бэлиэтиир этибит. Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт олус үчүгэйдик үлэлиир. Алын бааллаах оскуолаҕа миэстэтигэр тиийэн учууталлары, оҕолору үөрэтэр. Тустаах үлэ институкка билигин даҕаны ыытыллар. Мин санаабар, ити курдук кэтээн көрүү үтүө түмүгү көрдөрүөх этэ. Намыһах баал төрүөтүнэн, бастатан туран, учууталлар мэтэдиичэскэй литэрэтиирэнэн хааччыллыылара мөлтөҕө буолар. Иккиһинэн, ыраах олорор буолан учууталлар куурустарга кэлэн үөрэммэттэр. Оннооҕор, сорохтор манна куоракка үрдүгэр олорон куурустарга суруйтарбаттар. Учуутал бэйэтин таһымын өрүү үрдэтиниэхтээх, үүнүөхтээх, сайдыахтаах.

Иллэҥ кэммэр садаача суоттуубун”

— Иллэҥ кэм даҕаны суоҕун тэҥэ эбит. Ол да буоллар, түгэн көһүннэҕинэ тугунан дьарыктанаҕын?

— Даачаҕа үлэлиирбин, тэллэйдиирбин, сир астыырбын ордоробун. Күһүн оҕуруот аһын хомуйан, кэнсиэрбэлээн оҕолорбун, сиэннэрбин күндүлүүбүн. Онтон ураты кэмҥэ иллэҥ бириэмэ көһүннэҕинэ садаача суоттуубун диэтэхпинэ итэҕэйиэҥ эбитэ дуу.

— Иллэҥ кэмигэр садаача суоттуур учуутал баарын саҥа иһиттим. Любовь Ивановна, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал.

Иитээччи — учуутал”

Интервью ыла олордохпуна, хоско, бииргэ үлэлиир кэллиэгэтэ, чугас дьүөгэтэ эмиэ Любовь Ивановна диэн ааттаах, эмиэ математика учуутала киирэн кэллэ. Оччо киирбитин сыыска түһэриэм дуо, “кэллиэгэҥ үөрэтэр кистэлэҥэ тугуй?” диэн ыйытыыбар, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Л.И.Самсонова маннык хоруйдаата: «Саха сиригэр Любовь Ивановна курдук үчүгэйдик тэтэрээти бэрэбиэркэлиир, оҕоҕо өйдөтөр, садаачаны суоттуур, чаҕылхай мэтэдиис-учууталлар суох буолбатахтар. Кини атыттартан туох уратылааҕый? Иитээччи-учуутал. Хаһыаты ааҕан баран атын учууталлар ”биһиги эмиэ үөрэтэбит” диэхтэрэ. Любовь Ивановна кыра гынан баран, кытаанах хараахтардаах, ол эрээри, оҕолору таптыыр. Хараахтарын күүһүнэн уонна араас ньымалары туһанан кылааска олорор отучча оҕоҕо “биһиги булгуччу үөрэниэхтээхпит”, “үөрэх биһиэхэ наада” диэн оҕо үөрэххэ бэйэтэ дьулуһар, өйдүүр кыаҕын үөскэтэр. Икки сыанаҕа кытта үөрэнэр оҕолор математиканы сөбүлүүр буолаллар.

Аны олус дьээбэлээх, элэккэй. Ол иһин оҕолор кини биридимиэтин уустук биридимиэт курдук ылымматтар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр математика учууталыгар сыһыаннара ураты, истиҥ. Хас биирдии уруогун ол курдук үөрүү-көтүү аргыстаах ыытар. Ол да буоллар, үөрэтэр оҕолоро ханна үөрүөххэ-көтүөххэ, ханнык түгэҥҥэ саҥата суох хаалыахха наадатын бэркэ өйдүүллэр. Ону таһынан, туох эмит үлэҕэ ылыстаҕына, сорудах бэрилиннэҕинэ хайаан даҕаны тиһэҕэр тиэрдэр, хаачыстыбалаахтык, суобастаахтык, бириэмэтигэр толорон тэйэр”.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ. Л.И.ЕФРЕМОВА тус архыыбын хаартыскалара туһанылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0