Биир кэмнээх төлөбүрү атырдьах ыйын 2 күнүттэн биэриэхтэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Былырыыҥҥытан олохтоммут 10 тыһыынча кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүрү, оҕону оскуолаҕа тэрийиигэ анаммыт харчынан ааҕаллар.

Саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэниигэ анаммыт мунньахха дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 6 саастарын туолбут оҕолортон саҕалаан бэриллэр төлөбүрү быйыл эрдэ биэриэҕиҥ диэн этии киллэрдэ. Бу харчыны атырдьах ыйын 16 күнүттэн төлөөн барар туһунан былаан баара. “Дьон тиэтэйбэккэ, эрдэттэн оскуолаҕа бэлэмнэнэн баралларыгар табыгастаах буоларын курдук, кэлэр бэнидиэнньиктэн, ол эбэтэр атырдьах ыйын 2 күнүттэн харчыны дьоҥҥо үллэрии саҕаланара наада” диэн этиигэ Үлэ министиэристибэтин баһылыга Антон Котяков  тэхиньиичэскэй өртүнэн бэлэмнэрин эппит.

Биир кэмнээх төлөбүр туһунан Владимир Путин саас Арассыыйа парламеныгар туһаайыллыбыт Анал этиитигэр ахтыбыта.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0