Биир кэмнээх анал төлөбүрү ыла иликтэр тиэтэйиҥ

Бөлөххө киир:

Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорго аналлаах биир кэмнээх төлөбүрү өссө да ыла илик дьиэ кэргэн бу  сыл сэтинньи 1 күнүгэр диэри  тустаах сайабылыанньаны биэриэххитин сөп.

Сайабылыанньаны  судаарыстыбаннай өҥө порталын көмөтүнэн эбэтэр  Биэнсийэ пуондатын килийиэннэри кытары  үлэлиир сулууспатыгар биэрэҕит.

10 тыһыынча солкуобай  6-тан 18-гар диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ  бэриллэр. Төлөбүр ханнык  баҕарар каартаҕа түһэр.

Алтынньы 11 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 175 649 үөрэнээччигэ анал төлөбүр оҥоһуллубут. Ол аата уопсай көрдөрүүнэн 99,55% төлөнүллүбүт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0