Биир кэлим эксээмэн ыытыллар болдьоҕо билиннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ уонна Үөрэҕи кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр 2022 сылга биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) уонна сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн (ОГЭ) болдьохторун бырайыагын бэлэмнээбиттэр. Ити туһунан ТАСС суруйар.

edersaas.ru

Бырайыакка олоҕуран, 11-с кылааһы бүтэрээччилэргэ ыытыллар биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) 2022 сыл кулун тутар 21 күнүттэн от ыйын 2 күнүгэр диэри барыаҕа. Сүрүн түһүмэх иннинээҕи эксээмэн (досрочный период) кулун тутар 21 күнүттэн муус устар 15 күннэригэр диэри буолуоҕа.

Сүрүн түһүмэҕи (основной период) ыам ыйын 27 – от ыйын 2 күннэригэр ыытыахтара. Онтон балаҕан ыйын 5-20 күннэригэр эбии түһүмэх (дополнительный период) көрүллэр.

Сүрүн түһүмэх биридимиэттэринэн маннык күннэргэ буолар:

Ыам ыйын 27 күнэ – география, литэрэтиирэ, химия

Ыам ыйын 30 уонна 31 күннэрэ – нуучча тыла

Бэс ыйын 2 күнэ – математика (профильнай)

Бэс ыйын 3 күнэ – математика (базовай)

Бэс ыйын 6 күнэ – история, физика

Бэс ыйын 9 күнэ – обществознание

Бэс ыйын 14 күнэ – омук тыллара (суругунан), биология

Бэс ыйын 16 уонна 17 күннэрэ – омук тыллара (тылынан)

Бэс ыйын 20 уонна 21 күннэрэ – информатика.

Бэс ыйын 23 күнүттэн от ыйын 2 күнүгэр диэри – эрэсиэрбэ күннэр.

Сиһилии ТАССка ааҕыҥ.

Хаартыска: studiya68.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0