Биир кэлим эксээмэн: Утарабын. Өйүүбүн

Ааптар: 
24.05.2021
Бөлөххө киир:

Биир кэлим эксээмэн (БКЭ) суох буолар үһү диэн сурах иһиллибитэ уонча сыл буолла да, күн бүгүҥҥэ диэри оскуоланы бүтэрээччилэр сыл аайы туттараллар. Аҕыйах хонуктааҕыта дойду киин сонуну тарҕатар сириэстибэлэригэр бу боппуруос эмиэ хат күөрэйэн таҕыста.

edersaas.ru

БКЭ устуоруйата

Биир кэлим эксээмэн (БКЭ) хайдах саҕаланна этэй? БКЭ-ни киллэрэр эспэримиэн маҥнай 2001 сыллаахха ыытыллыбыта. Манна Саха сирин сэргэ дойду түөрт эрэгийиэнэ хабыллыбыта. Эһиилиттэн эспэримиэҥҥэ кыттааччы сыыйа эбиллэн испитэ. Итиэннэ 2008 сылтан дойду бары эрэгийиэннэригэр киирэн, номнуо мөлүйүөнтэн тахса оҕо туттарбыта биллэр.

Онон биир кэлим эксээмэн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр быйыл номнуо 21-с төгүлүн ыытыллар. Бу кэм тухары эксээмэн аата эрэ хаалла. Сыллата кэриэтэ саҥа уларыйыылар киирэ тураллар. Тест сорудаҕа оҕоҕо билиини иҥэрбэт, ким сатабыллаах ол сөпкө таайар диэн утарар киһи элбээн, аҕыйах сыллааҕыта бэлэм хоруйдаах тестэри суох оҥорбуттара.

Былырыын, быйыл дьаҥынан сибээстээн, үрдүк үөрэххэ эрэ киирэр санаалаахтар БКЭ-ни туттараллар.

Эмиэ да наада, эмиэ да охсуулаах

Уопсайынан, биир кэлим эксээмэн (БКЭ) наада дуу, суох дуу диэн дьонтон туоһулаһан көрдөххө, санаалара араастаһар, үс бөлөххө хайдар.

Бастакытынан, (баһыйар өттө) туохха даҕаны туһата суох эксээмэн, оҕо уопсай билиитэ-көрүүтэ итинтэн сылтаан татымырда дииллэр.

Иккиһинэн, олус туһалаах, бу эрэ эксээмэн баар буолан тыа сирин төрөппүттэрэ харахтаан көрбөтөх, ыра санаа эрэ оҥостор дойду киин куораттарын суон сураҕырар ааттаах-суоллаах үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар киирэн үөрэнэр кыахтаннылар диэн бэлиэтииллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, аҕыйах сыллааҕыта дойду үөрэҕин миниистирэ тустаах эксээмэни хайдах даҕаны тохтотор табыллыбатын, эрэгийиэн оҕолоро киин үөрэх кыһаларыгар үөрэнэллэригэр сүрүн тирэх буоларын ыйбыта. Урукку сылларга киин үөрэх кыһаларыгар үксүн Москва эрэ оҕолоро киирэллэрэ. Биир кэлим эксээмэн киириэҕиттэн ыла, устудьуон улахан аҥаара дойду араас муннуктарын оскуолаларын бүтэрбит оҕолор диэн биир интервьютугар этэн аһарбыттаах.

Үсүһүнэн, биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) булгуччу ирдэнэр эрээри, көрүҥүн арыый уларытан, оҕо билиитэ-көрүүтэ кэҥиирин курдук оҥороллоро буоллар диэн этинээччилэр эмиэ бааллар.

БКЭ-ни тоҕо өйүүллэр, утараллар?

Дьон биир кэлим эксээмэни утарар төрүөтэ элбэх. Бастакытынан, үс-түөрт биридимиэт эксээмэнигэр бэлэмнэнэр буолан, оҕо уопсай билиитэ-көрүүтэ намтаата. Иккиһинэн, эрэпэтиитэрэ суох кыайан үрдүк баалга туттарар кыаллыбат. Онтон эрэпэтиитэри ыал барыта наймылаһар үбэ-харчыта суох.

Ону кытта БКЭ-ни өйөөччүлэр даҕаны аҕыйаҕа суохтар. Кинилэр БКЭ тохтуур түгэнигэр хоруупсуйа күннүө, этэргэ дылы, били, халыҥ хармааннаах, үөгүлүүр үптээх дьон таптаабыттарынан айбардыыр кэмнэрэ кэлиэҕэ диэн дьаахханаллар.

Иккиһинэн, оҕо үрдүк үөрэххэ киирэригэр барыларыгар тэҥ усулуобуйа олохтонор дииллэр.

2022 сыллааҕы БКЭ

Быйылгы, 2021 сыллааҕы эксээмэн эрдэттэн былааннаммытын курдук ыытыллар. Хаалбыт аҕыйах хонук иһигэр, баҕар, уларытыыны киллэрэн кэбиһиэхтэрэ диэн саныыр табыллыбат, бэйэни албыннаныы эрэ буолар. Онтон эһиилги эксээмэҥҥэ чахчы уларыйыылар киириэхтэрэ дииллэр. Ол курдук, эһиил 2022 сылга бастакы кылаастан олоччу федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаартынан (ФГОС) үөрэммит оҕолор бүтэрэллэр. “Көннөрү чахчылары (факт), дааталары эбэтэр формулалары билии буолбатах, ону быраактыкаҕа туһаныахтаахтар. Болҕомто анаалыстыырга, систиэмэлииргэ, дааннайдары талан ылан холбоон, дьүөрэлээн (комбинировать), онно олоҕуран түмүк оҥорорго үөрэтэргэ ууруллуохтаах. Ол эрээри, биһиги туох даҕаны “өрөбөлүүссүйэни” оҥорбоппут. Билиини бэрэбиэркэлээһинтэн быраактыкаҕа көһүү сыыйа барыаҕа”, — диэн ФИПИ (Федеральный институт педагогических измерений) дириэктэрин солбуйааччы Ольга Котова интервьютугар этэн аһарбыта.

Түмүк оннугар

Олох бэйэтэ уларытыылары киллэрэр. Уонтан тахса сылы быһа дьокутааттар БКЭ-ни букатын тохтотууттан саҕалаан, араас этиилээх уларытыылары киллэрэн көрбүттэрэ да, кыаллыбатаҕа. Арай, тест эрэ суох буолбута. Былырыын дьаҥ тарҕанан, эксээмэни үрдүк үөрэххэ туттарсааччылар эрэ туттарбыттара. Быйыл эмиэ ити курдук барыаҕа. Баҕар, эһиилгиттэн маннык көрүҥ быстах кэмҥэ буолбакка, букатыннаахтык киириэҕэ дэһэллэр.

Урукку уонна билиҥҥи БКЭ-ни тэҥниир табыллыбат

Спиридон БОРБУЕВ, Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга:

— Биһиги биир кэлим эксээмэн “бастакы хараҥаччылара” буолабыт. 2002 сыллаахха оскуоланы бүтэрэрбитигэр туттарбыппыт. Саха сириттэн да, Үөһээ Бүлүү улууһуттан да, атын түгэх нэһилиэктэртэн даҕаны БКЭ көмөтүнэн элбэх ыччат дойду киин куораттарын үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар хото киирэр буолла. Эрдэ Москваҕа буолуоҕунааҕар, оннооҕор чугас эргин Хабаровскайга да баран туттарсар куосумаска тахсар тэҥэ этэ, кыахтаах эрэ ыал оҕолоро бараллара. Онтон БКЭ киириэҕиттэн дьон материальнай туругуттан тутулуга суох элбэх ыччат үөрэнэ киирэр.

БКЭ-ни сыыйа тупсаран иһэллэр. Маҥнай киириитигэр тест өттө баһыйар эбит буоллаҕына, билигин суоттаан эрэ баран ханнык барыйаана сөбүн (А, Б, В) талаҕын. Аны өйтөн, аахпыттан суруйуулар киирдилэр. Холобур, 2010 сыллааҕы эксээмэни кытта тэҥнээтэххэ, бүгүҥҥү эксээмэн тупсарыллан турар.

Дойду киин куораттара БКЭ-ни тоҕо күргүөмүнэн утаралларый диир буоллахха, бүддьүөт миэстэтигэр эрэгийиэнтэн ыччат хото киирэр. Ол түмүгэр бэйэлэрин оҕолоро бүддьүөт миэстэтигэр хапсыбакка хаалаллар. Онон БКЭ-ни сүрүннээн Арассыыйа киин куораттарын олохтоохторо утарсаллар. Кэнчээри ыччаппытын үөрэхтиэхпитин баҕарар буоллахпытына, эксээмэн икки өттүн көрүөхтээхпит. Эппитим курдук, БКЭ көрүҥэ (формата) уларыйан иһэр. Билиҥҥи уонна 2010 сыллардааҕы эксээмэни тэҥниир хайдах даҕаны табыллыбат. Ис хоһооно да, туттарыыта даҕаны таһыччы атын, таабырын курдук барыйааннары талыы суох, барытын ааҕаллара, суруйаллара, суоттууллара ирдэнэр.

Пандемиянан БКЭ көрүҥэ (форма) уларыйда. Мин санаабар, былырыыҥҥы саамай табыгастаах этэ. Оннук көрүҥ хааллар бэрт этэ – БКЭ-ни үрдүк үөрэххэ киирээччилэр эрэ туттараллар, онтон атыттар — олоҕурбут көрүҥүнэн. Быйылгы эксээмэн эмиэ уратылаах. Орто үөрэххэ барааччылар судаарыстыбаннай түмүктүүр эксээмэни (государственный выпускной экзамен) эрэ туттараллар. Бу БКЭ-тээҕэр чэпчэки диэн өйдүөххэ сөп.

Лариса АТЛАСОВА, төрөппүт:

— Мин биир кэлим эксээмэни (БКЭ) олох наадата суох диибин. Оҕо олохтоох билиини ылбат, БКЭ сорудахтарын толоруунан муҥурданар. Ону да кыһаллар оҕо кыһаллара буолуо. Кистээбэккэ эттэххэ, учууталлар үрдүк баалга туттарыа диэбит оҕолорун ордук бэлэмнииллэр. Оттон оҕо үөрэҕэр мөлтөх соҕус буолла да, эксээмэн алын боруогун эрэ аастар ханнык диэн. Аны оҕо олус долгуйан, улахан охсуу ыларын ааҕыахха. Хас эмэ сыл үөрэтэн кэлбит учууталгар эксээмэн туттарарыҥ дуу, олох билбэт сиргэр тиийэн, хаайыллан кэриэтэ олорон, тугу эрэ суоттуу, толкуйдуу сатыырыҥ дуу.

Мин урут да утарар этим, билигин даҕаны утарабын. Бэйэм икки кыыһым БКЭ-ни туттарбыттара, үһүс кыыһым тохсус кэнниттэн орто үөрэххэ киирбит буолан, туттарбатаҕа. Кыра кыыһым быйыл 11-с кылааһы бүтэрэр. Онон бу биир кэлим эксээмэн диэннэрин эппинэн-хааммынан билбит ийэбин дэнэбин.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: https://www.ruy.ru/press/news/rossiyskie-shkolniki-sdali-pervyy-ekzamen-v-ramkakh-ege/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0