“Сахамедиа” холдинг “Улуус олоҕо” бырайыагын иһинэн “Барыбыт кыһалҕабыт” рубрика үлэлээбитэ быданнаата. Бу сырыыга биир кэлим эксээмэнинэн сибээстээн, туһааннаах министиэристибэттэн эксээмэҥҥэ быһаччы сыһыаннаах салайааччылары, исписэлиистэри ыҥыран, сытыы боппуруостар тула кэпсэттибит.
Сүрүн уларыйыы
Быйыл биир кэлим эксээмэҥҥэ улахан уларыйыы суох эрээри, тупсарыы өттүгэр болҕомто уурулунна. Бастакытынан, былырыыҥҥа диэри эксээмэн матырыйаалларын улуустарга эрдэттэн тиэрдэллэрэ. Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эксээмэн туттарааччылар көрөн олордохторуна, аудитория иһигэр бэчээттээн таһаараллар.
Иккиһинэн, сааскы халаан уута ааҥнаан, кэккэ уустуктары үөскэттэ. Ол курдук, эксээмэн туттарааччы оҕолор үөрэхтэрэ тохтооботун туһугар, өрүү буоларыныы, быстах кэмҥэ, эрдэттэн атын нэһилиэктэргэ көһөртөөбүттэрэ. Ууга барбыт улуустартан Уус Маайа икки нэһилиэгэр уларыйыы таҕыста. Күп нэһилиэгин пууна сабыллыбыт. Үөрэнээччилэр эксээмэннэрин Эдьээҥҥэ баран туттараллар. Оттон Элдьикээн оҕолоро — Петропавловскайга.
Үсүһүнэн, биир кэлим эксээмэҥҥэ үлэлиир учууталларга көлөһүннэрэ төлөнөр буолла.
Учуутал көлөһүнэ аахсыллар
Былырыын биир кэлим эксээмэн хаамыытын илэ харахпынан көрбүтүм. Ол биһиги, икки-үс эксээмэни киирэн көрө түһэн баран тахсарбыт курдук буолуо дуо, сыанан аҕаабат дьыала быһыылааҕын эппинэн-хааммынан сэрэйбитим. Аны учууталлары кытта кэпсэтэн көрдөххө, оскуола салалтата, нууччалыы эттэххэ, “добровольно-принудительно” хамнаһа суох үлэлэтэр диэн үҥсэргииллэрэ. Ол иһин, быйыл “төгүрүк остуол” кэмигэр тустаах боппуруоһу анаан-минээн ыйыталастым.
СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева: “Тустаах боппуруос былырыыҥҥа диэри мөккүөрдээх этэ. 237-с №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаһала тахсыбыта. Ол дьаһалынан туспа харчы көрүллэр, методиката суруллан турар. Дьаһалы сыныйан ааҕыахтарын, харчы суумата төһөтүн, хайдах быһыылаахтык төлөнөрүн миэстэтигэр билсиэхтэрин наада. Бэйэлэригэр тэхэньиическэй үлэһит суох түгэнигэр атын дьону үлэлэтэллэр, оччоҕо дуогабар быһыытынан эмиэ төлөнөр”, — диэн быһаарда.
Урукку сылларга даҕаны эксээмэҥҥэ үлэлээбит педагогтарга төлөнөр эбит. Ол эрээри, нууччалыы эттэххэ, “источниктара” уларыйбыт. Көлөһүннэрэ хамнаһы дуу, уоппусканы дуу кытта ааҕыллыбакка, туспа ньыманан көрүллэр буолбут.
Принтер, картридж кыһалҕата
Эксээмэн былааҥкаларын миэстэтигэр бэчээттээн таһаарар буолан, тыа сирин уһук нэһилиэктэригэр принтер, картридж, кумааҕы боппуруоһа сытыытык турар. Биир үксүн ол да иһин, “төгүрүк остуолу” быһа көрөн олорор улуустар бастакынан ити ыйытыыны биэрдилэр. Саҥа технология киирэрэ эрдэттэн биллэр этэ, инньэ гынан, СӨ бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар муниципалитеттар эбээһинэстэрэ эмиэ суруллан турарын, олохтоох дьаһалта быһаччы кыттыһыахтааҕын этэллэр. Ол эбэтэр, эксээмэн туттарар пууннар интэриниэттэн саҕалаан бары өттүнэн хааччыллыылаах эрэ нэһилиэккэ арыллалларын иһитиннэрдилэр. Аны биир-икки сыллааҕыта оскуолаларга эксээмэҥҥэ туһанарга диэн анаан тиэрдиллибит аппарааты сылы быһа туһанан баран, эксээмэн саҕана “ытыстарын тоһуйалларын” ыйаллар. Министиэристибэ видеонан кэтээн көрүүнү, тимири көрдүүр тэрилинэн хааччыйарын иһитиннэрдилэр.
Кыраҕы харах кэтэбилигэр
Саха сиригэр сыллата 1000-тан тахса уопсастыбаннай кэтээн көрөөччү үлэлиир. Иккис сылын үлэлиир устудьуон Петр Никифоров: “Кэтээн көрөөччүнэн киириэн баҕарар киһи эрдэттэн сайаапкатын биэрэр. Билигин онлайн портал баар. Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр бары анал кууруһун баран, онон тест туттараллар уонна сэртипикээт ылаллар”, — диэн быһаарда. Ол эбэтэр, кэтээн көрөөччүлэр эмиэ үөрэнэллэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй холобура
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт тарбахха баттанар, биир үрдүк көрдөрүүлээх үөрэх кыһатынан биллэр. Тустаах лиссиэй психолога Айыына Филиппова:
— Бастакытынан, оҕолор саамай долгуйаллара, эксээмэн хаамыыта буолар. Иккиһинэн, учуутал уонна төрөппүт ирдэбилэ улаханыттан ыгылыйан ылалларын биллэрэллэр. Билэрин билэллэр эрээри, ордук эксээмэҥҥэ сыһыаннара долгутар. Хас биирдии оскуолаҕа боруобалаан көрөр эксээмэннэр хастыыта даҕаны барбыт буоллахтарына, номнуо бэлэмнээх кэлэллэр”, — диэн быһаарар. Профориентационнай үлэни кинилэр 5 кылаастан саҕалаан ыыталлар эбит. Аҥаардас кэпсэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, улуус тэрилтэлэринэн эспэдииссийэлэри тэрийэллэр, исписэлиистэри кытта быһаччы көрсөллөр, оскуолаларыгар устудьуоннары, үлэһиттэри ыҥыран бэйэлэрин холобурдарын кэпсэттэрэллэр. Тус бэйэтэ психолог быһыытынан араас диагностикалыыр матырыйаалларынан туһанарын, сүбэ-ама биэрэрин, үөрэнээччитин ахсаана аҕыйах буолан, хас биирдии үөрэнээччини кытта быһаччы үлэлиирин иһитиннэрдэ.
Сыыппаралар
2018 сылга
8561 киһи БКЭ туттарар
7964 быйыл бүтэрээччи
238 пуун үлэлиэҕэ
Аҥара тус билиитинэн киирэр
“Хайаан даҕаны бары үрдүк үөрэҕи ылыахтаахтар диир сыыһа”, — диэн Феодосия Габышева “төгүрүк остуол” кэмигэр бэлиэтээбитэ. Ону ааһан, 2000 сыллар саҥаларыгар араас филиаллар, бэрэстэбиитэлистибэлэр баар эрдэхтэринэ, төрөппүттэр “сүөһүлэрбитин сүүскэ биэрдибит да, оҕолорбутун үрдүк үөрэххэ киллэрэн үөрэттэрэбит” дииллэрин аҕынна. Билигин оҕо 52 % бэйэтин билиитинэн үрдүк үөрэххэ киирэрин иһитиннэрдэ.
СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин уопсай үөрэхтээһиҥҥэ уонна тыл бэлиитикэтин салаатын салайааччытын солбуйааччы Туйаара Абрамова икки төрүөтү көрөрүн эттэ. Орто анал үөрэхтэргэ киирэр оҕо ахсаана сыыйа эбиллэн иһэрин уонна биирдиилээн биридимиэттэргэ орто көрдөрүү сыллата үрдээн иһэрин ыйда.
Быһа сибээс: “Абитуриент-2018”
Үөрэххэ туттарсааччылар мунаарар ыйытыыларыгар көмөлөһөр сыалтан, «Саха сирэ» хаһыат М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты кытта төлөпүөнүнэн быһа сибээһи тэрийэр. Үөрэххэ туттарсар ыччат, төрөппүттэр, учууталлар тустаах боппуруоскутун биэриэххитин сөп.
Быһа сибээс бэс ыйын 6 күнүгэр 12.00-13.00 чааска диэри үлэлиир. Ыйытыыларгытын ити ыйыллыбыт бириэмэҕэ 8-4112-42-06-90 төлөпүөнүнэн эрийэн биэриҥ. Итини сэргэ эрдэттэн edersaas.ru саайтка киирэн “Сонуҥҥун кэпсээ” кнопканы баттаан анал графаҕа ааккытын ыйан туран, ыйытыыларгытын хаалларыҥ эбэтэр 8-914-276-70-32 нүөмэргэ үлэ чааһыгар батсаабынан ыытыҥ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.r