Биир кэлим эксээмэҥҥэ диэри нэдиэлэ хаалла

Ааптар: 
25.06.2020
Бөлөххө киир:

Быйыл коронавируһунан сибээстээн, биир кэлим эксээмэн хаһааҥҥытааҕар даҕаны хойутаан – от ыйын 3 күнүттэн саҕаланар. Саха сиригэр оскуоланы 8000 кэриҥэ оҕо бүтэрэр. Итинтэн үрдүк үөрэххэ туттарсар баҕалаах эрэ дьон биир кэлим эксээмэни туттарар.

edersaas.ru

Өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл оскуоланы 8000 кэриҥэ оҕо бүтэрэриттэн, тустаах эксээмэни бэс ыйын саҥатынааҕы чахчынан, 6082 киһи туттарар былааннааҕа.

Өскөтүн, урукку сылларга кыайан туттарбатахтар күһүн холонон көрөр эбит буоллахтарына, быйылгылар аттестаттарын номнуо ылбыт буолан, оннук кыах бэриллибэт, эһиил эрэ туттарыахтарын сөп.

Оттон сүрүн түһүмэххэ убаастанар төрүөтүнэн эксээмэҥҥэ кыайан кыттыбатахтар эрэсиэрбэ күннэригэр (от ыйын 24 уонна 25, атырдьах ыйын 3, 5, 7 уонна 8 күннэрэ) киириэхтэрин сөп. Инньэ гынан, быйыл үөрэххэ туттарсар кыахтаахтар, баттаһаллар. Биир кэлим эксээмэн түмүгэ атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри биллиэхтээх.

Санатан эттэххэ, от ыйын 3 күнүгэр – географияҕа, литэрэтиирэҕэ, информатикаҕа, от ыйын 6 уонна 7 күннэригэр — нуучча тылыгар, от ыйын 10 күнүгэр – математикаҕа (профильнай), от ыйын 13 күнүгэр – историяҕа, физикаҕа, от ыйын 16 күнүгэр — химияҕа, обществознаниеҕа, от ыйын 20 күнүгэр – биологияҕа, омук тылларыгар (суругунан чааһа), от ыйын 22 уонна 23 күннэригэр – омук тылларыгар (тылынан чааһа) эксээмэннэр буолаллар.

Исписэлиистэр эксээмэн чугаһаан кэлбит түгэнигэр маннык кэккэ сүбэлэри биэрэллэр:

  1. Болҕомтону билбэт тиэмэҕэр уур. Хатылаа, кырата 10-нуу холобуру, нүөмэри оҥор.
  2. Күнүҥ эрэсиимин сөпкө аттар. Эксээмэҥҥэ толкуйдуур төбө, улахан болҕомто эрэйиллэр. Эксээмэн иннинэ илистибэт курдук, кэмигэр утуй.
  3. Эрдэттэн эрэпэтииссийэлэн: боруобаҕа бэриллэр сорудахтары толор, хас мүнүүтэ толороргун кэтээн көр.
  4. Барытын хатылыырга сорунума. Ордук болҕомтону билбэт тиэмэҕэр уур.
  5. Ааспыт сылларга туттарбыт оҕолор туохха сыыһалларын туһунан ыстатыйалары аах, видеолары көр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0