Биир күтүөт (саҥа кэпсээн)

01.11.2017
Бөлөххө киир:

Уол оҕону билбэтэх үс кыыстаах Алексеевтар улахан кыыстара Аля күтүөт аҕалан иhэрин истэн эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ. Төрөппүттэр ууга-уокка түhэн, сүөhүлэрин cүүскэ биэрэн, ас арааhын булан-талан чугас дьоннорун, аймахтарын түмэн көрсүhүү тэрийэр санаалаахтара.

edersaas.ru

Ыраах сиргэ күтүөт кэлэрэ сонун буолан, уоллаах кыыс кэлэр күннэригэр чугастыы олорор ыаллара бары киирэн көрсүбүттэрэ. Уурбут-туппут курдук улахан, кыраhыабай дьүhүннээх, киhи киhилээхпин диир астык киhитэ эбит диэн сыаналаан, көрбүт дьон эрэ барыта дэриэбинэни толорбуттара. Оннооҕор хотуна көрдө-көрөөт сөбүлээн, «уолум» диир буолбута. Аля дьонугар оҕо күүтэрин туһунан кэпсээн, тута кыра биэчэр тэрийэн, ыал буолбуттара. Ол кэннэ кыыстара үөрэҕин бүтэрэн кэлбит киhи быhыытынан, оскуолаҕа учууталынан үлэлии киирбитэ. Күтүөттэрэ күhүн үөрэҕэр куоракка барбыта.

Саас күтүөттэрэ практикалана кэлбитигэр кыыстара уол оҕолонон, «икки уолланныбыт» диэн төрөппүттэр үөрүүлэрэ үксээбитэ. Бу курдук күтүөт кэлэ-бара сылдьыбыта. Ол кэмңэ Алексеевтар иккис кыыстара Алена устудьуоннуу сылдьан уопсайа суох хаалан, куоракка күтүөтүн кытта олорор чиэскэ тиксибитэ. Сайын ыаллар икки устудьуоннара Аленалаах Артем дойдуларыгар кэлэн, олох атын сыһыаннаммыттара тута биллибитэ. Тапталлаах күтүөттэрэ Аляттан арахсан, Аленаҕа көспүтэ. Аля абаран, кэлэйэн, кыhыытын дьонунан таhааран, атын сиргэ көһөргө күһэллибитэ. Ол эрээри уһаабатаҕа. Төттөрү дойдутугар кэлэн, «олорор буоллахтарына куоракка олохсуйдуннар, мин харахпар көстүбэтиннэр» диэн буолбута. Ол быыһыгар балтыгар төлөпүөннээн; «Ити быhыың бэйэҕэр төннөн тиийиэҕэ», – диэн саңарбыта.

Эдэрдэр үөрэхтэрин бүтэрэн кыыс оҕоломмуттара. Ол кэннэ, күтүөт биир сыл куоракка үлэлии сатаан баран, харчылара туохха да тиийбэтиттэн сылтаан, дэриэбинэҕэ төрөппүттэригэр төннүбүттэрэ. Бу кэмңэ Аля оҕотунаан бэйэтэ туспа баран, саҥа олоҕун оңосто сылдьара. Эдэр ыаллар төрөппүттэрин кытта олорбуттара. Алена эдьиийигэр күнүүлээн этиhиилэрэ-охсуhуулара үксээн, сыhыаннара алдьанан барбыта.

Ыhыахха Алексеевтар кыра кыыстара, муннуларын бүөтэ Анетта төрөөбүт дойдутугар өр кэлбэккэ гынан баран тиийэн кэлбитигэр, Артем аны Алексеевтар кыра кыыстарын атын хараҕынан көрөн харааччы иирбитэ, хаhааңңытааҕар даҕаны күүскэ таптаабыта… Эдьиийдэрин кыайа-хото туппут буоллахпына, кини да миэнэ буолуоҕа диэн санаалааҕа. Эр киhи баҕарбытын ситиhэр диэбиттэринии Анетта иннин өр биэрбэтэҕэ эрээри, кэлин тиhэҕэр кини Артем дьиңнээх анала буолан олорбута уон иккис сылыгар барда. Билигин номнуо икки оҕолоохтор. Оттон улахан эдьиийэ Аля уол оҕотун кэнниттэн, булумньу оҕолонон, атын дэриэбинэҕэ учууталлыыр, Алена кыыһынаан төрөппүттэригэр билигин да олорор, атыынан-эргиэнинэн дьарыктанар. Билигин иккиэн туох да буолбатаҕын курдук билсэллэр, ол эрэн сүрэхтэрэ тугу кэпсиирин ким билэр…

Анетта икки эдьиийин сыыhаларын бастааңңыттан көннөрдөхпүнэ сатаныыhык диэн, тутатына уол дойдутугар баран олохсуйбута…

Мария Кобельянова-Тускулаана, Сунтаар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0