Ньурба Дьаарханыгар биир үтүө күн түөрт улахан хотон үлэҕэ киллэрилиннэ. Бу – өрөспүүбүлүкэҕэ сир ахсын хотоннор тутуллаллар гынан баран, биир нэһилиэк таһымыгар ыллахха, ханна да буола илик үөрүүлээх түгэн.
Василий НИКИФОРОВ, https://edersaas.ru/
«Нэһилиэк» диэн өрөспүүбүлүкэ эдэр баһылыктарын уопсастыбаннай тэрилтэтин салайааччыта, Дьаархан нэһилиэгин баһылыга Александр Иванов министиэристибэ гранын ылбыт үс бааһынайга – «Дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыы» бырагыраама кыайыылаахтара Андрей Васильевка 4 мөл. 200 тыһ. солк. уонна Галактион Прокопьев 3 мөл. солк. көмө үптэригэр 400-түү тыһ. солкуобайы, оттон саҥа үлэлээн эрэр Спартак Федоровка 1,5 мөлүйүөнүгэр эбии 150 тыһ. солк. нэһилиэк бүддьүөтүттэн бэрдэрэн улаханнык өйөөтө.
Онон Александр Игнатьевич тыа хаһаайысиыбатын үлэтигэр чугаһын уонна эппиэтинэһи сүгэрин өссө төгүл бигэргэттэ. Бааһынайдар ылбыт көмө үптэригэр 50-нуу төбө сүөһүгэ хотон тутуттубуттарын таһынан сүөһү, аныгы оборудование атыыластылар. Холобур, С.Федоров хотонугар Италия оҥоһуута ынах ыыр тэрили таҥан туруордулар.
Төрдүс хотону Светлана Андреева салайааччылаах «Саһарҕа» ХЭУо 100 төбө сүөһүгэ анаан туттарда. Тутуу ороскуотун нэһилиэк уонна улуус уйуннулар. Атын улуустар уонна нэһилиэктэр салайааччылара ньурбалар бу буруолуу сылдьар холобурдарын үөрэтэн көрөн үтүктэллэрэ туһаттан атыны аҕалыа суох этэ.
Өссө киһи сэҥээрэрэ баар, улахан кыамталаах тиэхиньикэлээх «СибМосСтрой» ХЭУо хотоннор туруохтаах сирдэригэр буор-кумах таһан кутан уонна бетон үлэтин үмүрүтэн, үбү да, бириэмэни да кэмчилиир кыаҕы үөскэппитигэр олохтоохтор махталлара муҥура суох. Бу федеральнай тэрилтэ үлэһиттэрэ Дьаархаҥҥа түһүүлэнэн олорон, чугас муоста тута сылдьаллар. Онон бу кэскиллээх тутуулар норуоттар доҕордоһууларын көмөтүнэн түргэнник олоххо киирдилэр.
Василий НИКИФОРОВ, https://edersaas.ru/