Биир күһүн — отут сэттэ тайаҕы

Ааптар:  Захар Федоров-Сахаачча
30.04.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Эдьигээн сиригэр-уотугар  аата-ахсаана биллибэт үгүс үрэх баар. Кинилэр бары Өлүөнэ эбэҕэ кэлэн түһэллэр. Биир маннык үрэҕинэн Мууна буолар. Мууна уутун кээмэйинэн, уопсай уһунунан Саха сиригэр биир улаханынан биллэр. Аны айылҕата кэрэтин, булда-алда өлгөмүн эбэн кэбис. Манна сааһын көтөр кынаттаах бииһин ууһа барыта мустар. Кинилэр бу үрэх элбэх  салааларынан тарҕанан төрүүллэр-ууһууллар, күһүнүн үрэх төрдүгэр кус-хаас мустан, ыам бырдаҕын курдук хойуутук көтөллөр. Сүүрэр атахтаахтан эһэ, бөрө, тайах, кыыл таба, күндү түүлээх киис, саһыл, солоҥдо, андаатар, мас көтөрдөрө: хара улар, куртуйах, бочугурас, курупааскы барыта баар. Өссө уу улаханнык ылбатах дьылыгар куобах хойуутук үөскүүр. Уутугар саас Саха сирин күндү балыктара: бил, хатыыс өрө тахсан ыыллар, атын хара балык ахсааҥҥа да киирбэт. Күөллэригэр быраҥаатта, собо өлгөмнүк үөскүүр. Кыыл таба ыраах Хотугу муустаах муораттан тахсан бу үрэҕи быһар, үрэҕи батан төрдүгэр тахсан кыстыыр. Оттон тайах күһүн балаҕан ыйыгар хотуттан кэлэн бу үрэҕи быһан ааһар.

Дьэ, манна күһүн аайы Эдьигээн тайахсыттара бары мусталлар. Биһиги эмиэ онтон матыахпыт дуо, биир күһүн табаарыстарбын Клим Лазаревы, Василий Шемяковы уонна Григорий Николаевы эрдэ мотуордаах оҥочонон ыыталаатым. Ол саҕана омук туристара, булчуттар Эдьигээн сиригэр кэлэн бултуур идэлэммит кэмнэрэ. Бэйэм икки хонон баран, ол туристары, булчуттары илдьиэхтээх бөртөлүөккэ «кыбыллан» барыахтаахпын. Болдьоммут күн бөртөлүөтүнэн көтөн этэҥҥэ тиийэн, Хоргуоска аппата диэн сиргэ түстүбүт. Мин туох да таһаҕаһым, саам-саадаҕым суох. Барытын дьоммунан ыыттаҕым дии. Арай биир «дьааһык» тутуурдаахпын. Ол туох дьааһыгын эр дьон өттө сэрэйдэххит буолуо, бөртөлүөттэн түһээппин кытары уолаттарым мотуорканан устан кэлээт, тутатына дьааһыкпын хаба тардан ыллылар уонна «туруоҥ дуо, бардыбыт» диэн буолла. Кырдьык, бу аппаҕа ол немец булчуттарын көрсөөччү киһи хара баһаам. Онон манна тохтоотоххо, ол омуктары, атын «ыты-куһу» барытын аһаттаххына, били дьааһыкпыт лаппа көҕүрүүрэ чуолкай. Мин ону өйдөөбөт бэйэлээх буолуом дуо, хап-сабар аргыстарбын кытары бакаалаһар да бокуойа суох оҥочоҕо ыстананан киирээппин кытары, собуоттанан «сус» гынан хааллыбыт. Уолаттар балааккаларын Хоргуоска уонна Тэгээстээх диэн аппалар икки ардыларыгар талах быыһыгар түһэрбиттэр. Дьэ, манна ити киэһэ улахан бырааһынньык буолла. Ол быыһыгар үрэҕи таҥнары өттүбүтүгэр баар кыттыгас табаарыстарбыт кэлэллэр-бараллар. Биһиги кэлин наада буолуо диэн аҕыйах бытыылканы түбэһиэх кистээччи буоллубут.

Чэ, ити хаалан эрдин, мин бастаан бу аатырар Мууна үрэххэ күһүҥҥү тайаҕы хайдах бултуулларын туһунан кэпсиим.Үрэх төрдүттэн өрө өксөйдөх ахсын сирэ-уота уларыйан иһэр. Буор хайалар  үрдээн үрдүк таас хайаларга кубулуйаллар. Бу хайалары кэрийэн сото курдук сири барбытыҥ кэннэ, кыра үрүйэлэр түһэллэр уонна анаан оҥорбут курдук үрэх утарыта эмиэ оннук үрүйэлэр түһэллэр. Тайахтар ыраахтан бу үрүйэлэри батан орох суол тэбэн үрэххэ түһэллэр, үрэх уутун харбаан туорааннар уҥуоргу үрүйэнэн тахсан бараллар. Биһиги бу үрүйэ анныгар талах быыһыгар саһан олорон, үрэҕи харбаан тахсыбыт тайаҕы ытан ылабыт. Быһаччы эттэххэ, сылаас балаакка иһигэр аһыы-аһыы сытабыт. Биир киһи бинокллаах таһырдьа сылдьан кэтээбитэ буолар. Көрбөккө хааллаххына да, ол тайаҕыҥ син биир эн балааккаҕын көрбүтүнэн кэлэр. Өлөрбүт тайахпытын биэрэккэ тааска астаан баран, этин биир сиргэ илдьэн мунньан иһэбит. Ол эппитин киэһэ аайы бөртөлүөт кэлэн Эдьигээҥҥэ илдьэ барар. Ол саҕана бөртөлүөттэр Молодо үрэххэ экспедиция турбаларын таһаллар, төннөн иһэн биһиги эппитин ылан ааһаллар. Биһиги холбоһон биир биригээдэ  РайПОҕа дуогабарынан  эппитин туттарабыт. Биригээдэҕэ тойоммут — Ксенофонтов Федор Михайлович. Бу Эдьигээн биир сис аҕа ууһун улахан уоллара, сопхуос управляющайа. Оччолорго баартыйа баар кэмэ буолан, политруктаахпыт. Бу дуоһунаска райком тэрийэр салаатын сэбиэдиссэйэ Константинов Николай Романович, билигин өрөспүүбүлүкэ архыыбын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьар. Барыта тоҕуспут. Киэһэ аайы тойоммут балааккатыгар мустабыт. Манна бөртөлүөтчүк уолаттар «кэһиилэрин»» хааллараллар. Кинилэр сырыы аайы тайах муоһун, тыһын уонна талбыт миэстэ эттэрин таарыйа ылан бараллар, кинилэргэ улахан барыс буоллаҕа дии. Оттон биһиэхэ оччо элбэх эттэн убаабат, хата, киэһэ аайы эмис тайах мыысаһын сиэн бырааһынньык. Ол да буоллар, били холуочуйа сылдьан кистээбит бытыылкаларбытын сэмээр көрдүү сатыыбыт да көстүбэтилэр. Кэлин ол туһунан үрэх устун сурах-садьык тарҕанан, кэлбит-барбыт дьон бары кэриэтэ көрдөһөн тулатынааҕы оту-маһы барытын хастыбыт. Бара сатаан, хара тыаҕа тахсан баар сыгынахтары барытын түөрдүбүт да мэлигир. Оннооҕор тойотторбут бэйэлэринэн түөһүллэн кэлэн кыттыһан көрдүлэр да эмиэ туһа тахсыбата. Чэ ити хааллын.

Биир сарсыарда эрдэ туран уолаттарым күөс буһарыахтарыгар диэри кинигэ ылан ааҕа, баҕар, тайах киириэ диэн туора талах быыһыгар баран олорооччу буоллум. Күһүҥҥү халлаан сарсыардата тымныы, туманнаах, уҥуоргу биэрэк мастара боруоран көстөллөр. Ол курдук кинигэ ааҕа олордохпуна, уҥуор тыаҕа мас тостор тыаһа «пас» гынна. Онно көрө түспүтүм, тыаҕа, санаабар, балаҕан саҕа баҕайылар мастар быыстарынан күлүгүлдьүһэн көһүннүлэр. Өтөр буолбакка, биир улахан тыһы тайах балайда үрдүк күрүлгэн үрдүттэн ыстанан түстэ да ууну былдьаста. Тахсыах сирэ миигиттэн халдьы, тэйиччи соҕус буолсу. Инньэ гынан, мин төҥкөйөн баран талахтар кэннилэринэн тайаҕым иннин күөйэрдии сүүрдүм. Арай ол сүүрэн иһэн хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, ол бастакы улахан тыһы тайаҕым кэнниттэн өссө хас да кыра, обургу тайахтар биир-биир күрүлгэн үрдүттэн ыстаныталаан түһэн эрэллэр. Бу бириэмэҕэ били бастакы тыһы тайаҕым үрэҕи харбаан туораан, бэтэрээ биэрэккэ тахсан тааска уутун тэбэнэн ыһыахтана турар. Дьэ, ыксал буолла. Кыайан иннин күөйбэтим да, атаҕа сири булбут тайах тыаҕа куотта да, бары кини кэнниттэн ойоллоро чуолкай. Мин ыксаан, саһан талах кэннинэн сүүрэрбин тохтотон, аһаҕас сиргэ сытар тааска  сүүрэн маҕыйдым. Тайаҕым миигин дьэ өйдөөн көрө биэрэн, төбөтүн чолос гыннаран миигин одуулаан аҕай хамнаабакка турар. Мин көстөн баран  хаһааҥҥа диэри сүүрэн марайыахпыный, тааска тобуктуу түһээт, СКС карабиммынан тайах иннигэр тааһы харса суох ытыалаан куһуйдум. Тайаҕым сиргэнэн, аанньа буолуо дуо, иннигэр тааска буулдьалар түһэн уотунан ыһыахтаммыттарыгар, уутугар төттөрү түстэ. Ити бириэмэҕэ уолаттар эмиэ көрөн, икки өттүгэр мотуоркалар собуоттанан бирилэстилэр. Тайахтар бары ууга киирбиттэр. Инньэ гынан, хайа өттүгэр баралларын билбэккэ, ууга булумахтана сылдьаллар. Ол бириэмэҕэ уолаттар мотуорканан икки өттүттэн устан кэлэн ууга төттөрү-таары булумахтана сылдьар тайахтары харса суох ытыалаан битиргэттилэр. Саа тыаһа, табыллан өлөн эрэр тайах орулааһына мотуор тыаһын баһыйан, дьон хаһыыта үрэх иһин толорон кэбистэ. Мин иитиллэ сылдьыбыт уон ботуруоммун барытын ытан кэбиспит киһи быһыытынан, кураанах саабын тутан  туран көрөөччү эрэ буоллум. Ол да үрдүнэн, итиччэ алдьархайдаах сэрииттэн ордон биир аарыма адаар муостаах уончалаах лөкөй биэрэк устун төттөрү сүүрэн эрэр эбит. Ону уолаттар дьэ өйдөөн көрөн, биир мотуорканан эккирэттилэр. Өр гыныахтара дуо, ситэ баттаан биэрэгинэн сүүрэн иһэр тайаҕы мотуорканан тэҥҥэ сүүрдэн иһэн, икки киһи тэҥинэн ытыалаан батырҕаттылар. Ыттахтарын аайы тайах түүтэ бурҕаҥныыр, бэйэтэ ходьох гына-гына сүүрэрин тохтоппот. Сүүрбэччэтэ ытан дьэ охтордулар. Тайах түспүт күрүлгэнэ үрдүк буолан, ханна да барар сирэ суох күрүлгэни кыйа сүүрэн испит. Бу аарыма бөдөҥ лөкөй бу аҕыс тайаҕы барыларын, ол иһигэр иккилээх, үстээх оҕо тайахтар эмиэ күөйтэлээн үүрэн илдьэ сылдьыбыт, олор миэхэ киирэн биэрэн былдьаммыттар.

Барыта бүтэн тыас-уус тохтообутун кэннэ, мин уоскуйан, таас үрдүгэр олорон табахтаатым. Ол олорон, тоҕо эрэ бу түбэлтэни былыр Саха сиригэр гражданскай сэрии саҕана Сылластыгас Сүөдэр сирдьиттээх бандьыыттар этэрээттэрэ, соҕурууттан Дьокуускайга кэлэн иһэр Каландаришвили кыһыл этэрээтин, Төхтүр дьаамын анныгар, өрүс боротуохатыгар кэтии сытан кус курдук харса суох ытыалаан кырган баран атахха биллэрбиттэрин курдукка холоон санаан аһарбытым. Ол курдук, мин дьэ дьикти түбэлтэҕэ түбэһэн турабын. Кырдьык даҕаны, санаан көрдөххө, биир өттүнэн дьулаан соҕус хартыына. Иккис өттүнэн, аҕыйах мүнүүтэ, чыпчылыйыах түгэнэ байанайыҥ итиччэ өлгөм булду бэлэхтиир. Мин билэрбинэн-истэрбинэн, биир сиргэ сыалай тоҕус тайаҕы уонча мүнүүтэ иһигэр дьаһайбыттара суох буолуохтаах.

Ити курдук бултаабыт эппитин барытын ыытан, үрэхпит мууһа тоҥуон иннинэ бүтэн бараары, балааккабытыгар муһуннубут. Таһаҕаспытын барытын үс оҥочоҕо тиэннибит уонна ыраах айаҥҥа барар дьон быһыытынан үчүгэйдик эбиэттээн бараары, икки биэдэрэнэн эмис тайах түөһүттэн, ойоҕоһуттан буһара уурдубут. Күөс буһарын күүтэ таарыйа бары мустубучча, отуу тула ким сытан, ким олорон эрэ дьэ, бултуу сылдьан түбэспит араас быһылааннарбытын ахтан, күлэ-сала олордубут. Ол сытан, мин хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, кураанах кумах быыһыттан хаһыат лоскуйа быгар. Испэр бу хайалара отуу таһыгар «наадатыгар олорбутай» диэх курдук гынан иһэн, кумааҕыга крокодил ойуута баарыгар хараҕым хатана түстэ. Тута, мин дьиэбэр кэлиэм иннинэ дьааһыктаах бытыылкалар тыаһаабатыннар диэн «Крокодил» сурунаал лиистэринэн суулаталаабытым өйбөр көтөн түстэ. Сонно илиибинэн аргыый ол сири тарыйан көрбүтүм, туох эрэ кытаанахтар бааллар. Олоро биэрээт, кумаҕы күүскэ тарыйбыппар, кумааҕыга суулаах үс бытыылка манна сытар эбит. Дьэ, манна буолла айдаан-куйдаан, үөрүү-көтүү. Үөрүмүнэ  даҕаны, булт бөҕөнү бултаан бүтэн, бүтэһик аһылыкпытыгар халлаантан үс бытыылка буокка «түһэн» кэлэрэ. Аһыы олорон баартыйа киһитэ Николай Романович «тост» көтөхтөрөрүгэр хара маҥнайгыттан мин хайҕанан бардым. Ол курдук, үнүрүүҥү мүччүргэннээх түгэҥҥэ табатык быһаарыы ылына охсон, бүтүн үөр тайаҕы атахпар лаппа кыахтаах буолан тайаҕы ситэн иннин күөйбүт үһүбүн. Аны туран, «милиция уопуттаах сыыссыга» буоламмын, үс бытыылканы саамай көстөр сиргэ чугас кистээн, эбиитин ытырыык сыаптаах ытынан харабыллаппытым ахтылынна. Кырдьык, бастаан кэллэхпит утаата ити талахха табаарыһым Ыстапаан Сахаарап  оҕонньор үөһэ ааһан иһэн ытын хаалларан баран, бэҕэһээ төннөн иһэн ылан ааспыта. Онон бу ас саамай наадалаах кэмигэр таһаарыллыбыт үһү. Ким билэр, итилэри көрдөөн киһи бөҕөтө манна тиэстибитэ. Кини бэйэтэ эмиэ баарга дылыта уонна онно көстөн кээлтэрэ буоллар, «дьылҕалара» онно быһаарыллыбыта чуолкай буолуохтаах этэ.

Дьэ ити курдук, Мууна үрэххэ күһүҥҥү тайахха уонча күн бултаан, барыта отут сэттэ тайаҕы өлөрбүппүт. Ол сыл кыһыныгар, 1993 сыллаахха, үлэбинэн Горнайга көһөн кэлбиппит. Онно нөҥүө сыл тайах сезона чугаһаабыт кэмигэр, отдел тайахсыт уолаттара биирдэ ыйыттылар: «Эн, хоту дойдуга үлэлээбит киһи, тайахха сылдьарыҥ буолуо. Тайаҕы өлөрбүттээххин дуо, кэпсээ эрэ», — диэбиттэригэр, мин хайдах баарынан, манна кэлээри сылдьан отут сэттэ тайаҕы өлөрбүппүтүн кэпсээбиппэр, дьонум алҕас саҥарда быһыылаах диэн хаста да ыйытан көрөн баран, тэйэ хаамтылар. Кэлин истибитим, дьонум итэҕэйбэтэхтэр. Биһиги манна куһу даҕаны итиччэни өлөрбөппүт, улахан «лапсаһыт» киһи кэлбит дииллэрин иһиттим. Дьэ кырдьык, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук кэпсээн. Оттон мин, буолбут түбэлтэни баарынан кэпсээтэҕим дии.

Бу аатырар Мууна үрэххэ итинник сыл аайы төһөлөөх элбэх тайах бултаммыта буолуой. Ол туһунан ким да кэпсээбэт. Арай, эбэккэ хотун бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.

Захар Федоров-Сахаачча.

+1
6
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
4