Биир күн киин куорат устун

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, дьоллоох Дьокуускай куорат уулуссаларын устун хааман, төһө элбэх сахалыы ааттаах маҕаһыын, тэрилтэ баарын сыымайдаабыт, репортаж бэлэмнээбит киһи диэн өйүк киирбитэ хас даҕаны сыл буолла. Дьэ, баҕа санаам быйыл туолла.

edersaas.ru

203-с түөлбэҕэ

Маҥнай чугастыы, аҕыйах сылтан бэттэх ардах кэнниттэн тэллэй бытыгыраан тахсарыныы кылгас кэм иһигэр бүтүн уон тыһыынчаттан лаппа тахса киһилээх буола дьэндэйбит 203-с түөлбэттэн саҕалыырга быһаарынным.

Испэр, кыһарыйан туран былааннаабыт да күнүм баар, тымныы, туманнаах дии саныы-саныы салгыы хаамабын… Суорун Омоллоон уулусса аттынааҕы икки түөлбэни ситимниир күргэнэн туораан иһэн көрбүтүм, уончалаах бэдиктэр сыыртан сырылыы сылдьаллар. Тымныыны аахсыбакка таһырдьаттан орпот оҕолору хайҕыы, эмиэ да ымсыыра көрөбүн. 203-с түөлбэҕэ киирэн иһинээҕи эргиир уулууссанан хааман иһэн: “Кэбис, маннык буоллаҕына каадыртан мэлийииһибин” дии санаан “Айыы Кыһатын” аттынан кытыы тахсарга быһаарынабын. Бииртэн-биир араас ааттаах маҕаһыыннар… Олор быыстарыгар саатар биир сахалыы ааттаах маҕаһыын, тэрилтэ көстүбэт. Олохтоох ас-үөл маҕаһыына баар эбит, аатын көрө сатаатым да, сахалыы сурук мэлисээй. Эргийэн кэлэн тохтобулунан иһирдьэ киирбитим эмиэ олохтоох аһылык маҕаһыына эрээри, эмиэ нууччалыы ааттаах. Салгыы бара түһээппин кытта “Сардаана” диэн бэрт улахан сурук көһүннэ. “Һуу!” – дии түһэбин.

203-с түөлбэҕэ сырыым ити курдук түмүктэннэ. Баҕар, кытыы ханан эрэ бааллара буолуо эрээри, хараҕым далыгар киирбэтэ. “Айыы Кыһата” гимназияттан, “Сардаана” уһуйаантан ураты атын сахалыы ааты булан көрбөтүм.

Киин уулуссанан

“Булдум” табыллыбакка, аны салгыы киин уулусса – Ленин проспегын устун хааман кэлэргэ быһаарынабын.

Бу сырыыга халыҥнык таҥынным. Дьэ уонна проспект саҕаланыытыттан суол икки өттүн одуулуу-одуулуу аргыый хаама турдум. Бастакы көрбүт сахалыы суругум – “Эмп” аптека. Үөрүүбүттэн хас даҕаны каадыры оҥорбуппун бэйэм даҕаны өйдөөбөккө хаалабын. Салгыы төлөпүөн маҕаһыыннара кэчигирэспиттэр. Алҕас даҕаны сахалыы суруллубатахтар.

Аҕыйах миэтэрэни барааппын кытта, хаҥас диэки иһирдьэ “Киэргэ” маҕаһыын көстөр.

Тохтобулга дьон турар, тоҕо эрэ массыына да, оптуобус даҕаны биллибэт. Онтон өйдөөн көрбүтүм, Курашов уулуссаттан бэттэх суол сабыылаах эбит. Тимир көлө суоҕунан туһанан, чугаһаан тохтобул аатын одуулааһабын: “Центральнай киинэ тыйаатыра” диэн суруктаах. Тоҕо “Киин киинэ тыйаатыра” дэммэтэ диэн толкуйдуу-толкуйдуу, светофорга тиийэн тохтуубун.

Суолу туораан баран салгыы хаамабын. Кэчигирэспит суруктар саамай иннилэригэр “Эгэлгэ” диэн сурук ыраахтан көстөр.

Бу дьолу!

Ити курдук, Ленин болуоссатын ааһабын. Бу турар – “Көмүлүөк” маҕаһыын, ити турар – “Илин Эҥэр” атыы киинэ! Бу дьолу!

Мүччү туппат туһугар эмиэ хас даҕаны каадыры оҥоробун. Онтон төһө табыллыбытын-табыллыбатаҕын көрөбүн. Ити икки ардыгар тарбаҕым тоҥор. Үтүлүкпүн кэтэн, сиэппэр уктан баран салгыы хаамабын. Урукку “Туймаада” тохтобулугар диэри биир да массыына, оптуобус суох, суол сабыылаах. Оҕонньоттор-эмээхситтэр наллаан, ханна даҕаны тиэтэйбэккэ суол ортотунан хаамсаллар. Ол эрээри, тоҕо эрэ иччитэх куораты санатар.

“Лена” киинэ тыйаатырыгар тиийэр соруктаахпын. Доҕордоһуу болуоссатын туһаайыытынан эргиири ааһааппын кытта “Эрэл” диэн сурук бэрт ыраахтан көрсөр. Чугаһааппын кытта, күөл үрдүгэр “Алгыстаах аартык” диэн бэрт дьоҕус гынан баран, ис киирбэх суруктаах күргэ турар. Төлөпүөммүн таһааран эмиэ хас да төгүл хаартыскаҕа түһэрэбин.

“Лена” киинэ тыйаатырын ааспытым кэнниттэн, суол уҥуор өттүгэр “Алгыстаах ас” кафе, аҕыйахта бара түспүтүм кэннэ “Тэтим” атыы киинэ диэн суруктар дьэндэһэн тураллар.

“Бу сырыыга дьэ табылынным, сөбүн хаартыскаҕа түһэрдим”, – диэт дьиэм диэки аттанабын, тоҥо быһыытыйбыппын дьэ билэбин.

Түмүк оннугар

Биир сөхпүтүм диэн, үс чаастан ордук хаампытым тухары биир даҕаны сахалыы суруктаах олохтоох аһы-үөлү атыылыыр дьоҕус маҕаһыыны булбатым.

Барыта “Местные продукты”, “Натуральные продукты”, “Фермер” уо.д.а. ааттаахтар.

Иккиһинэн, сахалыы суругу төрүт үгэһи “бренд” оҥостубут төрүт култуураҕа, сахалыы үгэскэ, ойууга-бичиккэ, киэргэлгэ сыһыаннаах эрэ тэрилтэлэр тута сылдьаллар эбит диэн түмүгү оҥостобун.

Үсүһүнэн, балачча элбэх маҕаһыын, тэрилтэ омуктуу суруктааҕын бэлиэтии көрдүм. Оҕо, оннооҕор улахан киһи истэн эрэ буолбакка, көрөн эмиэ ылынар, мэйиитигэр хатыыр. Оҕолорбут нууччалыы тылланнылар диэн үгүстүк этэбит. Хараҕар өрүү элэҥнээтэр, син туох эрэ хатанан хаалыах эбитэ буолуо…

Манан суруналыыс төрөөбүт тылга сыһыаннаах репортаһын аныаха-маныаха диэри түмүктүүбүн. Халлаан сылыйдаҕына өссө ырааҕынан тэлэһийиэм.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0