Сэтинньи 24 күнүгэр, бээтинсэҕэ, «Триумф» спортивнай комплекска Арассыыйаҕа аан бастаан түүр омук эстрадатын «Биир күн» диэн бэрт сонун тэрээһинэ ыытыллыа.
edersaas.ru
Тэрээһиҥҥэ 11 регионтан эстрада биллэр-көстөр ырыаһыттара кэлэн бэйэ-бэйэлэрин кытта күөн көрсүөхтэрэ. Биир күн ырыа куонкуруһун кыттыылаахтара икки ырыаны ыллаан телевидениеҕэ уһуллуохтара. Ол кэнниттэн тохсунньуттан олунньуга диэри «Евровидение» куонкуруһун курдук, кыттааччылар регионнарын олохтоохторо СМС куоластааһынан кыайыылааҕы талыахтара. Куонкурус иккис түһүмэҕэр, олунньуга Дьокуускайга буолар гала-кэнсиэргэ, хас биирдии ньүөмэри дьүүллүүр сүбэ сыаналыа.
Бу туһунан кыттааччылар уонна тэрийээччилэр суруналыыстары кытта пресс-конференцияҕа көрсүһүүгэ сырдаттылар.
Култуура миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин куонкуруска кыттааччылары эҕэрдэлээтэ:
— Саха сиригэр сылдьыбыт киһи, хайаан да иккистээн манна кэлиэн баҕарар. Биһиги бырааттыы норуоттарбыт доҕордоһууларын ситимниир, биир тыынныыр дьонунан эһиги буолаҕыт. Кытаатыҥ, хас биирдиигит төрөөбүт дойдугут чиэһин эрэллээхтик көмүскээҥ!
Тэрийээччилэр этническэй ырыа сыалын уонна соругун билиһиннэрдилэр.
Олег Марков, Саха» НКИХ дириэктэрин солбуйааччы:
— Биһиги хампаанньабыт ыытар «Саҥа ырыа» бырайыагар кыттан, саха эстрадатыгар элбэх биллэр-көстөр ырыаһыт үүнэн-сайдан тахсыбыта. Бырайыак сыл аайы ыытыллан, хал буолуон оннугар ис хоһоонун, хайысхатын уларытар сорук турбута. Эстрада тыйаатырын салататын кытта сүбэлэһэн баран, «Саха » НКИХ биир сонун бырайыагы толкуйдаатыбыт. Ол — этническэй ырыа куонкуруһа. Биһиги балаһыанньаны ыыппыт регионнарбыт бу идиэйэни ылынан, бэйэлэрин кыттааччыларын ыыттылар. Онон Арассыыйаҕа бастакы ыытыллар тэрээһиммит бочуоттаах даҕаны, эппиэтинэстээх даҕаны. Тэрийээччилэргэ улахан эксээмэн кэриэтэ. Бу куонкуруһу сыл аайы тэрийэргэ былаанныыбыт.
Кэнсиэр билиэтин сыаната — 300 солк. Ол эбэтэр биир күҥҥэ биир дойдулаахтарбытыгар, Саха сирин олохтоохторугар атын регионнар эстрадаларын ырыаһыттарын уонна саха эстрадатын ырыаһыттарын таһымнарын тэҥнээн көрөллөрүгэр кыаҕы биэриэхпит. Этническэй ырыа куонкуруһугар Саха эстрадатын чиэһин виртуоз-хомусчут Айсен Аммосов көмүскүөҕэ, — диэн санаатын тиэртэ.
Алексей Егоров, СӨ Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатырын салайааччы:
— Ханнык баҕарар музыкальнай тэрээһини декорацията, муусукатын таҥыыта буолбакка, ырыаһыттара киэргэтэллэр. Онон эһиги, биһиги куонкуруспут бастакы хараҥаччылара, бу дьоһун суолталаах норуоттар доҕордоһууларын сирэйдиир тэрээһин киэргэллэринэн буолаҕыт.
Арассыыйаҕа олорор түүр омуктар эстрадаларын ырыаһыттарыгар бэйэлэрин көрдөрөр кыахтаах үрдүк таһымҥа ыытыллар куонкурус суох. Ол иһин биһиги, тэрийээччилэр, толкуйдаан уонна үөрэтэн баран, түүр омук эстрадатын сулустарыгар Арассыыйа таһымыгар тахсарга трамплин буоллун диэн этническэй ырыа куонкуруһун тэрийдибит. Бу тэрээһин сылтан сыл аайы ис хоһооно дириҥээн, хайысхата уларыйан иһиэҕэ. Биһиги кыттар регионнар географияларын кэҥэтэн иһиэхпит. Ол аата, дойду киин куораттарын ырыаһыттара эмиэ бу куонкуруска кытталларын ситиһиэхпит. Кэнэҕэс биһиги конкурсаннарбыт Арассыыйаны тилийэ гастроллуохтарын сөп. Бу бастакы бырайыак киэҥ эйгэҕэ тахсарга суолу солуур тэрээһининэн буолар. Түүр омук эстрадатын сайыннарыы — кэм ирдэбилэ. Бу куонкурус бэйэ-бэйэни өйөһөр, норуоттары сомоҕолуур тэрээһин, — диэн бэлиэтээтэ.
Регионнар икки ардыларынааҕы этническэй ырыа куонкуруһун продюсера Марина Пермякова Ырыа бырааһынньыга күөх экранынан көстөр түһүмэҕин устууну уонна куонкурус ирдэбилин туһунан бу курдук билиһиннэрдэ:
— Саха сирин култуурунай олоҕун историятыгар киирэр бастакы улахан тэрээһини атын регионнарга көрдөрөр, киэҥ суолу арыйар түгэммит үүннэ. СӨ Култууратын уонна духуобунаска сайдыытын министиэристибэтин, «Саха» НКИХ уонна Эстрада тыйаатырын салалталара 11 регион бу куонкуруска эппиэттээх тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабар түһэрсибиппит. Докумуон сүнньүнэн куонкурус кыттааччыларын регионнарыгар биһиги устубут матырыйаалбытын биир бириэмэҕэ бары тэҥҥэ көрдөрүөхтэрэ. Ол эбэтэр, нэдиэлэҕэ алтата эфир бириэмэтигэр көстүөхтээх. 11 регион олохтоохторо сөбүлээбит ырыаһыттарыгар смс нөҥүө куоластыахтара. Маннык тэрээһин, биллэн турар, биһиги өрөспүүбүлүкэбитин үрдүк таһымҥа таһаарыаҕа. Быһа холуйан, бу куонкуруһу 13 мөл. киһи көрөрө сабаҕаланар. Сэтинньи 24 күнүгэр куонкурус кыттааччыларын телевидениеҕэ устуохпут. Таҥан, чочуйан баран, матырыйаалбытын регионнарга тарҕатыахпыт. Этническэй ырыа куонкуруһа тохсунньу 15 күнүттэн олунньу ортотугар диэри көстүөҕэ. Ол кэнниттэн кыттааччылар олунньуга кэлэн гала-кэнсиэрдиэхтэрэ. Хас биирдии регионтан кэлбит дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ кыайыылаахтары ол кэнсиэргэ биллэриэҕэ. Лауреаттар, дипломаннар сыаналаах бириистэрин харчынан ылыахтара. Манна даҕатан эттэххэ, кыайыылаахха 1 мөл. 600 солк. бэриллиэҕэ.
Аны кыттыылаахтар санааларын истиэҕиҥ.
Бэйэтэ тэрийбит «NIGMA» («Сулус уонна ырыа») музыкальнай этнобырайыак солистката, «Утренняя звезда», «Новая волна», «Ветер перемен» куонкурустар дипломаннара Альфия Нигматуллина бэйэтин санаатын маннык иһирэхтик тиэртэ:
— Мин Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтиттэн кэллим. Эстрада, джаз ырыаларын толоробун. Ол эрээри, кэнники кэмҥэ Башкирия норуотун этническэй ырыаларын ордук сөбүлээтим. Онон түүр омук муусукатын олус интэриэһиргиибин. Мин бу тэрээһини куонкурус курдук ылыммакка, доҕордоһуу бэстибээлин курдук ылынабын уонна кыттааччылары барыларын норуоттар доҕордоһууларыгар биһиги сэмэй кылааппытын киллэрбит курдук сананарга ыҥырабын.
Удмуртияттан сылдьар Иван Белослудцев куонкуруска кыттыытын туһунан санаата маннык:
— Удмуртия Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай филармониятын ырыаһытабын. 2012 сыллаахха Испанияҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларыннаҕы ырыа куонкуруһугар кыттыбытым. Саха сиригэр ыытыллар куонкуруска сэрэбиэй быһыытынан мин түбэһэн кэллим. Атын киһи кыттыахтааҕа кэккэ биричиинэнэн кыттыбат буолан, Удмуртия Өрөспүүбүлүкэтин чиэһин эн көмүскээ диэн ыыттылар. Удмурт тылынан ырыалары суруйабын. Онон бу куонкуруска кыттыым миэхэ айар үлэбэр кынаты үүннэрэригэр саарбахтаабаппын.
Тыва Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа. 2003 с. «Хову-Аксы», 2010 «Восточный базар» музыкальнай куонкурустарга кыттыыны ылбыт Сайдаш Монгуш санаатын маннык үллэһиннэ:
—— Мин Саха сиригэр ыытыллар куонкуруска төрөөбүт Тывам чиэһин көмүскүүбүн. Куонкуруска аан бастаан кыттар киһи наар ыллыыр нүөмэрин туһунан толкуйдааччы. Онтон сыыйа үөрүйэхтэннэххинэ, бэйэҥ туһунан саныырыҥ тохтоон, бииргэ алтыһан, күрэстэһэр дьоҥҥун кытта бодоруһан, кинилэргэ эмиэ ыалдьар буолаҕын. Онон күрэстэһээччилэрбэр ситиһиини баҕарабын. Саха сиригэр ыаллыы регионнар эстрадаларын сулустарын кытта күөн көрсөрбүттэн олус долгуйабын. Оттон саха дьоно ыалдьытымсахтарын бастакы сырыыбар билбитим. Арай күн аайы куобах, эһэ, кус этин сиибит. Бу Саха тыйаатырын буфетыгар! «Тыый, буфекка маннык аһынан күн аайы аһыыллар эбит дуу… » — диэн соһуйбуппутугар, тэрийэр кэмитиэт дьоно онно дьэ «билиммиттэрэ» — итинник аһынан-үөлүнэн истиҥник күндү ыалдьыттарын көрсөллөр эбит.
Мин 26 сааһыгар Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһын аатын ылбыт Айдар Сулеймановы көрсөн: «Эн бу куонкуруска кытта кэлэргэр Татарстан курдук улахан дойдуттан тоҕо эйиигин чуолаан талан ыыттылар?» — диэн ыйыппыппар эдэр киһи:
— Наһаа үчүгэй ыйытыы. Кырдьык, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтэ олус улахан. Хас биирдии киһи онно — чаҕылхай талаан. Биһиэхэ, Култуура министиэристибэтигэр хас биирдии айар көрүҥҥэ тус-туспа бөлөхтөргө сулус буолан күлүмүрдээбит артыыстары, ырыаһыттары мунньар отделлаах. Этнопоп хайысхатыгар миигин ыыттылар. Мин Казань куоракка консерваторияны уонна ГИТИС институтун бүтэрбитим. Саха эстрадатын сулуһун Сахаайаны кытта биир кууруска бииргэ үөрэммитим.
Куонкуруска кыттыахтаах дьоммун интернет нөҥүө үөрэтэн көрөн баран, хас биирдиилэрин кытта кэтэхтэн билсибитим. Дьэ,бу күннэргэ манна Дьокуускайга түмсэн, бэйэ-бэйэбитин кытта үчүгэйдик билсиэхпит уонна: «Биһигини Дьокуускай холбообута!» диэн киэн тутта этиэхпит, — диэн санаатын тиэртэ.
Ити курдук, бэрт элбэҕи эрэннэрэр «Биир күн» диэн этническэй ырыа куонкурус-бырайыага сэтинньи 24 күнүгэр киэһэ 19 ч. «Триумфка» уһуллуоҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.