— Саатар балык хаппат! Бу ыт үр да үр, хабыах балыгы үргүтэн… Аны ардах түһээри гынна дуу? Дьиэлээбит киһи… Ээ, онно миигин ким даҕаны күүппэт. Туохха ыксаатахпыный?
Бу — сэттэ уонун ааспыт Сэмэн оҕонньор санаалара. Кини сарсыардаттан күнэ табыллыбата. Уһуктаат сыыһа хамсанан сиһин ыарытыннарбыта. Онтон нэһиилэ куукунатыгар токуруҥнаан кэлэн, чэй кутта туран илиитин итиигэ сиэттэ. Ол туран түннүгүнэн өҥөйбүтэ, син бэркэ үүнэн испит хортуоппуйун ыалларын ынахтара киирэн илдьи тэпсэ сылдьаллар эбит. “Дьэ, табыллыбатаҕына барыта табыллыбат диэн маны этэллэр эбит”, — диэн иһигэр ботугуруу-ботугуруу сүүрбэттэн ордук сыл кэппит хортууһун төбөтүгэр саба быраҕан, ынахтарын үүрэ таҕыста.
Таһырдьа сырылатан күн да күн үүммүт. Сиһэ моһуоктаан нэһиилэ хааман ынахтарын тиэргэн таһыгар бэрт эрэйинэн өр мадьыктаһан таһаартаата. Ол сырыттаҕына төлөпүөнэ тыаһаан умайыктана түстэ.
— Алоо! Сэмэнэп Сэмэн дуо? Дорообо! Сириҥ докумуона табыллыбата, кэлэн хонтуораттан кумааҕыларгын төттөрү ылаар, — диэн хас эмит сылы быһа эккирэтиспит сирин боппуруоһа быһаарыллыбатаҕын иһитиннэрэннэр, санаата өссө түстэ.
— Чэ, бээ, саатар балык хабар ини. Өрүскэ балыктыы барыахха.
Инньэ гынан, ынахтарын таһаартаан, кэлииккэтин лип хатаан, Сэмэммит өрүс диэки хаамта. Кини кэнниттэн ыта иннигэр-кэннигэр сүүрсэн тэҥҥэ барыста.
— Бу диэн кыра буоллаҕа, сис ыарыыта — кырдьыыттан, итиигэ буһуу — болҕомтом суоҕуттан, ынахтар хортуоппуйбун тэпсибиттэрэ — сүрэҕэлдьээн олбуорум маһын абырахтаабатахпыттан, докумуонум табыллыбатаҕа — баарт суоҕуттан… Ол эрээри, тоҕо барыта биир күн мустан кэлэн тоҕо астай? Саастаах киһини Айбыт Таҥарам син аһыныа да баар ээ…
Ити курдук Сэмэн ону-маны эргитэ саныы-саныы өрүһүгэр тиийэн кэллэ. Балыктыыр ураҕаһын ууга бырахта уонна табахтаан унаарытта. Кырдьык даҕаны, бу туох моһуоктаабыт күнэ үүннэй? Аны биир даҕаны балык хаптаран абыраабата. Бу күҥҥэ диэри син кыра да буоллар, өрүһэ бэрсээччи этэ. Эрэлин кыыма ол тухары сүппэт. Оннук ээ, киһи хаһан баҕарар, кыра да буоллар, эрэл кыымыттан тутуһар.
— Саатар балык хаппат! Бу ыт үр да үр, хабыах балыгы үргүтэн… Аны ардах түһээри гынна дуу? Дьиэлээбит киһи… Ээ, онно миигин ким даҕаны күүппэт. Туохха ыксаатахпыный?
Санаата түһэн, сирэйэ тэҥнэспит киһини өрүскэ сөтүөлүү кэлбит оҕолор саҥалара сэргэхситтэ. Хаһан эрэ кини эмиэ уол оҕо буолан өрүс кытылын устун күн кыһалҕата суох сүүрэкэлээбитэ. Доҕотторун, ийэлээх аҕатын, эбэлээх эһэтин санаан ылла. Эмиэ даҕаны дьоллоох кэмнэри ахтан санаата көнньүөрбүккэ дылы буолла. Аны ол турдаҕына ууга бырахпыт ураҕаһа хамсаата.
⁃ Хайыа, дьэ, үчүгэй буолсу дуу? Оок-ок! Улахан балык дии! Иэхэйбиин!
Сэмэн кыра оҕолуу үөрэн таһыммытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Биир балыгын биэдэрэтигэр уган, дьиэтигэр тиийэн ыһаарылыы охсон минньигэстик аһаары ыксаата. Оҕонньорбут дьиэтигэр чугаһаан истэҕинэ төлөпүөнэ тырылаата.
— Ээ, ылбаппын! Эмиэ туох табыллыбатаҕын этээри эрийдэхтэрэй? Хайа, хонтуораттан эбит дии. Алоо!
— Сэмэн, доо, бырастыы гын! Маарыын нүөмэргин Кыра Сэмэни кытта булкуйбуппун. Докумуонуҥ бэлэм буолла, кэлэн ылаар! Ээ арба! Ыһыахха улуустан кэлбит наҕарааданы туттараллар үһү. Онон маанытык таҥнаар. Чэ, кытаат, бакаа! — диэччи буоллулар.
Биһиги киһибит онуоха үөрэн мүчүк гынна. Сирин докумуона табыллыбытыттан үөрэн хаамыыта түргэтээтэ, бэл, үҥкүүлүү сыһыах буолла. Аны наҕараада диэтилэр дуу? Кини биэс уонча сылы быһа хара үлэҕэ үлэлээбитэ, ол тухары ким даҕаны наҕараадалаабатаҕа… Соһуччутун!
Дьиэтигэр чугаһаан иһэн көрбүтэ, олбуорун таһыгар омук массыыната турар.
— Ким кэллэҕэй? Кими даҕаны күүппэппин ээ, — диэн санаа элэҥнээн ааста.
— Эһээ, биһиги кэллибит! Эрийэ сатаабыппыт, төлөпүөнүҥ “недоступнай” дии! — диэн сиэнэ кыыс утары сүүрэн кэллэ.
Бэйи эрэ, аны куораттан Сэмэммитигэр оҕолоро ыалдьыттыы кэлбиттэр. Бу үөрүүтүн!
Сарсыардаттан табыллыбатах күнэ эргийэ уларыйан, Сэмэммит били сиһэ ыалдьыбытын төрүт даҕаны умнан кэбистэ.
Биир күн уларыйара түргэнин. Маарыын кыыһыран кыйыттыах буолбут санаата үрэллэн, билигин Сэмэн көтүөн кыната суох олорор. Киһи олоҕо эмиэ оннук. Биир кэм түһүү-тахсыы. Кыраттан үөрүөххэ, баары сыаналыахха.
Кустук Кистэлэҥэ.