Биир дойдулаахтарбыт Пиэрибэй Маайынан эҕэрдэлииллэр

01.05.2022
Бөлөххө киир:

Бүгүн Пиэрибэй Маай! Дьиҥнээх сааскы бырааһынньык, сүрэх үөрэр, сүрэх ыллыыр! Дьол түстэнэр, Үлэ айҕалланар, Эйэ Холууба көтөр!  Дьон бэйэ-бэйэлэригэр ис сүрэхтэриттэн эҕэрдэ маанытын этэллэр, үлэни уруйдууллар! Биир дойдулаахтарбыт эҕэрдэлэрин ааҕыаҕыҥ!

 

Үлэ, Эйэ, Саас бырааһынньыгар

уруй-айхал буоллун!

 

Варвара Устинова, РФ Үлэ Дьоруойа:

— Күндү Сахам сирин ытык-мааны олохтоохторо! Барыгытын кэтэһииллээх сандал саас бырааһынньыгынан —Үлэ, Эйэ, Саас уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылынан итии-истиҥ эҕэрдэбин ыытабын!
Соторутааҕыта саха норуота олоҕо-дьаһаҥа этэҥҥэ буоларын туһугар турууласпыт чулуу уолаттарбытын — Максим Аммосовы, Платон Ойуунускайы, Исидор Бараховы, Степан Аржаковы, уо.да.а. ахтан-санаан ааһан чиэстээтибит. Саха чулуу уолаттара сырдык ыра санаалара куруутун туола, олоххо киирэ турдун!

Төрөөбүт дойдубут барахсан өрүүтүн  үүнэ, сайда, чэчирии турдун! Үлэ, Эйэ, Саас бырааһынньыгар уруй-айхал буоллун!

 

Пиэрибэй Маайынан, сандал Сааһынан!

 

 

Руслан Платонов, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи кэмитиэтин салайааччы:

— Күндү Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ! Эһигини Эйэ, Үлэ, Саас бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!  Икки сыл устата биллэр төрүөтүнэн  сэлэлии хаамыы буолбата, ол эрээри, бүгүн ол олоххо киирэр, бары оҕолуун-эдэрдиин, аҕам саастаах дьоммутунаан илии-илиибититтэн тутуһан, үөрэн-көтөн таҕыстыбыт, биһиги халлааммыт үрдүнэн Эйэ холууба көттүн!

Биллэн турар, баар балаһыанньаны бары бэркэ диэн билэбит. Модун Арассыыйабыт өссө күүһүрэрин туһугар, биир  санаанан салайтаран, бары түмсүөҕүҥ, үлэни өрө тутуоҕуҥ. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыытар бэлиитикэтин өйүөҕүҥ! Өссө төгүл Сахам сирин ытык-мааны олохтоохторун үтүөнү, сырдыгы, кэрэни эрэ түстүүр сааскы бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин! Туругурдун модун — Арассыыйа! Туругурдун  — Саха сирэ!

 

 

 Ыраах Оленегорскайтан эҕэрдэ!

 “Илкан” көс аҕа ууһун общинатын табаһыттара:

— Күндү Саха сирин олохтоохторун уонна биир дойдулаахтарбытын – аллайыахалары Үлэ уонна сандал саас бырааһынньыгынан истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу сааскы ыам ыйынааҕы чаҕылхай күн эһиги олоххутун сырдыгынан сыдьаайдын уонна үлэҕэ ситиһиилэргэ сирдээтин. Бука барыгытыгар эйэни, өрө көтөҕүллүүнү уонна үөрүүнү-көтүүнү баҕарабыт, чугас дьоҥҥут чэгиэн уонна этэҥҥэ буоллуннар, сүрэххит өрүү эдэрдии тэптин. Үлэҕит-хамнаскыт таһаарыылаах буоллун, үлэҕит түмүгэ көһүннүн, хамнаскыт кэмигэр кэллин!

 

 Үлэни, үөрэҕи өрө тутуоҕуҥ!

 

Ульяна ВИНОКУРОВА, социология наукатын доктора, Ил Түмэн I, II ыҥырыылаах мунньахтарын дьокутаата, Ытык Сүбэ, Уопсастыбаннай палаата чилиэнэ:

— Бүтүн үйэ саастаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык-мааны олохтоохторо! 1922 сыллаахха Саха автономията үлэлээн иитиллээччилэрин былаастарынан бигэргэтиллибитэ. Карл Маркс этэн турар: «Труд – это выражение и утверждение жизни»,  — диэн. Үлэни өрө туппут киһи уонна норуот бигэ тирэхтээх, сайдыыга дьулуһар, дьолу түстүүр. Онон бүгүн биһиги Үлэни, Дьолу уруйдуубут. Сахабыт сирэ  туругурарын, барҕарарын туһугар сомоҕолоһуоҕуҥ.  Олохпут өссө тупсарын туһугар  чэрдээх илиибитинэн, өркөн өйбүтүнэн өссө чөрөйөн үлэлиэҕиҥ!

Бары түмсүөҕүҥ!

 

Айхал Габышев, Саха сирин аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта:
— Төрөөбүт дойдубутугар бэриниилээх, күүстээх санаалаах, үлэни өрө туппут, үтүө суобастаах, көрсүө-сэмэй майгылаах бар дьоммун таптыыр Сахабыт сирэ төрүттэммитэ өрөгөйдөөх 100 сылынан уонна үлэһит дьону уруйдуур Күөх Маайынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Саха омук аатынан ааттаммыт Сахабыт сирэ аан дойду тутулун уларытар кыахтаах Арассыыйа сайдыытыгар суолтата күн-түүн улаатан иһэр. Ону өйдөөн туран, төрөөбүт дойдубут тэтимнээхтик сайдарын туһугар, хас биирдии киһи дойдутугар, норуотугар туһалаах буоларга дьулуһуохтаах, ситиһиилээхтик үөрэниэхтээх, таһаарыылаахтык үлэлиэхтээх!
Элбэх тургутууну этэҥҥэ туораан кэлбит өбүгэлэрбит албан ааттарын өрө тутан, бу быһаарыылаах кэмҥэ, биир санаанан салайтаран, Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев тула түмсүөххэ диэн ыҥырабын!  Үүнэ-сайда тур төрөөбүт дойдубут! Туругурдун Модун Арассыыйа! Туругурдун Саха сирэ!

 

 Үлэ уонна эйэ – норуоту сомоҕолуур

сүдү күүстэр

 

Петр Макаров,  П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын дириэктэрэ:

Сахабыт сирин олохтоохторо уонна ыалдьыттара, үлэни-хамнаһы өрө туппут үтүөкэн дьоммут! Өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн баай историялаах, араас дьаһаллардаах, дьоһун ситиһиилэрдээх көрсөбүт. Бу сайдыы кирбиитин ыларбытыгар, саҥаттан-саҥа үктэллэри дабайарбытыгар хас биирдиибит ураты суолталааҕын, киллэрсэр кылааттааҕын бэлиэтиэх уонна билиниэх тустаахпыт. Дьоммутун-сэргэбитин, норуоппутун, Сахабыт сирин бигэ туруктаах, үөрэхтээх уонна үлэлээх, бары хайысхаларынан баһыйар көрдөрүүлээх оҥоруубут – барыбыт кыайыыта!

Саха тыйаатыра ол суолу тутуһан, айар-тутар, үйэлээҕи тускулуур аналлаах. Өрөспүүбүлүкэни олохтоспут улуу убайдарбыт, сайдыыны айхаллаабыт талааннаах суруйааччыларбыт дьоһун олохторун, чаҕылхай ситиһиилэрин, оттомноох үлэлэрин-хамнастарын ыччакка холобур быһыытынан тиэрдэр, толору арыйар соруктаахпыт. Үлэ киһитин өрө тутар, эйэни уонна үтүө сыһыаны уруйдуур уһулуччулаах айымньылары үйэтитэр эбээһинэстээхпитин умнубаппыт.

Үлэ киһини киэргэтэр диэбиттэринии, аҕыйах хонуктааҕыта Сахабыт театрын ытык-мааны киһитэ, театр уонна киинэ уһулуччулаах артыыската Зоя Петровна Багынанова П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни ылан үөрүүбүтүн үксэттэ. Биһиги, тыйаатыр дьоно, кэлэктиип, аҕа табаарыспыт айымньылаах уонна сыралаах үлэтэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын болҕомтотугар киирэн, үрдүктүк сыаналаммытынан киэн туттабыт. Түгэнинэн туһанан Ил Дархаммытыгар,  Бырабыыталыстыбаҕа, сүрүннүүр министиэристибэбитигэр дириҥ махталбытын биллэрэбит.

Күндү Сахабыт дьоно, ытык-мааны көрөөччүлэрбит! Сырдыгы-ырааһы, бастыҥы-кэрэни ыраҥалыыр маай бырааһынньыгынан Саха театрын бар дьонун аатыттан эҕэрдэлиибит. Өрүү бигэ туруктаах, сэргэх санаалаах буолуоххайыҥ. Сарсыҥҥыга эрэллээх, дойдубут туһугар ис сүрэхтэн туруулаһарга, түмсүүлээх буоларга ыҥырабын!

 

Сахам  дьоно, сааскы  үтүө бырааһынньыктарынан!

 

Валентина Романова – Чыскыырай,  Эстрада тыйаатырын артыыһа:

— Сахам сирин ытык-мааны олохтоохторун сандал саас кэлбитинэн, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан уонна Пиэрибэй Маайынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Барыгытыгар эйэни, дьолу-соргуну, кэрэни-үтөнү, өйдөһүүнү баҕарабын. Саамай сүрүнэ, доруобуйаҕыт эрэ этэҥҥэ буоллун. Күн аайы саҥа күнү уруйдаан уһуктуҥ, утуйаргытыгар махтанан утуйуҥ!  Туругурдун Пиэрибэй Маай, туругурдун Модун Арассыыйа!  Сахам дьоно бары үөрэ-көтө сылдьыҥ, дьол эрэ аргыстастын, ыарыы-тумуу ырааҕынан ыырданнын!

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0