БИИЛКЭ (ҮҺҮЙЭЭН)

Ааптар: 
18.06.2018
Бөлөххө киир:
Бүлүү оройуонугар билиҥҥитэ «Мастаах» сопхуос сиригэр-уотугар Кыргыдай диэн ааттаах сир баар. Онно былыр-былыргыттан дьон таптаан олохсуйбут. Дьэ, бу сиргэ Биилкэ диэн ааттаах күүстээх киһи төрөөн-үөскээн ааспыт. Ол киһи туһунан кырдьаҕас таайым дьонтон истибитин биһиэхэ кэпсиир буолара.
Бу киһи Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларыгар дьонугар-сэргэтигэр киэҥник биллибит. Кини үлэ фронугар сылдьыбыт. Аармыйаҕа тоҕо ылбатахтара биллибэт. Тас көрүҥүттэн
көрдөххө, күүстээҕэ биллэр эбит. Уҥуоҕунан орто киһиттэн намыһах. Үлэ фронун дьонун хоту Өлүөнэ өрүс төрдүгэр балыкка илдьэ сылдьыбыттар. Манна балачча элбэх оройуонтан дьону киллэртээн балыктаппыттар. Балыксыттар үксүлэрэ сахалар эбитэ үһү. Үлэһиттэр ортолоругар биир сүрдээх уһун, бөдөҥ, күүстээх саха баара. Ол киһи күүһүн туһанан дьону
араастаан атаҕастыыр эбит. Ону маннык түбэлтэлэр туоһулууллар:

Биирдэ күүстээх үлэ кэнниттэн илдьи сылайбыт дьон, ас ылаары уочараттаан турбуттар. Олор ортолоругар Биилкэ эмиэ хочулуогун тутан уочаракка турбут. Ол турдаҕына, улахан киһи аадаҥнаан кэлбит уонна Биилкэ аттыгар тохтообут. Ол-бу диэки олоотоон көрбөхтөөбүт, онтон хочулуогун сулбу тардан ылан истэҕинэ, Биилкэ биэримээри тардыаласпыт, онуоха хочулуоктара ортотунан хайа баран хаалбыт. Биилкэ иһитин алдьаттаран олус диэн уордайбыт. Өлүү түбэлтэлээх — аттыларыгар олоппос турарын сулбу тардан ылбыт да киһитин охсон кууһуннарбыт, олоппос хампы барбыт. Олоппоһун атаҕын туппутунан били киһиэхэ ынан тиийбит. Кимтэн да куттаммат киһибит кэннинэн тэйбит уонна көрдөспүт:

— Доҕоччуок, бырастыы гын, сыыһа дьаабыланным. Аны хаһан да маннык гыныам суоҕа. Хочулуок булан биэриэм, — диэн элбэх дьон ортотугар буруйун билиммит.
Кэнники бу икки киһи тапсан доҕордоспуттар. Уунан кэлбит бэрэбинэни тиэйээһиҥҥэ бииргэ сылдьыбыттар. Алта киһи сүгэр бэрэбинэтин иккиэн сүгэн илдьэ бараллар. Ол эрээри киһитэ куруук бэрэбинэ төбөтүн ылан сүгэр. Ону Биилкэ сөбүлээбэккэ эмиэ адьырыйсан турбут. Били киһитэ бэрэбинэ төрдүн ылан санныгар бэрт эрэйинэн уурбут уонна илдьиэхтээх сиригэр нэһиилэ тиэрдибит. Ону көрөн Биилкэ кэлин киһитигэр мас төрдүн сүктэрбэт буолбут. Хоту сыл курдук үлэлээн баран дойдутугар эргиллэн кэлбит. Кэлээт, саҥа дьиэ-уот туттан бэрт үчүгэйдик олорбут, оҕоломмут-урууламмыт. Кини кэлин кырдьан, сааһын моҥоон баран өлбүт. Ол аата тыһыынча киилэни көтөҕөр, тардар киһини сахаларга күүстээҕинэн
ааҕаллар эбит.
Г.Д. Сосин «Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр» диэн 2015 с. «Саха сирин үһүйээннэрэ-номохторо»
сиэрийэнэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт кинигэтиттэн.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0