Аҕыйах хонуктааҕыта “Биики Домох” бырайыагы олоххо киллэрэргэ сайаапка биэрдилэр. Биики Домоххо өс хоһооннор, бэргэн этиилэр, сомоҕо домохтор киириэхтэрэ. Билиҥҥитэ аан дойду араас тылынан 89 Биики Домох (викицитатник) баара биллэр.
Саҥа бырайыакка маҥнайгынан Афанасий Уваровскай (Убаарыскай) 1848 сыллаах “Ахтыылар” айымньытыттан: “Иэс хаалбыта аҕыс тоҕус муҥ, оччоҕо бу улахан харчынан ааҕыллара” диэн быһа тардыы киирдэ.
Тэрийээччилэр бу хас биирдии киһиэхэ туһалаах буолуон ыйаллар. Холобур, сахалыы өс хоһооннору, ох тыллары, саха литэрэтиирэтигэр киирбит тыллары, биллиилээх дьон бэргэн этиилэрин, о.д.а. быһа тардыылары барытын биир сиртэн булуохха сөп. Итилэри хайа баҕарар киһи интэриниэккэ киллэрэр кыахтаах. Бырайыак билиҥҥитэ https://incubator.wikimedia.org/wiki/Wq/sah/Main_Page аадырыска баар. Сиһилии Николай Павловтан halan@yandex.ru, +7 924 661 8833 билсиэххэ сөп.
Бырайыак көҕүлээччилэринэн “Полярная звезда” сурунаал эрэдээктэрэ Владислав Доллонов, “КиберСаха” координатора Николай Павлов-Халан буолаллар.
Биһиги корр.,»Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru