Биибилийэ сахалыы саҥарар

05.05.2021
Бөлөххө киир:

Муус устар 13 күнүгэр Дьокуускайдааҕы духуобунай семинарияҕа М.И. Рудомин аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай бибилэтиэкэ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин А.С. Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэтин тэрийиилэринэн «Христианскай история-култуура нэһилиэстибэтэ: ааспыты анаарыы, билиҥҥини ырытыы» диэн III Бүтүн Арассыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Бу кэмпириэнсийэ биир дьаһалынан Эргэ Кэс Тыл “Руфь” уонна “Эсфирь” диэн икки кинигэтэ сахалыы тылынан холбуу тахсыыларын сүрэхтээһин буолла.

Бу кинигэҕэ быһаччы үлэлэспит Раиса Сибирякованы кытары көрсөн кэпсэттибит.

Сыралаах үлэ түмүгэ

Раиса Спиридоновна, эрэдээктэр да, тылбаасчыт да быһыытынан кыттыспыт киһи, дьэ, бу суолталаах түгэн туһунан сиһилии кэпсээ эрэ.

Төрдүттэн быһааран эттэххэ, «Эргэ Кэс Тыл» (Ветхий Завет”) «Саҥа Кэс Тылы» (“Новый Завет”) кытта бииргэ «Биибилийэ» диэн ааттанар, үйэлэр тухары аан дойдуга саамай ааҕыллар кинигэ буолар. Биибилийэ тылбааһын институтун научнай үлэһитэ Саргылаана Афанасьевна Леонтьева салайааччылаах тылбаасчыттар бөлөхтөрө «Саҥа Кэс Тылы» сахалыы саҥардан өссө 2004 сыллаахха туспа кинигэнэн таһаартарбыта.

2013 сылтан «Эргэ Кэс Тылы» тылбаастааһын саҕаламмыта, мин ити кэмтэн бу бөлөххө үлэлиибин. “Эргэ Кэс Тылга” киһи аймах айыллыыта, Таҥара үгүс омуктартан талан ылан, ураты соругу сүктэрбит дьэбириэй норуотун уонна кинилэрдиин алтыспыт атын омуктар олохторо-дьаһахтара, духуобунай суоллара-иистэрэ кэпсэнэр. Бу кэм устата «Соломуон аман өһө», «Иона Бороруок кинигэтэ» тахсыбыттара. Билигин «Биэс кинигэ» («Пятикнижие») уонна Бороруоктар кинигэлэрэ тылбаастана сылдьаллар.

Бу икки дьоҕус кинигэҕэ сүрүн оруолу дьахталлар ылаллар. Моав омук кыыһа Руфь дойду биир саамай уустук, ытылҕаннаах кэрдиис кэмигэр олорон ааспыт. Израиллыын ыаллаһа сытар Моав дьоно Израиль өстөөхтөрө буоланнар, кинилэр удьуордара Израиль норуотугар киирсэр бырааптара суох эбит. Ол үрдүнэн Руфь дьэбириэй киһитигэр эргэ тахсар уонна огдообо хаалан баран, эрин ийэтин Ноемини туора сиргэ чороҥ соҕотох хаалларан кэбиспэт, кинини кытары Израильга кэлсэн, өлбүт кэргэнин аймаҕар эргэ тахсан, ыал ийэтэ буолар, Ноемини оһоҕун төрдүгэр олордор. Манна дьэбириэй омук дьадаҥы аймаҕы толуйан ылар былыргы сиэрэ ойууланар. Ол курдук, аҕа ууһун кыахтаах киһитэ тулаайах хаалбыт аймахтарын тустарыгар кыһаллан-мүһэллэн, кинилэр иэстэрин-күүстэрин төлөөн, сирдэрин-уоттарын атыылаһар уонна огдообо кийиитин ойох ылар, быһата кинилэр быстыбыт уустарын аатын-суолун салгыыр үгэһэ баар эбит.

«Руфь туһунан кинигэни» саха народнай суруйааччыта Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон 2004 сыллаахха тылбаастаабыт. Бу кини тиһэх айымньыларыттан биирдэстэрэ буолар, маны кини «хайа да ыарахан кэмнэргэ аймахтар хардарыта көмөлөсүһэ сылдьыҥ, биир сомоҕо буолуҥ» диэн норуотугар хаалларбыт Илдьитин быһыытынан сыаналыыр сиэрдээх. Литературнай эрэдээксийэтин Институт миэхэ итэҕэйбитэ. Ол эрээри, мин Улуу Суоруҥҥа туох улахан көннөрүүнү оҥоруохпунуй, хата бу үлэттэн бэйэбэр элбэҕи иҥэриммитим. Аҕыйах сиргэ сурук бэлиэтин туруорбутум уонна «бэргэн» (икки кийииттэн убай кэргэнэ кыра кийииккэ сыһыаннаан) диэн тылы киллэрбитим.

Оттон «Эсфирь кинигэтин» ким тылбаастаата?

Ону миэхэ оҥорторбуттара. Бу кинигэ аата да этэрин курдук, сүрүн дьоруойа Эсфирь. Биһиги эрабыт иннинээҕи V үйэҕэ Индияттан Египеккэ диэри тайаан сыппыт Персия-Мидия импиэрийэтигэр олорбут дьэбириэй норуота имири кыргыллар дьылҕаттан хайдах быыһаммытын, онуоха Эсфирь абаҕата Мардохейдыын туох оруоллаахтарын туһунан кэпсэнэр. Дьиктитэ баар, бу кинигэҕэ Таҥара туһунан биирдэ да ахтыллыбат, инньэ гынан ааҕааччы Персия ыраахтааҕытын дыбарыаһын олоҕуттан суруллубут умсугутуулаах сэһэни ааҕа олорор курдук сананар.

Улуу кинигэ суолтата

Билигин киһи барыта нууччалыы билэр кэмигэр Биибилийэни сахалыы саҥардыы суолтата туохханый?

Биибилийэ диэн аан дойду муудараһа түмүллүбүт кинигэтэ, тулалаан турар айылҕа, киһи аймах үөскээһиниттэн саҕалаан уопсастыбаҕа, дьиэ кэргэҥҥэ, олоххо-дьаһахха, үлэҕэ-хамнаска уо.д.а. сыһыаннаах ыйытыыларга чопчу харданы, араас сүбэни-аманы барытын мантан булаҕын. Саха дьоно, ордук ыччаттар бу улуу кинигэни аргыс оҥоһуннахтарына, сиэрдээх олох сыаннастарын таба өйдүө, көлдьүн суолу батыһартан быыһаныа этилэр.

Айыы Тойон Таҥара «бу Мин этэр тылларбын төрүт уларытымаҥ, тугу да эбимэҥ, тугу да көҕүрэтимэҥ» диэбит буолан, Биибилийэ тылбааһа диэн улахан ирдэбиллээх уонна хас да түһүмэхтэн турар уустук үлэ. Тылбаасчыт оҥорбутун богословие эрэдээктэрэ былыргы дьэбириэй, былыргы грек тылларынан суруллубут тиэкистэри кытары тэҥниир. Биибилийэ билиҥҥи нууччалыы барыйаана хаһыалар даҕаны, олортон институт паратиэкискэ, ол эбэтэр былыргы дьэбириэйдиигэ, саамай чугас диэбитинэн тылбаастатар.

Ити эрээри, иҥэн-тоҥон биллэххэ, араастаһыыта үгүс буолар, нуучча тылбаасчыттара бэйэлэригэр чугаһата сатаан эбитэ дуу, биитэр өйдөбүлү быһаараары эбитэ дуу, паратиэкискэ суох тыллары киллэрэн кэбиспиттэр. Холобур, «итирдэр утах» диэн тылы «быраага», «Брия» диэн киһи аатын «Берия» диэбит этилэр. Арассыыйа үгүс омуктара бэйэлэриттэн былыргы тыллары билэр киһилэрэ суох буолан, атын омук дьонун эрэдээктэрдэтэллэр, олоруҥ аны бу омук тылын билбэт буоланнар, төттөрү тылбаас оҥорторон (холобур, нууччалыыттан тувалыы тылбаастаммыты барытын төттөрү нууччалыы тылбаастатан) эрэйдииллэр.

Оттон биһиэхэ Саргылаана Леонтьева бэйэтэ көрөн-истэн кыладыйар, онон биһиги, сахалар, кини курдук былыргы тыллары дэгиттэр баһылаабыт киһилээх буоламмыт, дьоллоох дьоммут. Кини кэнниттэн аны литературнай эрэдээктэр көрөр, салгыы хас да киһиэхэ аахтаран сыаналаталлар. Маннык кэлэктиибинэй үлэ түмүгэр, тылбаас паратиэкиһи тутуһуллубутун таһынан, сахалыы биир тыынынан кудуччу ааҕыллар, бэрт хомоҕой буолан тахсар.

Дьэ, чахчы даҕаны, элбэх сыраны эрэйэр үлэ диэтэҕиҥ! Саҥа кинигэ уруһуйдара олус тупсаҕайдар эбит ээ.

Ити Намтан төрүттээх худуоһунньук Мария Прокопьевна Адамова уруһуйдара. «Иона бороруок кинигэтин» ойуутун эмиэ кини оҥорбута. Онуоха доместикация ньыматын туттан, саха олоҕу көрүүтүгэр, психологиятыгар чугаһатан уруһуйдаабыт этэ. Иона бороруок бу туттан-хаптан хааман иһэрдиин, сэксэгэр бытыгыныын үкчү саха оҕонньорун санатар, оттон нууччалыы тиэкискэ «киит» дэннэр даҕаны, дьиҥнээх паратиэкиһигэр «күтүр улахан» диэн этиллэр балык соботтон туох да атына суох этэ. Оттон бу сырыыга оригиналлар уратыларын тутуспут. Биибилийэ тылбааһын института Мария уруһуйдарын биһирээн, Арассыыйа атын омуктарын тылларынан тахсар кинигэлэргэ эмиэ туһанарга быһаарбыт. Ити улахан сыанабыл!

Кинигэ биһирэмэ хайдах ааста? Ким ыалдьыттаата?

Научнай-практическай кэмпириэнсийэ пленарнай чааһыгар ыытыллыбыт буолан, биһирэм үрдүк таһымҥа ааспыта. Араас эрэгийиэннэртэн элбэх ыалдьыт баара. Москваттан Биибилийэ тылбааһын институтун дириэктэрин солбуйааччы Наталия Георгиевна Горбунова кэлбит этэ. Владыка Роман сахалыы бырайыагы өйүүрүн иһин махталын биллэрбитэ, институт үлэтин-хамнаһын билиһиннэрбитэ уонна аныгы медиа-эйгэ ирдэбилинэн тылбаас саҥа көрүҥнэрин туһунан кэпсээбитэ.

Суруйарым – тыынарым кэриэтэ”

Раиса Сибирякованы өр сылларга тыа хаһаайыстыбатын сырдаппыт суруналыыс быһыытынан билэбин, «Саха сирэ» хаһыакка 15 сыл бииргэ үлэлээтибит, билигин тылбаасчыт быһыытынан арыйдым. Өссө Аайа диэн аатынан сэһэннэри, кэпсээннэри суруйар. «Маҥнайгы уруок», «Ол сааскы киэһэ», «Уһаабыт сааскы киэһэ» диэн кинигэлэрдээх, «Ньургун», «Сир симэҕин ыһыаҕа», «Көрсүһүү иннинэ» диэн кэпсээннэрэ «Чолбон» сурунаалга, биһиги хаһыаппытыгар тахсыбыттара.

Соторутааҕыта “Перед встречей” диэн нууччалыы тылбаастаммыт, кытаанах тастаах кинигэтэ «Алаас» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Манна кини алта кэпсээнин Сэргэх Сэмэй, Мария Решетникова, Саргылаана Леонтьева тылбаастаабыттар. Бу сахалыы суруйар ааптарга киэҥ эйгэҕэ тахсарга, туһугар хорсун быһыы буолар.

«Бэйэтэ кэлэр, этиттэрэн суруйабын» диирим сымыйа буолуо, дьону кытары кэпсэтэн-ипсэтэн, тугу эмит бэлиэтии көрбүппүн уһуннук иитийэхтии сылдьан баран, эттээн-сииннээн сурукка тиһэбин”, — диэн этэр кини.

Суруйар идэ суруйааччыны аһаппат-таҥыннарбат дииллэр, оччотугар тоҕо бу ыарахан идэ эйигин умсугутар?

Ити ыйытыы миэхэ «эн тоҕо тыынаҕыный?» диэбиккэ холоонноох быһыылаах…

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Р.Сибирякова.

Хаартыскаҕа: (хаҥастан уҥа) Биибилийэ тылбааһын институтун дириэктэрин солбуйааччы Наталия Горбунова, тылбаасчыт Раиса Сибирякова-Аайа, Национальнай архыып үлэһитэ Венера Тихонова, богословие эрэдээктэрэ Саргылаана Леонтьева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0