Биһиги убайбыт Арамаан Сэрэмээт — Айылҕа Оҕото

Ааптар:  Эдэр саас
24.06.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: pxhere.com

Мин убайбын Оруоманы ыраатан, тэлэһийэн да сылдьан истиҥник, иһирэхтик ахта-саныы сылдьарым. Хаһан эмэ дойдубар охсулуннум даҕаны, хайаан да ааттаан-суоллаан туран, кыстык угун саҕа дьиэтигэр эбэтэр үрэххэ сылгытыгар тиийэн сэһэргэһэр үгэстээҕим.

Дьэ, кини онно мааһа табыллан, наһаа аһыллан, киэҥник эҥсэн толкуйдаан, анааран кэпсэтэрэ. Кэлин убайбын дьоно-сэргэтэ Айылҕа оҕото диэн ааттаабыттара. Сүрүн сураҕалаһара айылҕа көстүүлэрэ, булт-алт хаамыыта, дьон сэргэ олоҕо буолара…

Мин Оруома диэн убайдаахпын олох кыра сылдьан билбитим. Арааһа, улахан кылаастарга үөрэммэтэҕэ дуу?  Биһиги 1970 сыллаахха мин  үс саастаахпар Сымалаахтан бөһүөлэккэ көспүппүт саҕаттан өйдүүбүн. Бу санаатахха, тоҕо эбитэ буолла, Оһуобай Оппуонньа диэн киһи сыбаайбата биһиги дьиэбитигэр буолбутун курдук өйдүүбүн.  Онно биһигини эдьиийбитигэр Уһун Аанаҕа Ньамыйаанаптарга илдьэн хааллартара. Онно Оруома убайым миинэр аттаах этэ… Миигин көтөҕөлүүрэ.

Онтон кэлин  1972 сыллаахха күһүн маҥнайгы хаар түһүүтэ абаҕам аах Ыанньыкайга кыстаан олордохторуна, аҕабынаан убайбын кытта сыарҕалаах атынан ыалдьыттаан кэлбиппит. Абаҕабын онтон ыла үчүгэйдик өйдүүбүн. Онно убайым Оруома аармыйаҕа сылдьар эбит.

Аармыйаттан кэлбититтэн ыла быыстала суох убайбынаан алтыһыым саҕаламмыта.  Саллааскай кителин наһаа өргө дылы үлэҕэ кэтэр этэ. Өссө ол кителин кэтэн сыарҕалаах оҕустаах хаартыската баар  этэ… Бу санаатахха, убайым сүрдээх дьоҕурдаах эбит. Ол курдук, муусукаҕа бэйэтинэн үөрэнэн гитараны бэркэ тыаһатара, ыллыыра даҕаны. “Оо, арай дууһабар билигин маҥнайгы тапталым тилиннин”, — диэн ыллыырын өйдөөн хаалбыппын.

Убайым булка сүрдээх көхтөөх этэ.  Арай биирдэ киэһэ хойут дьиэбитигэр убайым саа сүгэн киирдэ.  Соһуйдубут бу кыс-хаар ортото тоҕо сааланнаҕай диэтэхпит буолуо. Киһибит үөрэн мытырыйбыт.. Местком быһаарыытынан «ТОЗ-34 Е» диэн сабыс- саҥа көмүс эмэһэлээх  сааны атыыласпыт .Ону сөҕө-махтайа көрдүбүт. Дьэ, ол саатынан элбэх куһу, куобаҕы, мас көтөрүн бултаатаҕа. Кэлин убайым улахан булка сылдьар буолбут этэ. Тайаҕы, ойуурдааҕыны да бултаталаабыт буолара. Киискэ анаан- минээн ыттанан-кустанан сылдьар буолбут этэ.

Убайым көтөрү-сүүрэри билэринэн дьонтон чорбойоро.  Кустар ааттарын ханнык түөлбэ тылынан туох диэн ааттаналларынан билэрэ. Уонна оҕо сылдьан сэҥээрэн көрөр буоларым. Киниэхэ Балык Хатарбыкка сарай дьиэ истиэнэтигэр кэллиэксийэм диэн ааттаан сааскы кус араас кус баттахтарын, бараахтар араастарын мунньа сылдьарын. Кини үөрэҕинэн оччоттон кустар ааттарыгар кэҥэс соҕус билиилээхпин дии саныыбын.

Саҥа туран иһэммин убайым көлө-илии от звенотун салайарыгар онно үлэлээбитим. Дьэ, ол кэмҥэ көрдөҕүм сылгыга сыстаҕаһын.  От бөҕө оттуурбут. Аармыйаҕа барыам иннинээҕи сайыҥҥа 18-пын туоларбар убайым бэйэтэ охсубут удьурхай уктаах быһаҕын бэлэхтээбитэ. Ол мин бастакы бэйэм анал саха быһаҕым эбит.  Ити сайын эмиэ ыттанан үйэбэр аан бастаан тайахтаатах буолан тыаҕа хаамтарбыппыт иккиэн. Онон бастакы атынан тыаҕа хаамтарыым эмиэ убайым барахсанныын эбит.  Оҕордук..

Дьэ, ити курдук, убайым үөрэҕинэн аныгы тиэхиньикэ үйэтигэр акка сыстаҕас киһинэн ааҕынабын. Үлэһит буолуохпуттан тыаҕа миинэр анал аттаахпын. Ол эмиэ убайым үтүөтэ. Мин убайбын Арамаан Сэрэмээти дьиҥ чахчы үчүгэй майгылаах, сахалыы намыын киһинэн өйдөөн хааллаҕым.  Өссө да элбэҕи сэһэргэһиэхпит хааллаҕа. Убайым барахсанытыыннааҕым тухары истиҥник саныы сылдьыаҕым.

Дьөгүөр Һэрэмээт, Мииринэй.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0