Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылынан, СӨ Үлэ сылынан, Горнай улууһугар Тупсарыы сылынан «Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн» диэн улуустааҕы пуорум ыытылынна.
Пуорум иитинэн «Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас» аахсыйаҕа Е.Е.Дунаев Кореяҕа эмтэнэ барарыгар көмөлөһүү, «Улуус хаһыатын дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт» — «Үлэ күүһэ» оройуон хаһыатын эрэдээксийэтэ элбэх оҕолоохторго, байыастар дьонноругар чэпчэтиилээх сурутуу аахсыйата тэрилиннэ. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Тэрээһин түөрт сиэксийэнэн ыытыллыбыт. Ол курдук, «Дьылҕаҥ бэйэҥ илиигэр», «Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ өбүгэ үгэстэрэ», «Дьиэ кэргэн – эбии дохуот»; «Дьиэ кэргэни хамсатар күүс – аҕа». Хас биирдии сиэксийэҕэ дьон-сэргэ көхтөөхтүк акыттыбыт. «Дьиэ кэргэни хамсатар күүс — аҕа» сиэксийэҕэ Нам улууһуттан Хамаҕаттаттан «Эркин» диэн эр дьон түмсүүтэ кэлэн кыттыыны ылбыта тэрээһини сэргэхситэн биэрбит.
Бэлиэтииллэринэн, пуорумҥа маастар-кылаастар болҕомтону тардыбыттар. Манна туойтан, сиэлтэн харысхаллары оҥорууга уонна хаартыска арааматын киэргэтиигэ маастар-кылаастарга тэрээһин кыттыылаахтара үөрэ-көтө кыттыбыттар, түмүккэ элбэҕи биллибит-көрдүбүт диэн махтаммыттар. Оттон «Аҕа, ийэ уонна мин – спортивнай дьиэ кэргэн» күрэс олус сэргэхтик ыытыллыбыт. Пуорумҥа «төгүрүк остуол» тула санаа атастаһыыта ыытыллыбыт. Улуус бастыҥ дьиэ кэргэттэрин наҕараадалааһын буолбут. Түмүккэ «Дьиэ кэргэн – дьол уйата» талааннаах дьиэ кэргэттэр эҕэрдэ кэнсиэртэрэ ытыс тыаһынан доҕуһуолламмыт.