Уус Алдаҥҥа «Биэттэ-Агро» бурдук хомуурун саҕалаата

Ааптар: 
06.09.2017
Бөлөххө киир:

Баатаҕай нэһилиэгин олохтооҕо, “Биэттэ-Агро” ХЭТ салайааччыта Семен Сивцев агрономия дьаһалларын бигэтик тутуһар итиэннэ Саха сиригэр таһаарыллыбыт сиэмэни ыһар буоллахха, хайдах да дьылга туруктаах үүнүүнү ылыахха сөбүн өссө төгүл итэҕэйдэ. edersaas.ru

Ол курдук, быйыл даҕаны сииги куоттарбакка 244 гектарга сэлиэһинэйи, 246 гектарга эбиэһи, 20 гектарга ньэһимиэни ыспыта биир тэҥник өрө анньан үөрдүбүтэ. Тыанан хаххаламмыт, сииктээх сиргэ сытар Сылаат, Томтор үрдүнээҕи уонна соҕуруу бааһыналар курааны улаханнык билиммэтилэр, арай, үүнүүлэрэ арыый бытааран ылла да, кэнники түспүт ардахтартан өрүһүннүлэр, онуоха эбии олохтоох сиэмэ буолан, тулустулар.

— Дьэ, олохтоох сиэмэ диэн чыҥха атын буолар эбит, — диир Семен Васильевич. — Урукку сылларга соҕуруу дойдуттан аҕалыллыбыт туга-ханныга биллибэт сиэмэни ыһарбыт биһиги кылгас сайыммытыгар сиппэт, курааны тулуйбат буолан, үчүгэй үүнүнү биэрбэт этэ, халтайга үлэлиирбит. Курааны тулуйумтуо, көрүүгэ-истиигэ талымаһа суох “Туймаада” сэлиэһинэйи былырыын сорох бааһынабытыгар ыһан, гектартан 16-17 сэнтиниэри хомуйбуппут. Быйыл бааһынаҕа барытыгар бу суорду ыстыбыт.

Хаһаайыстыба үлэһиттэрэ ыһыыларын сыллата кэҥэтэн, оһорбо бааһыналарын ыраастаан, бүтэйдэрин саҥардан иһэллэр. Быйыл 15 биэрэстэ усталаах бүтэйи туттулар. Отунан-маһынан саба үүммүт бааһыналарын диискэлээтилэр, дискаторынан үсүһүн ыраастаатылар итиэннэ күһүҥҥү паардааһыны ыыттылар. Бу күннэргэ хомууру саҕалаатылар.

— Үс хамбаайынынан саба түһэммит хомууру кылгас болдьоххо бүтэрдэхпитинэ эрэ сатанар. Халлаан туран биэрдэр, хаачыстыбалаах сиэмэнэн хааччыныа этибит. Бэйэм баҕа санаам диэн гектартан уоннуу сэнтиниэр бурдугу ылбыт киһи диэн. Хайдах буолар? Бааһына-бааһына үүнүүтэ араас, ортону аннынан да үүнүүлээхтэр бааллар, диир Семен Сивцев ханнык бааһына төһөнү биэриэн сөбүн сүрэҕинэн-быарынан курдаттыы билэр хаһаайын быһыытынан.

Комбайнердар Василий Сивцев, Гаврил Степанов, Дмитрий Сивцев үлэ үөһүгэр түстүлэр. Кинилэр хайдах үлэлииллэриттэн хомуур түмүгэ тутулуктааҕын үчүгэйдик билэллэр. Остуол ньуурун курдук көнө бааһынаҕа саҥа хамбаайын долгулдьуйа үүнэн турбут сэлиэһинэйи күүстээх салбахтарынан хомуйа тардан барабааныгар киллэрээт, сиэмэтин арааран бункерыгар кутар, кэннинэн соломотун быыл оҥорон көтүтэн иһэр.

Уус Алдантан Баһылай МҮРҮ,  edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0