Биэтэс Билээхэп: Үйэ аҥаара ааһа охсубут…

Ааптар: 
14.11.2022
Бөлөххө киир:

Муус чараас буолан, буурбунан аҕыйахта эрийэн курулатан дьөлбүт ойбонум үрдүгэр күөгүбүн дьигиҥнэтэ, “күүстээх күстэх, кыһыылаах кыһыыдай, дьоллоох дьорохой, ааттаах алыһар хаап-хаап…” дии-дии кигинэйэн ыллыы, балык хабарын кэтэһэн нөрүйэн олордум. Аттыбынан, 50-ча миэтэрэлээх сиринэн, боротуока устун аныгы үйэ көлөлөрө, салгын сыттыктаах “Хивустар” өрө бирилээн быыстала суох төттөрү-таары сирдьигинэтэн ааһаллар. Биримээнэ уу дьалкыйар, муус хотоҥнуур, харчы хачыгырыыр!

Кыһалҕа кыһыл атахтаах буоллаҕа, дьон-сэргэ бас быстар сыанатын кэрэйбэккэ, Эбэлэрин нөҥүө-маҥаа туораан айаннаан эрдэхтэрэ. Аны, урукку курдук хаайтарыы, сатыылаан муҥнаныы суох. Сатыылаан диэбиккэ дылы… үйэ аҥаара анараа өттүнээҕи кэми өйдөөн кэллим. Оруобуна бу кэмнэргэ этэ, тиэриллибит хаатыҥкалаах, нэлэккэйдэммит түөстээх тэлигириэйкэлээх, андаатар бэргэһэлээх, үрүсээк сүгүүлээх үс бөтөрөҥнөспүт уол Эбэбитин курдурҕаччы сатыы туораан куоракка кэлбиппит.

Эдэр сааһым арахсыспат аргыстара, эрэллээх доҕотторум барахсаттар. Өлөксөйбүт иннибитигэр спортивнай хаамыы тэтиминэн кыаһалдьыйыы, кыдьымаҕы кыдьымах да диэбэт. Кураан Туола биһикки кэнниттэн умса-төннө түс да түс, ол да буоллар айахпыт хам буолбат, кэпсээн-ипсээн, күлсүү-салсыы, һуу-һаа бөҕө. Сүүрбэбитин эрэ ааспыт эрчимнээх эрэттэр буоллахпыт. Бүтүн дэриэбинэ дьоно, ыччаттар сыаллаан-соруктаан, хайаан да бүгүн эргиллэҕит диэн атаарбыттара. Хомуйан туттарбыт оччолорго ботуччу суума харчыларын сиэппэр укта сылдьабын.

Бу да буолларбын, бээ, ойохтоноору, күн сарсын ыччат-хомсомуолускай сыбаайбаны ньиргитээри сылдьабын. Хомсомуолларым былааһы ылан, кулуубу киэргэтэн, уһун субурҕа былаахы остуоллар, ыскамыайкалар туруоруллан, ас-үөл тардылларыгар барыта бэлэм. Арай, кэлин тиһэҕэр, тапталлааҕым сыбаайбаҕа кэтэр былаачыйата табыллыбакка, ытаан-соҥоон, ыгылытан, кыл түгэнинэн куораттан атыылаһан таһаарарга быһаарыммыппыт.

Петр Алексеев аатынан уулуссаҕа “Счастье” маҕаһыыҥҥа тиэриллибит хаатыҥкалаах, килэриспит тыа уолаттара нэлэһэн-хотоһон киирэн кэлбиппитин атыҥырыы көрүстүлэр. Наадабытын эппиппитин :”Куоракка бырапыыскалаахтарга эрэ атыылыыбыт. Эһиэхэ бэриллибэт”, – диэн куукула курдук мааны кыыс-дьахтар сиргэммиттии мырдьыста-мырдьыста этириэс аккаастаата. Ыксааммын хаартысканан оҥоһуллубут сыбаайбам ыҥырыытын көрдөрөн, ааттаһан, кистии-саба 25 солкуобайдааҕы үҥүлүтэн, куба түүтүн курдук муус маҥан былаачыйаны нэһиилэ мүччү ыһыгыннаран турабын.

Көр, бу өйдөөтөхпүнэ, эмээхсиним барахсанныын хайыы үйэ 50 сыл эн-мин дэһэн олорон кэлбит эбиппит ээ… Этэҥҥэ олордоххо, дьыл-хонук биллибэккэ да ааһар эбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0