Тэйсэ быһыытыйбыт атастыылар ыы муннуларынан анньыһаллар: “Хайа, доор, хайдах олордуҥ?” – биирдэрэ туоһулаһар. “Ээ, арааһынай. Олох охсурҕаланара элбэх. Уонна, наар оройго охсо сатыыр,” — анарааҥҥыта эппиэттиир.
Санаан көрдөххө, кырдьык да оннук эбит. Олохпут барахсан, былыр эбэлэрбит, ийэлэрбит эрэйдээхтэр абырахтыы, үүйэ сатыыр нэк буолан тырытта сылдьар куобах суорҕаннарын курдук. Эрэй, кыһалҕа эҥээрдээх, тиийбэт тирии, таппыт тараһа олохпутугар оройго охсулларбыт, кырдьык, элбэх. Бэйэ тус кыһалҕаҕын аахсыбакка туран. Онуоха бэйэҕиттэн атын ким да наадыйбат.
Аҕыйах хонуктааҕыта 90-чатын чугаһаппыт, өссө да сэнэх, тура-хаама сылдьар, кинигэ-хаһыат тутуурдаах, кыбыныылаах биир дойдулааҕым, үөлээннээҕим Өндөрөй Миитэрэпээнэбис кырдьаҕас «кэлэ сырыттын» диэн илдьитин тутан, төһө да сиһим быстан хааллар, тайахтанан таҥхаалайданан тиийэ сырыттым. Үөлээннээҕим барахсан, киһи мыыммат киһитэ. Сэрии сылларын оҕото, оҕус сиэтэн улаатан, эрэйгэ-кыһалҕаҕа эриллэн борбуйун көтөҕөн отчут-масчыт туруу үлэһит, холкуостаах хоодуот, хайҕалга сылдьар ыстахаанабыс буолбута. Сокуоннай сааһын ситиитэ оҕуһун чурумчутун тыраахтыр көлө уруулугар уларыппыта. Онтон ыла холкуоска, сопхуоска үрүлүйэ-харылыйа үлэлээн, оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ аата-суола иһиллэр Үлэ Кыһыл былааҕа уордьаннаах чулуу мэхэньисээтэр буолан бочуоттаах сынньалаҥҥа ахсыбыта.
Кэргэнинээн, Агааппыйа барахсанныын уоллаах кыыс оҕолонон, онтуларын иитэн, улаатыннартаан, үөрэхтээн үлэһит, ыал-күүс оҥорон, дьиэ-уот тэрийэн, Өндөрөй билигин уонча сиэннээх, хас да хос сиэннээх ытык эһээ ыстаатыстаах кырдьаҕас. Агааппыйата, сэбиэскэй кэмҥэ ынахтан сылга 3000-лаах кирбиини ылбыт, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллээх, хомуньуустуу үлэ удаарынньыга ыанньыксыт этэ. Барахсан, сииктээх хотоҥҥо үйэтин моҥообута охсон, доруобуйата алларыйан, бу олохтон бараахтаабыта уонтан тахса сыл буолла.
Куоракка уолугар олороохтуур. Икки хостоох кыбартыыраҕа уонча буолан кыбыллан-симиллэн, кынчыаттаһан-ырдьыгынаһан олороллор. Тыаҕа кыыһын аахха сыстыан, анарааҥҥылар эмиэ ыарырҕаталлар. «Манна онто суох ыппыт-куспут, сүөһүбүт-сылгыбыт көрүүтэ-истиитэ, оҕолору-сиэннэри бодьуустаһыы, үрүҥ харахпытын өрө көрбөппүт. Оҕонньор куоракка уолугар ичигэс сиргэ, толору хааччыллыылаах дьиэҕэ кыһалҕата суох олордун»,– диэн кыыһа чугаһаппат. Уолун аахха, эмиэ туора көрүллэр, аһаары остуолга кэллэҕинэ, кийиитэ буолуохсут илиитин таһынан иһитин-хомуоһун талырҕатар. Наар үлэтиттэн соло булбат архитектор уола ууну омурдубут курдук ньимиликээй сылдьар.
Кырдьар сааска төрөппүт оҕолоргуттан туора көрүллүү, мэһэй-таһай буолуу, тугун сүрэй. Кырдьар кырыыс диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Өндөрөйүм барахсан санаа-оноо баттыгаһа оҥостубут кыһалҕатын кэпсээри ыҥыраахтаабыт. Муҥнааҕым, бу гыннар, оҕолоругар хом санаата суох, кыһалҕалаах олохтоохторун, тиийиммэттэрин-түгэммэттэрин көрө сылдьар, аһынаахтыыр эрэ. «Дьэ, Биэтэс Бииктэрэбис, оҕолорбор мэһэйдээбэккэ, кырдьаҕастар интэринээт дьиэлэригэр барарга бүтэһиктээҕин быһаарынным. Саастыылаахтарбын кытта көрүүлээх-истиилээх сиргэ холкутук, көҥүллүк тыынан үйэбин моҥуом этэ. Бэйэтэ да аҕыйах сыл хаалла. Үөлээннээҕим, бука диэн баалаама…» – Өндөрөй барахсан, көхсө холбойон, туртайбыт баһа саллайан, умса нөрүйэн чымадаанын арыйбыта, бүк тутуллан сытар бинсээгин түөһүгэр иилиллибит Үлэ Кыһыл былааҕа уордьана килэбэчийэ көһүннэ…
Мин бу муҥнаах олох кыһалҕатыгар оройго оҕустаран, дөйүөрэн олордум…