Аныгы үйэҕэ олохпут сайдан, духуобунай култуурабыт барҕаран, сир хараарыа эрэ кэрэх, турар-турбат барыта ыһыахтаабытынан барар буолла. Оттон, уонна, абааһы хамсык дьаҥа хаайан, икки сылы быһа хаайтаран, хам хатанан олорбуппут, муунтуйбуппут, мунчаарбыппыт дьэ, төлө бардаҕа. Бугуһуйбут, босхо барбыт дьон хайыахпытый, киэҥ сиргэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ тардыһаахтыыр буоллахпыт. Уһуйааҥҥа сылдьар, алынтан орто бөлөххө тахсыбыт түөртээх сиэнчээним Ньуккуонайым сиэттиһэн иһэн: «Сарсын ыһыахтыы барабыт, ыһыахтыы, ыһыахтыы барабыт!» – диэн чуопчаара-чуопчаара ойуоккалаан, үрүҥ баанчыга үрүмэччи курдук тэлээриҥниир.
– Һыллыый, Ньуккуонаай, ол ыһыахтаан хайыыгытый? – ээр-сэмээр ыйытабын.
— Бырааһынньыктыыбыт. Маамам алаадьы астыа, муорус оҥоруо. Эбээм эт буһарыа, эдьиийим Лаана чупа-чупс, мэлки-вэй атыылаһыа. Оҕолордуун олорон эрэн аһыахпыт.
Аҕыйах хонугунан аны начаалынай үөрэҕи бүтэрэн, бэһис кылаас үөрэнээччитэ буолбут Аанчыгым: «Эһээ, үрүсээгим быата сиирэ баран эрэр. Тигэн биэрээр эрэ, – диэн турда. «Үрүсээктэнэн ханна бараары гынныҥ?» – туоһулаһабын. «Тыый эһээ, үөрэх дьыла этэҥҥэ бүппүтүнэн кылааһынан Табаҕа хайатын тумсугар похуоттуу барабыт. Таарыйа онно хайа үрдүгэр Өлүөнэ эбэбитин көрө олорон ыһыахтыахпыт. Хата быыппахта атыылаһаар эрэ»,– сиэммиттэн сорудах бөҕөнү ыллым.
Быйыл оскуоланы бүтэрбит мааны сиэним Айаалым «һуу-һаа» бөҕөнөн ууга-уокка түһэрэн киирэн таҕыста. Эмиэ ыһыах айдаана.
– Кырдьаҕаас, эҕэрдэ. Өбүгэлэрбэр уруй-айхал! – бэһиэлэйдээтэҕэ буолан чаҕылыйан киирбитин, мин да оонньоон өһүргэммитэ буолан:
– Өбүгэлэр түҥ былыр түҥкэлийбиттэрэ, – диэн иэдэс биэрдим.
– Эһээ, чэ-чэ, өһүргэнимэ. Сарсын кылааһынан айылҕаҕа ыһыахтыы – шашлыктыы барабыт. Били мангалбыт даачаҕа ханан баарый, илдьэ барыам этэ.
Бэҕэһээ, суохпуна тыаҕа олорор сиэммит Ньургун кэлэн барбыт. Оҕом сыыһа, аармыйаттан этэҥҥэ сулууспалаан кэлэн, аҕатын, убайдарын кытта сылгыһыттаан эрэр. Кыратыттан умньанан улааппыт дьарыга. Нэһилиэк эр дьоно сылгыһыттары кытта Кулун ыһыаҕын ыспыттар үһү. Инньэ гынан эһээлээх эбээтигэр кэһиитин «Арасаа» бытыылкатыгар биэ кымыһа, хас да үтэһэ эт хааллараахтаабыт. Хата, куорат оҕонньоро, эмээхсинэ уос тэнитэр дьон буолбуппут.
Онон, биһиги ыалга, ыам ыйа сиэннэрбит ыһыахтарын ыйа буолла. Таарычча, кырдьаҕастар кэмин иннинэ ыһыах аһын амсайдахпыт. Бэрт сотору Улуу Тунах ыһыахтар саҕаланыахтара турдаҕа. Улуу бырааһынньыктар. Ол гынан, бииртэн ытырыктата, дьааххана олоробун. Кырачаан сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар, ыччаппытыгар ыһыах – ол-бу сылтаҕынан, төрүөтүнэн өскүөрүтүн бырааһынньык диэн өйдөбүллэнэн эрэриттэн.
Биэтэс Билээхэп