Тэрис өбүгэбит Омоҕой баай туһунан үһүйээни суруйан турар. Самаан сайын оройугар үрүҥ тунах ыһыах ыһан, анал моҕол ураһаҕа бас-көс дьоннору олордуталаан, кырылыы кыынньар уохтаах кымыһынан күндүлүү, утахтарын ханнара олордоҕуна, таһырдьа итирик дьон ньамалаһалларын сөбүлээбэккэ: “Ылыҥ эрэ, тахсан көрүҥ, хайа үөдэттэр айдааралларый, киэр кыйдаталааҥ!” — диэн дьаһайар. Тахсан буойсан киирбит киһи: “Нам эрэттэрэ күө-дьаа буолбуттар”, — диэн иһитиннэрэр. Көр, оччоттон сахалар итирэр эбиттэр.
Дьэ, 30-тан тахса кыраадыстаах уот куйаас сатыылаан, итииргээн, буһан, тигээрдээбит сүөһүлэр курдук ууга симиллэр, уу-хаар утахтанар дьон буоллубут. Аныгы үйэҕэ гаастаах, ньулуун омук-омук утаҕын арааһа дэлэй. Төһөнү баҕарар ыймахтыаххын, киллиргэтиэххин сөп. Иһиҥ эрэ тоҕо барбатар ханнык.
Кырдьаҕастар, оллоонноон олорон итии үүттээх чээйбитин үрэ-үрэ ыймахтыырбытын, биитэр кылыгыр ууну омурдарбытын ордоробут. Оттон уонна, халадьыылынньыкка уура сылдьан сойбут сөрүүн быыппаҕы, кымыһы иһэртэн, көхсүгүн сөрүүкэтэртэн ордук туох баар буолуой. Соруйустахха, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ атыылаһан аҕала тураллар, абырыыллар.
Бу күө-дьаа баран, холуочук аҥаардаах олорон суруксуттаан бооччойобун, бука диэн баалаамаҥ. Хайа эрэ Бөтүрүөп диэн дуу, Боппуоп диэн дуу чааһынай тэрилтэ оҥорбут, кыынньарбыт сампааныскай курдук амтаннаах, киһи тылын “кымаахтыыр” быыппаҕын бэккэ амтаһыйа биир куруусканы иһэн баран, чэпчээн, мэндээрэн хааллым. Буоккачааннаах быыппах быһыылаах, төбөбөр саайда.
Өбүгэбититтэн Омоҕойтон бэриллибит үгэспит, үөрүйэхпит буоллаҕа. Уохтаах быыппаҕы, кымыһы оҥорор. Ол гынан, маассабай атыыга таһаарыллар ас, бородуукта хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиир аналлаах санэпидтэр, роспотребнадзордар тугу көрөллөрө буолла. Маннык уохтаах быыппаҕы кыракый оҕолор да иһэллэрэ буолуо дии…
Биэтэс Билээхэп