БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: «Тыыҥҥытын иһиллэтэлиэҕим!»

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
13.01.2024
Бөлөххө киир:

Эмискэ ойбоҥҥо уу түллэх гынаат, өрө бырылыы, ыһылла түһээтин кытта, кыаһаанныра кылабачыйар бар түү, түһээтэхтээҕи дьон – сүллүүкүттэр – аан туманы ыыс-быдаанынан өрүкүтэн өрүтэ ыстаҥалаһан тахсан сүллүгүнэстилэр, барыгылдьыстылар.

Син балайда, суорҕанынан бүрүнэн олорон тоҥон, дьагдьайан, хоонньуларыгар уктан киирбит аһыы утахтарын ыйырбахтаан «итии киллэринэн», төттөрү холуочуйан эрэр Ньаах Куоста суорҕан хайдыбытынан кылахачытаат: «Уой-дыы, таҕыстылар, сүллүүкүттэр!» –титирэстээбитинэн дьонугар сыһынна. «Сус, саҥарыма, хамсаама!» – Бөрө Бүөккэ киһитин ойоҕоско кибилиннэрдэ. Онто суох, үһүөн да саллан, дьаахханан, ыксары сыстыахтарынан сыһыннылар.

Чочумча соҕус буолан баран, сүөһү туйаҕын тыаһа бэрт сытыытык кыычыгыраан кэлэн аттыларыгар тохтоото, тула эргийдэ.

– Ээ, чөл мөссүөннээх олохтоох дьүдьэх чмолар ааттарын киртитэр, баппат арыгыһыттар олороохтууллар. Сордоохтор, кэм да итириктэр. Аам, сыттара-дьаардара аҥылыйан, амырыыныын, – сүллүүкүн силлээтэ-хаахтаата. – Нохоо, Ньаах Куостаа! – аатын истээт Куоста: «Ээ», – диэбитин өйдөөмүнэ да хаалла. – Салгыы арыгылыыр буоллаххына, 26-ҕын туолбакка сылдьан өлүөҥ! Бөрө Бүөккэ 35-кэр, Буокка Болуодьа 47-ҕэр бу орто дойдуттан күрэниэххит, иһиттигит!? – суорҕан анныгар олорооччулар «ээ, ыы…» дэһэн эрдэхтэринэ «куус» гынан тымныы салгыны хайа суруйар тыаһы кытта көхсүлэрэ уот аһыйа түстэ. – Баскытын алларыам иннинэ, дэриэбинэҕэ ким кистээн арыгы атыылыырын, ханна «туочука» баарын этэ охсуҥ, алкаастар. Отуо сибилигин тыыҥҥытын иһиллиэм! – эмиэ куһуурар тыас иһиирэн эрэрэ… «Аа, айыккаа, ааттыыбыан, Бэрэдэбиэс Бэрииһэп көссүүтэ, худрук Ырбай Мааса», – Ньаах Куоста ньааҕынаата.

– Итиэннэ, оттон, хаһан эмит Бааһынай Баанньа биэрээччи, – Буокка Болуодьа бобуллаҥнаата.

Нэһилиэккэ кистэлэҥ биисинэс түөрэҕэ түөрүллэр буолла. Инньэ, 30-с, 50-с сыллардааҕы ҤКБД силиэдэбэтэлин курдук, сүрдээх уордаах сүллүүкүн буолан биэрдэ.

– Өлүөххүтүн баҕараҕыт дуо?

– Суох-суох… бүтэбит, быраҕабыт…– суорҕаннар көппөҥнөстүлэр. Сүллүүкүн силигин ситэрэн, ойбон модьоҕотугар анньыллан турар анньыы угунан хороһон олорор бастарын аллартаата. Сордоохтор, сэрэххэ диэн биэдэрэлэри кэтэн олорор буолан, тыыннаах ортулар. Итириктэрэ-илэлэрэ биллибэт, уолуһуйбут, дөйүөрбүт таҥхаһыттар сулбурута ыстанан, суорҕаннарын бүрүммүтүнэн ыыс-быдаан, аан туман быыһынан иҥнэл-таҥнал түһэн таҥхалыһа турдулар.

– Эһиил таҕыстахпына бэрэбиэркэлиэҕим. Сыакаардар, испит буоллаххытына, тыыҥҥытын иһиллэтэлиэҕим! – кэннилэриттэн сүллүүкүн саана, мууһунан тамнаталыы хаалла.

Бу дьиҥ буолбут түбэлтэни, миэстэтигэр олохтоох дьаһалта дьайымтыалаах уопутун быһыытынан кэпсээтим. Биир киин улуус чөл мөссүөннээх олохтоох Дьүдьэх нэһилиэгин баһылыга баппат арыгыһыттарын мөккүөргэ тылыгар киллэрэн таҥхалатан, итинник «эмтээн» турар…

+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0