Биэтэс Билээхэп: Тыыннаах дууһа эбилиннэ…

Бөлөххө киир:
Дьэ, доҕоттоор, күммүт-дьылбыт, сирбит- халлааммыт, ийэ  айылҕабыт туруга араастаан уларыйара, бу хамсык дьаҥа онто суох хабарҕабытыттан ыһыктыбаттыы ылбыт кэмигэр, сүрдээх.
Ахсынньы  аам-даам тымныыта, 40-тан тахса кыраадыс,  будулҕан тумаҥҥа муннаран тоҥортоон  өлөрөөрү гынна. Бэл, соҕуруу сирдэртэн көтөн кэлбит, туманы буолуохтааҕар, үөдэни барытын курдары көрөр көмпүүтэр харахтаах сөмөлүөттэрбит мунаннар, салланнар, Дьокуускайга буолбакка,  соҕуруу Нерюнгри куоракка тиийэн  түһүтэлээтилэр. Норуот дьылдьыта Тускул ахсынньыга 50-тан тахса кыраадыс тымныйыаҕа, сорох-сорох сирдэргэ 60-чаҕа тиийиэҕэ диэн көрүүлэммитэ кэллэ.
Ити 40-тан тахса диэн  ылбычча эппэтим. Бэл, көтөр аалларбыт кыайан түспэт будулҕаннарыгар,  судаарыстыба  эписсийээлинэй  дьылдьыттара – гидрометтэр – инньэ дии олороллор. Онто суох дьиэ иһиттэн быкпат  дьарыктаах  уонунан  тыһыынчанан чунуобунньук, материальнай эйгэни оҥорбот эйгэлэр  үлэһиттэрэ хара дьаҥынан  куоһурданан  дьиэлэригэр олорон  тэйиччиттэн үлэлээбитэ, үөрэммитэ  буолар кэмнэригэр, тоҕо эмиэ кыраадыһы намтата сатыыллара буолла.  Олоҕу хамсатар, тыынныыр,  тымныыны-куйааһы, хаары-самыыры аахсыбакка, тохтоло суох таһырдьа үлэлээх тырааныспар, тутуу, бырамыысыланнас, тыа сирин салааларын үлэһиттэригэр актированнай дэнэр эбии харчы төлөөмөөрү,  «үөһээттэн» сорудахтыыллара дуу…
Дьаҥ-дьаһах, мүһүлгэ, били этэр аан дойду үрдүнэн  сылыйыах буолан эрэр килиимэппитин, күммүтүн-дьылбытын даҕаны кыынньыах, силбиэтиннэриэх курдук. Санаабытыгар, тымныыбыт хамсык дьаҥын муоһун-туйаҕын тоһутуо,  хам тутуо  диэн кэтэспиппит,  бэриниэ суох, өссө өрө баран иһэр, күннэтэ 200-тэн тахсалыы киһи сутуллар. Түҥ былыр, силлээтэхтэринэ силлэрэ муус ойдугаһа буолан ыстанар, ииктээтэхтэринэ кыаһаанныра хороччу тоҥон хаалар  дөйө тоҥмут дойдуга олохсуйбут өбүгэлэрбит итии хааннара бэрилиннэҕэ. Бобуу-хаайыы, сэрэтии диэни билиммэт  аныгы тымыр-сыдьаан дьон 40-50 кыраадыска хаайтара сытыахтара дуо,   «пандыамыйа диэн – па!» дии-дии  көҥүл көччүйэллэр. Ол сылдьан  ыарыыга хаптараллар, атыттары сутуйаллар.
Ити эрээри, туох да диэбит иһин, олох салҕанар.  Дьон санаатын, баҕатын туох да туппат. Хор, Чурапчыга 52 кыраадыска  «Чэбдик»  бөлөх кыттыылаахтара дьахтардыын, эр дьоннуун ойбон алларынан сөтүө бөҕө үһү!  Бу күннэргэ тымныы  оройугар – Өймөкөөҥҥө сорох нэһилиэнньэлээх пууннарга 60 кыраадыс  бэлиэтэннэ. Ону ол диэбэккэ,  тымныы саамай  «уйата»  Агайакааҥҥа таба тириитэ тордох туруорунан,  тимир оһоҕу тигинэччи оттунан,  туристарбыт дэнэр дьон ойбоҥҥо  чомполоноллор.
Дьэ, итинник. Олох тохтоон хаалбат, салҕанар. Айылҕа оҕолоро, тыынар тыыннаах  барыта, ыарыы буоллун, тымныы буоллун, санаабытынан дьаһанар, төрүүр-ууһуур. Аҕыйах хонуктааҕыта Мэҥэ Хаҥаласка  Майа  алааһыгар сатыылаан турар 55 кыраадыс  тымныыга биэ  этэҥҥэ  быыһанан, чоҕулуччу көрбүт кулунчук ыраас хаары оймоон тойтооруҥнаата.  Кэлэн иһэр  Оҕус сылын көрсө  Орто дойдуга тыыннаах дууһа эбилиннэ…
Биэтэс Билээхэп
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0