БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: “Тыын, тыыныма!”

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
20.05.2024
Бөлөххө киир:

Бүгүн, дьэ, халлааммыт тыалыран-кууһуран турда. Хата, кырааскаһыт уолаттар онтон иҥнибэттэр. Үрдүк баҕайы кирилиэскэ туран, кырааскалааһын бөҕөтө. Куораппыт “Азия оҕолоругар” бэлэмнэнэр, куорат устун итинник хартыына. Уһун кыһын кэнниттэн сэргэхсийэр туох куһаҕаннаах буолуоҕай?

Хата, мин флюроографияҕа түһээри баран иһэбин. Испэр салла саныыбын. Төһө эрэ уочаракка түбэһэн, киҥим-наарым холлор диэн, эрдэттэн суос бэринэн тиийэрбин санаан мүчүк гынабын.

Киирбитим, доҕоор, киһи толору. Кыараҕас баҕайыга тууга иҥнибит мунду курдук булумахтаналлар. Үөрүөм иһин, толуон ылар тэрили туруорбуттар. Онон урукку курдук анньыалаһыы-үтүөлэһии суох буолбут. Толуоммунан кумааҕыбын ылан, киирээри кэтэһэн олоробун. Үксүлэрэ эдэр уолаттар. Ыйыталаспыппар, автодорожнайга үөрэнэбит дэстилэр, хата, бары кэриэтэ сахалыы саҥаран үөртүлэр. Сорох уолаттар асчыт үөрэҕэр үөрэнэллэр быһыылаах. Биир оҕо барахсан хайдах икки күнү быһа туорт астаан муҥнаммытын кэпсээтэ. “Тиэстэм олох үллүбэтэҕэ”, – диир. Киһиҥ түөрдү ылбыт. Арай ити киэҥ-куоҥ ис хоһоонноох кэпсээнтэн өйдөөн хаалбытым диэн, асчыттар, ол аата пуобардар бары табахсыт буолаллар үһү. “Табаҕа суох пуобар буолбаккын”, – диир уолчааным. Ок-сиэ, сүрдээх асчыттар тахсыыһылар дии санаатым. Эмээхсиним аһын сороҕор сирбитэ да буолларбын, ордук буолууһу быһыылаах. Харахпар бөппүрүөскэ уобуулаах асчыт хойуу баҕайы миини булкуйа турара, итииттэн кытарбыт сирэйэ көһүннэ.     Арай… арай… Бөппүрүөскэтин ол мииҥҥэ түһэрэн кэбистин…

Манна уочараты тутуһуннараллар эбит. Бастаан биэс эр киһи киирэр, онтон биэс дьахтар киирэр. Сол курдук, уочарат ууга устан иһэр оҥочолуу  аргыый аҕай баран иһэр. Бэрт түргэнник түһэрэллэр, элбэх киһини көрө үөрэммит дьон буоллахтара.

“Нуорма” диэн бэчээттээх кумааҕыбын улахан докумуон курдук тутан, дьиэм диэки бардым. Сөптөөх сырыы буолла. Урут сэбиэскэй кэмҥэ рентгеҥҥэ түһэрээччини дэриэбинэҕэ кэллэҕинэ “тыын, тыыныма!” диэн хос ааттааччылар. Дьиҥэ, олус суолталаах үлэһит. Тыҥата үчүгэй киһи доруобуйата да этэҥҥэ буолар ини, биһиги курдук тыйыс-тымныы дойдуга. Онон сыл аайы рентгеҥҥэ түстэхпинэ табыллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1