Бу саба халыйан тахсыбыт абааһы буруо боруоҥхам иҥэн-олорон хаалбыт ыарыытын көбүтэн, сөтөл дэлби киирэн тыыным хаайтаран, олох да буорайыах киһи “бэйэм эмтиэкэ” диэбиккэ дылы, эмээхсиммин хаһыытаппытынан ыстакаан аҥаара аһыы утаҕы дэлби биэрэстээн баран “ньис” гыннаран, куолайбынан, боруоҥхабынан ол-бу бахтыарыйаны, ыарыы биируһун дэсинпиэксийэлиир-өлөрөр, ыраастыыр итиинэн илгийэр, сылааһынан салыыр кыраадыстаах, өлбөт-мэҥэ сүүрээн тоҕо солоон ньиргитэн киирэрин астына аһарынан баран, үллүнэн-саптынан, муора сылаас долгунугар күөгэлдьийэ бигэнэн эрэрдии чэпчээн түлэй-балай, ыыс-быдаан дойдуттан тэйдэр-тэйэн бардым.
Түүл түһүүбүн быһыылаах. Остуоруйа дойдутугар тиийэн хаалбыппын. Таал-Таал эмээхсин эрэйдээх килэгир мууска халтарыйан өттүгүн үлтү түһээхтээтэр да, өрө көрөн саҥара-кэпсэтэ сытаахтыыр:
– Былыт-Былыт, ханна ыксаан итиччэ түргэнник устаҕыный? Тохтоон, налыйан илгэлээх ардахта түһэриий, бу килэгир мууһу уулларыый. Оччоҕуна Күөл-Күөлүм барахсан долгунугар уйдаран уһуннаран кытыыга таһаарыа этэ.
– Тыал-Тыал баар, күүстээх-уохтаах, талбыт сиригэр үүрэр-кыйдыыр, биир сиргэ тохтоппот, туруорбат – Былыт-Былыт арҕаалаан, ырааттар-ыраатан, Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү диэки уста турда.
– Тыал-Тыал, бааргын дуо, күүстээххин дуо? – аны мин ыйытааччы буоллум.
– Күүһүм ханна барыай, Өндөл Мэҥэ халлаан, Киҥкиниир киэҥ куйаар устун ардаҕы-хаары, былыты-буруону, тымныыны-куйааһы ханна баҕарар үүрэбин-кыйдыыбын. Илин ыалларгыт кытайдар, амырдар, хабаарабыскайдар уокка умайан, тыын харбаһан буорайаары гынаннар, арыый дьайҕардан, буруоларын-тарааларын эһиэхэ, киэҥ халлааннаах Саха сиригэр үүрэн аҕаллым. Эһиги даҕаны тумнаста-чачайа түһүҥ. Һа-һа-һаах! – Тыал-Тыал киминэн да, тугунан да уодьуганнаммат кыаҕар, күүһүгэр эрэнэн алларастыы күлэн, халлаан көстүбэт ыыс-быдаанын хойуннаран сирилэтэ турда.
Дэлби кыйаханан: “Тыал-Тыал дьиккэр, эйигиннээҕэр кыахтаах, күүстээх иэгэйэр икки атахтаах иннин ылыаҥ суоҕа. Былыты сиэтэ сылдьан ардахтатабыт, эйигин да муннугун чурумчулаан, сыһытар, уодьуганныыр күүс көстүөҕэ!” – уһукта биэртим, атаҕым иҥиирэ тардан ыйылыы, ынчыктыы сытар эбиппин…