Биэтэс Билээхэп: «Туругурдун 1 Маай!»

01.05.2021
Бөлөххө киир:

Түүлэй түүнү супту түлүк түүлүм уһунуон… Илиим, атаҕым утуйан, иҥиирэ тардан, ханньары, иҥнэри тартаран ыйылаан-ыҥыранан, уһуктан биэрбэккэ сордоно аҕай сытабын. Өссө ханна эрэ, туох эрэ аймалҕаннаах-араллааннаах түмсүүгэ, били украиналар майдааннарыгар дуу, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин үгэнигэр Кыһыҥҥы дыбарыаска тоҕо көтөн киирээри анньыһа, өрүкүһэ сылдьар мотуруостар, саллааттар ортолоругар дуу баар буолан хаалбыт курдукпун.

Саҥата суох, бытаардыллан көрдөрүллэр киинэ курдук. Сирэйдэрэ-харахтара көстүбэт, саба бааммыт күлүктэр бөҕөлөр туох эрэ суруктаах былакааттары тэлимнэтэн, адаарыйбыт, хаппыт лабааларынан далбаатанан устаҥнаһан ааһаллар. Тыал-куус бөҕө, ыаһырбыт хараҥа халлаантан «тоһоҕо ардах» сирэйгин-хараххын сиритэ түһэрэ, санныгын-көхсүгүн тобулу охсоро ыарыыта олох биллибэт. Ким да дьыалайдаабат. Хайдах-хайдаҕый, эмиэ да Дьокуускайбар, Элиэнньин бэрэспиэгинэн хаамсан иһэр курдукпут…

«Өлбөөдүйбүт, өспүт Ыам ыйын 1 күнэ, түҥкэлий!» хараҕа үрүҥүнэн суруллубуту ааҕан, хайаа, 1 маайдыы сылдьар эбиппит буолбат дуо, соһуйабын. «Бары дойдулар үлэлээн иитиллээччилэрэ, үлэлээмэҥ, дьиэҕитигэр бүгүҥ! 10 хонук сынньалаҥ биллэриллэр!” бэрэспиэги туора-быһа тардыллыбыт былакаат ыраахтан дьэрэлийэн көстөр. Саха сиринээҕи украиналар түмсүүлэрин бөлөҕө «Голодранцы увсех стран, хэть до кучи!» суруктаах, солко ыстааннара тэлимнэһэн ааһаллар. Кэм да төттөрүтүн туойа сылдьаллар.Майдаанныы таҕыстахтара.

«Чума кэмигэр айбардааһын» курдук, тоҕо эмиэ маайдаан эрэбит, диэх курдук санаталаан ыллым.

“Хамсык дьаҥа үсүһүн өрө турда! Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 82 киһи covidынан сутулунна!”. «Дьокуускайга булгуччу мааскалаах сылдьыы эрэсиимэ биллэриллэр! Ааспыт нэдиэлэҕэ 49 киһи сүһүрдэ!» былакааттаах , көмүскэнэр таҥастаах-саптаах эмчиттэр бөлөхтөрө үрүҥ эһэлэр курдук бүгүллэхтэнэн ааһаллар. «Дьиэҕититтэн мээнэ быгыалаамаҥ, тутуохпут! Куорат таһыгар мустаргыт, маайдыыргыт-майыапкалыыргыт, сасылыыктыыргыт-тойдуургут бобуллар. Ыстарааптыахпыт!» суоһурҕанар-сэрэтэр суруктаах былаахтардаах ордуос полицейскайдар эрээттии хааман чиккэҥнэһэллэр.

«Биһиги аҕыйаатыбыт да буоллар, туохха да бэриммэппит!», «Уоттаах сэриигэ, ыар тыылга 100-нэн тыһыынча киһини сүтэрдэрбит, өлүүнү кыайбыттар өлбөппүт! Мэлдьи тыыннаах пуолка саллааттара буолан, сыл ахсын салгыы хаамсыахпыт!» хапсыгыр түөстэригэр кытара кыыһар баанчыгы иилиммит, мотуруос ырбаахыта эриэн тельняшкалаах кырдьаахтаабыт бэтэрээннэр, булгуруйбат хомуньуустар, тайахтарыгар да тэптэрдэллэр, хорсуннук-хоодуоттук хаамсаллар. Уот кыһыл былаахтара, луоһуннара хараҥа кэми, ыаһырбыт халлааны хайа суруйан, ыраахха диэри умайыктара кыыһар.

«Ол диэкиттэн сэрэниҥ!» диэн Элиэнньин оҕонньор тус илин ыйан турар пааматынньыгын анныгар үрдүк тырыбынаҕа өрөспүүбүлүкэ тойотторо, норуот дьокутааттара быһыылаах, байыаннайдар этэллэринии, химзащита таҥаһын саба тардыммыт кимнээх эрэ сутурук курдук үтүлүктэринэн далбаатыы хаалаллар…

«Туругурдун 1 Маай!»— хаһыытаабытынан уһуктан кэллим. Таһырдьа чэмэлийэн күн да күн. Ыт охсор киһи көстүбэт кураанахсыйбыт уулуссаларынан, арай, санаа-оноо баттыга буолан, муусука ытамньыйар…

Биэтэс Билээхэп

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0