Күлүмүрдэс күөх торҕоҕо сууланан сайыммыт үтүөтэ үгэннээн турар. Үрүҥ түүннэр алыптаах илгэлэригэр имэрийтэрэн, иинэҕэс кыыс нарын хахыйахчааннар, лагласпыт мааны дьахтар хатыҥнар үмүөрүһэ куустуһан, өрө тыына сипсиһэллэр.
…Үрүҥ түүн, үрүҥ түүн барахсан,
Үрүмэ халлааныҥ сылааһыан,
Мэйиибин эргитэр минньигэс
Мүөттээх салгыныҥ ырааһыан!
Ээ, Биэтэс түөһээҥки, “мүөттээх салгыны” аһара ыймахтаан, холуочуйбучча хоһоонунан этэр-тыынар буолбут дуу? Бэс ыйын ортото буолла, үрүҥ түүннэриҥ үрүмэ халлаана барыарбыт былытынан бүрүллэн, лүҥкүрэн ааһан эрэллэр. Сайыммыт үтүөтэ бүтэн эрэр, нэдиэлэ курдугунан күн кылгаан, халлаан хараҥаран барыа диэххит.
Кырдьык да оннук курдук, этэр эттэҕинэ эмиэ да сөп. Норуот дьылдьыттара Тускул да, Мускул да кыһын хаардаахтан кураан, куйаас сайын буолуо диэн билгэлээбиттэрэ ханна баарый, Өлүөнэ эбэбит эстиэҕиттэн хаҕыс тыалга истэри-тастары курдары үрдэрэн, тоҥон-дьагдьайан сайын үтүөтүн көрө иликпит. Ыччуу-ычча-аа! Бэс ыйыгар Бээчээн муннун үлүппүтүгэр дылы…
Дьылдьыттарбыт айылҕа-килиимэт дьаалатынан хамсааһынын кэтээн билгэлииллэрэ сөп буолуо. Ону баара, сайдыылаах сахалар, күммүтүн-дьылбытын халлааммытыгар ураҕастанаммыт бэйэбит талбыппытынан уларытар буоллубут. Сирбитин-уоппутун, хас эмэ уонунан мөлүйүөнүнэн гектардаах ойуурбутун-тайҕабытын уоттуу-уоттуу, ону умуруораарыбыт халлааммытын тоҕута ытыалаан оҥоруу ардаҕы – “Ардьакыап ардаҕын” түһэрэбит.
90-с сылларга “Илин эҥээр” ЭСЗ тэрилтэ салайааччытыгар Г.М.Артемьевка Чурапчыттан Аржаков диэн “сир түннүгэ” кырдьаҕас соҕуруу Италияҕа дуу, ханна дуу көтө сылдьан былыты сиэтэн аҕалан ардаҕы түһэрэллэр, биитэр кыйдыыллар, биһиги илин эҥээр кураайы улуустарбытыгар итинник дьаһанарбыт тоҕо кыаллыбатый, диэн боппуруоһу туруорбута. Кырдьаҕас бу идиэйэтин дойдуларын төлөннөөх патриоттара Ф.Г.Охлопков, академик В.П.Ларионов, Г.М.Артемьев иилэ хабан ыланнар, Владимир Петрович быһаччы өйөбүлүнэн Киин арэрологическай обсерватория, Бүтүн Арассыыйатааҕы Гидрометсулууспа, “Аква” тэрилтэ учуонайдарын, исписэлиистэрин тардан, кыттыһыннаран сааскы, күһүҥҥү былыттары ытыалаан илгэлээх ардахтары түһэрэн саҕалаабыттара. Кылаабынайа, сүрдээх көдьүүстээх, кэмчилээһиннээх ньыма: 1 тонна уу сиргэ түһэн иҥиитэ оччотооҕу сыананан 10 солк. ороскуотунан оҥоһуллубута.
Бу үтүө дьыала хас да сыллааҕыта сөргүтүллэн, айылҕа иэдээнин утары охсуһууга көдьүүһэ, туһата улахан. Онон доҕоттоор, тоҥору-хатары тулуйуоҕуҥ, туһалаах, быйаҥнаах “Ардьакыап ардаҕа” түстүн. Самаан сайыммыт барахсан өссө да икки ый курдук сандаарыйан, сылааһынан, куйааһынан угуттуо буоллаҕа…