Биэтэс Билээхэп: «…ТАРБАХТАРГЫН ОТРЕЖУ!”

10.07.2021
Бөлөххө киир:

Даачабыттан тэйбэт, ыырым кыараҕас оҕонньор, аҕыйах хонуктааҕыта дьон хайдах курдук айылҕа маатыска биэрэр быйаҥын сомсоллорун сөҕө-сүөргүлүү көрөн, кыһыйан, кэлэйэн кэпсииргэ соруннум. Инньэ, сэбиэскэй кэмтэн билэр, горсэбиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Коркин саҕаттан куорат дьаһалтатыгар, кэлин Ылдьаа Михальчукка олорон биэнсийэҕэ тахсыбыт додо курдук тойон соҕус киһи, кэбиис, аатын ааттаабаппын, улаханнык соһутта.

Ыаллар субу аҕай айаннаан кэлэн, тиэргэннэригэр сүөкэнэ, тэбэнэ-сахсына сылдьалларыгар түбэстим. Хаһаайын төһө да сааһырдар, «буорааҕа өссө да кураанаҕын» мэлдьи санатар, олоро түстэ да хаачыгырас-кыычыгырас «Хантерынан» ханна баҕарар айаннаан сыкырытар, аан дойдуну барыыр, «ыксаабакка айанныаҥ, ыраахха тиийиэҥ» диэн бириинсиптээх бадьыытал. Ойоҕо, кыргыттара толору сугуннаах биэдэрэлэри көҕөрдөн тэлгэһэ ортотугар чохчолуулларын, тэлгэтиллибит салаппааҥҥа тэллэй бөҕөтүн өрөһөлүүллэрин астына көрө, табаахтаан сыыйа олордо.

– Ок-сиэ, дьэ, отону-тэллэйи кыайбыккыт дии! Бу үлүгэрдээҕи ханан сылдьан хомуйдугут, күннээбит сахалар? – эйэргэһэр аҥардаах ыйыталаспыппар, киһим сөбүлээбэтэҕин биллэрэн иҥиэттэн эрэ кэбистэ:

– Киһи күннүүрэ туох баарый. Оҥоойу-бырдах аһылыга буоллахха оҥоойук туолар, илиигин араарбатаххына, сискин ууннардаххына иһит иччилэнэр. Отоннуур, тэллэйдиир да, бээ, сыанан аҕаабат. Сөрүүн даачаҕа тиэрэ түһэн сыттаххына, ким да эйиэхэ айаххар кутуо суоҕа.

Ыйыппыппын кэмсинэн, сатаан кэпсэтиэ суохпут диэн тэскилиэх курдук буолан истэхпинэ:

– Дьэ, аны маны аа-дьуо, – диэбитин истэн эргиллээччи буоллум. «Хайа, бу тугуй. Эс, ама дуо?» диэн көрбүппүн итэҕэйбэккэ айахпын атан аппаллан турдум. Уруккута додо курдук тойон киһи массыынатын кэлин аанын аһан, бэйэтэ көстүбэт үлүгэр кытара кыыһар хаптаҕас угун түүтэх бурдук курдук хам кууһан мадьалытан илдьэн дьиэ ойоҕоһугар күлүк сиргэ «сарк» гына бырахта. Итинник иккиһин, үсүһүн кырынна.

– Дедаа, эһээ, бу мин эмиэ аҕаллым, – сэрбэллибит 4-5-тээх сиэнэ уол хап-хара лоһугурас отоннордоох моонньоҕон хас да угун тоһута тутан соруктаах бэйэлээхтик аҕалан уунан эрдэҕинэ кэтэхчээнин тыаһа «лас» гына түстэ.

– Дурраак, ты что наделал?!— маргынаал өрө баргыйа түстэ.

– Ты тоже итиччэ элбэҕи тоһуппуккун дии, — сиэнэ хайҕанарын оннугар кэтэххэ бэриллэн, күргүйдэнэн ытаан сыҥсырыйан барда.

– Мин ким да үүннэрбэт дьиикэй ойууртан аҕаллаҕым дии. Эн буоллаҕына бэйэлээх-бэйэбит, даачабыт киэнин тоһутаҕын. Аны итинник гынан көрөөр эрэ, тарбахтаргын отрежу! — сатамматах быһыыны көрөммүн, истэммин, салламмын, кэлэйэммин атахха биллэрдим.

Буолар да эбит. Кэннибэр күннээбит сахалар күөх ньаассын тэлгэһэлэригэр, итинниктэр этэллэринэн, дьиикэй айылҕабыт имири хомуллубут уйгута быйаҥ алла хаалла…

Биэтэс Билээхэп

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0