Биэтэс Билээхэп: Түһээн да баттаппакка сылдьыбыппын

10.11.2020
Бөлөххө киир:

Субуота – миэхэ үгэс буолбут уоптабайдаһар күнүм. Кэлэр нэдиэлэ устата айахпытын хамсатарбытын оҥостон тиийэн ырыынактан атыылаһар күнүм. Үөрэнэн хаалбыппын.

 

Эмээхсиним испииһэк суруйбут ытыс саҕа кумааҕытын, ууммут харчытын ис сиэппэр кичэйэ уктан, онуоха-маныаха диэри хапсыгыр үрүксээкпин сүгэйдээн, тайахтанан-таймаланан чугастааҕы ырыынакпар айанныыбын.
«Лэгийиэҥҥэ» бэйэ киһитэбин, бэйэлэрэ этэллэринэн «бэтэрээн потребительбин». Атыылааччы дьахталлар сүнньүнэн тугу, төһөнү ыларбын бэйэбинээҕэр билэллэр, кэҕиҥнэһэн эҕэрдэлии көрсөллөр. Ыйаан, суулаан, өссө үрүксээкпэр уган, онтубун сүктэрэн биэрээччилэр.
Наадабын ситэн, үгэспинэн Кыайыы болуоссатын устун ыраас салгынынан тыына, астына хааман иһэн, Умуллубат уот таһыгар сыбаайбалаахтар үөрэ-көтө аймалаһалларын, хаартыскаҕа түһэллэрин, кыынньыбыт сампааныскай тоҕута тэбэрин курдук, эдэркээн, кыраһыабай уоллаах кыыс дьоллорун үлүскэнэ таһынан дьалкыйан, имэҥнээхик уураһалларын-сыллаһалларын, куустуһан-көтөхсөн кулахачыһалларын ымсыыра-ордугургуу, кэрэхсии-сэҥээрэ көрөн аппаллан турдум. Аттыларыгар араас бэйэлээх омук массыыналара төлө көтөн көтө сатыыр араас өҥнөөх саардарынан, сибэкки дьөрбөлөрүнэн киэргэтиллэн, атын бэйэлээхтик килэбэчиһэ, кылабачыһа тураллар. Харах үөрэр, сүрэх иэйэр, санаа көтөҕүллэр түгэнэ буоллаҕа, дьоллоох Дьокуускайбытыгар өссө биир ыал эбилиннэҕэ!
Бу туран бэйэм сыбаайбалаабытым санаа киинэтэ буолан, үөдэн түгэҕиттэн көстөн кэллэ. Оруобуна баччаҕа этэ. Табаарыспынаан Өлөксөйдүүн эбэбитин сатыы туораан куоракка Петр Алексеев уулуссатыгар турар, оччолорго сыбаайба тэрилин атыылыыр соҕотох «Счастье» диэн маҕаһыынтан нэһиилэ көрдөһөн-ааттаһан, кыыспар сыбаайба үп-үрүҥ былаачыйатын, фата диэн төбөҕө иилиллэр түү курдук былааты атыыласпыппыт. Нуучча дьахталлара «куоракка бэрэпиискэлээх дьоҥҥо биэрэбит, туора дьоҥҥо биэрбэппит» диэн ыксатан-ыгылытан баран, тиэриллибит хаатыҥкалаах, тэлэгириэйкэлээх, өрүһү сатыы туораан кэлбит тыа уолаттарын син аһыммыттара быһыылаах, ааттаспыппыт-көрдөспүппүт да бэрдэ, хотуннарыгар өссө 25 солкуобайдаах кумааҕыны кистии-саба туттарбытым, төлө ыһыктыбыттара. Инньэ гынан сарсыныгар сыбаайбалыахтаах тапталлаахпар кыл-мүччү кийиит былаачыйатын кэтэрдибитим. Дэриэбинэбит олохтоохторо самнархай кулууппутугар ыы-быччары
симиллэн, ыччат-хомсомуолускай сыбаайбаны ньиргиппиппит баара.
Бээ эрэ, бүгүн субуота, сэтинньи 15 күнэ. Бабат-татай, оо, түөһээҥки, сыбаайбалаабыт күммүт буоларын түһээн да баттаппакка сылдьар эбиппин буолбаат. Эмээхсиним барахсанныын хайыы-үйэҕэ 48 сыл «эн-мин» дэһэн олорон кэллэхпит. Сыбаайбалаан баран, икки көстөөх сиргэ сиэлсэбиэккэ саахсалана диэн тохсунньу торулуур тымныытыгар, 50-тан тахса кыраадыска, туос-сатыы баран-кэлэн тоҥон өлө сыспыппыт эмиэ баара. Оччотооҕу уонна билиҥҥи…
Тыый, ону-маны үөтэн, аныгы сыбаайбалаахтарга ымсыыран, аппаллан тураары гынным дуу. 48 сыл ыстаастаах «күтүөт» тапталлаахпар – эмээхсиммэр тиийэ охсуум…

Биэтэс Билээхэп

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0